"Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр"
Сарсыарда аһыыгын дуо?🍽
Баһаалыста санааҕытын суруйаргытыгар көрдөһөбүн.
Эһиги хоруйдаргытыттан көрөн, инникитин БЭЙЭ ТИЭРГЭНИТТЭН ХАЙДАХ ДОРУОБУЙАҔА ТУҺАЛААХТЫК АҺЫЫРГА рубрика арыйыахпын баҕарабын.
#тыасирэ #доруобайас #бэйэаһа #тиэргэнаһа

Чыыр. Усуйаана чыыра. Кыһын ылбыппыт. Үчүгэй морозильнай камералаах буолан, амтанын сүтэрбэккэ сытар.
Олус минньигэс уонна туһалаах балык. Этэ сымнаҕас, чэпчэки, битэмииннэринэн баай. В битэмиинэ элбэх буолан, эти-хааны бөҕөргөтөр, мэйии үлэтин хааччыйар. Иккиһинэн, никель, сиэрэ, кальций, цинк, хром уо.д.а. элбэх микроэлэмиэннэрдээх. 150 кыраамы сиэтэххинэ, күннээҕи нуормаҕын хааччыйар. Үсүһүнэн, белога элбэх, углевода суох буолан, ыйааһын түһэрэргэ көмөлөһөр. Ити бүтүннүүтэ киһи иммунитетын тута сылдьарын хааччыйар, тымыры уонна сүрэҕи бөҕөргөтөр, ырарга эттиктэр атастаһалларын сүрүннүүр, диэн Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет профессора Константин Степанов СМИ-гэ кэпсээн турардаах.
#доруобайас #тускартуһан

"Ас-үөл - 2023" быыстапка-дьаарбаҥка сарсын саҕаланар.
10 күннээх тэрээһиҥҥэ кыстыыр аскын ылынарыҥ таһынан, хаһаайыстыбаны бэйэҥ хайдах тэринэн, онтон бэйэ аһын хайдах сомсон ылар туһунан маастар-кылаастарга кыттыаххын сөп.
Бу күннэргэ сири кытта үлэлиир практиктартан, тыа хаһаайыстыбатын чинчийэн үөрэтэр наука үлэһиттэриттэн сүбэ ылыахха сөп.
Олохпут хаачыстыбата, бастатан туран, аһыыр аспытыттан олус тутулуктаах. Онон бу эһиэхэ анаан өрөспүүбүлүкэ аграрийдара, фермердара биир сиргэ түмсэн, тэрийэр дьаһалларыгар кыттыҥ, көрүҥ, билиҥ уонна тускутугар туһаныҥ✅
#доруобайас

"Катялаах Полинаҕа махтал-таптал 🧈🍶😋😘 Партизан арыыта, ордугар өссө убатыллыбыт сүөгэй кэллэ. Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр диэн телеграм-ханаалы сөбүлээн ааҕабын. Тыа сиригэр олох таһымын хаачыстыбата үрдүүрүгэр анаммыт суруйуулар үгүс киһиэхэ көмөлөөхтөр дии саныыбын. Салгыы суруйуҥ, маннык оонньууларда ыытан иһиҥ", - диэн эттэ Намтан Аанчык уонна хаартыска ыытта.
#тыасирэ #бэйэаһа #доруобайас
#тыасирэ #бэйэаһа #доруобайас
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Саҥаспар төлөпүөннүү сырыттым. Дьиэ иһинээҕини кэпсэттибит, убаһа субай хаанын кутан атыылаабыппын, арыылыырбын эттим. Урут сатаабаппын сатыыр буолан, өссө атыыга таһаарар буолбуппун киэн тутта кэпсээтим.
Саҥаһым арыыҥ уутунан БУТУГАС оҥорор инигин диир. Тугуй ол диибин, үрүҥ аһы сиэбэт буолан билбэтим да үгүс.
Онон бу сырыыга бутугас оҥорон көрдүм.
Бутугас
Ирдэниллэр: 1 лиитирэ арыы уута, 4 остолобуой ньуоска бурдук.
Хайдах бэлэмниибит: арыы уутун ытыйа-ытыйа оргутуллар. Кыралаан бурдук эбэбит. Оргуйаатын кытта оһохтон ылабыт. Итиилии эбэтэр сойутан баран иһиллэр.
Мин арыым уута 250 гр буолан, биир ньуоска бурдук куттум👍
#доруобайас #бэйэаһа

Саха эбиэттээн эрэр😋
Дьыл ортото. Хаһаас ас ортото буолбутун хоспоххо тахсан көрдүбүт👀 этэҥҥэ.
Күн сылытар буолбут. Сотору салгын сииһик, онон ээр-сэмээр суулаан, сыа-сым курдук тутан, окко сиири туора уурар кэм кэлииһик.
#доруобайас #сахааһа
Дьыл ортото. Хаһаас ас ортото буолбутун хоспоххо тахсан көрдүбүт👀 этэҥҥэ.
Күн сылытар буолбут. Сотору салгын сииһик, онон ээр-сэмээр суулаан, сыа-сым курдук тутан, окко сиири туора уурар кэм кэлииһик.
#доруобайас #сахааһа
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүн бастакы толору үүммүт оҕурсубутун быстыбыт🤩☀️👍
Дууһалыын үөрдүбүт❤️
Киэһэ аска оҕурсу быстыбыт, хаан буһардыбыт, эттээх бэрэски бэллэҥнэттибит, сымыыт сиэтибит.
Дьиэлээх хаһаайын бааһынатыттан кэлэн, аһыы олорон маннык эттэ: "Көрүҥ оҕолор, аспыт барыта бэйэбит киэнэ. Арай бурдук эрэ маҕаһыынтан ылыллыбыт. Сэлиэһинэй бурдук үүннэриэхпитин наада эбит. Оччоҕуна маҕаһыын да наадата суох. Доруобай да буолабыт".
Чэ, итинник кэпсэтэ-ипсэтэ минньигээс-минньигэстик аһаатыбыт🌿🌿🌿😋😋😋😋

Оҥордум ээ👏🏻😅 «Кто молодец? Я молодец!» диэхпэр дылы🤩
Ыалым Лидия ырысыабынан бастакы перецтээх салааппын оҥорон тоҥорбутум, типо "шоковая заморозка"❄️❄️❄️
Онтон бу ☝🏻☝🏻☝🏻 простая квашеная капуста диэн эбит. Винегрет оҥорорго, атын да хортуоппуйдаах, горохтаах салааттары оҥорорго онно эбэн биэрдэххэ ааттаах дииллэр. «Интернет в помощь» дииллэрин курдук.
Кэргэним "Дьэ, бэрт. Мин да күүтэ сатаатым", - диэн мотивациялаата😅🤩 Сөбүлүүрүн эппитэ ыраатта. Убаһа этин кытта оһуобай диэбитэ, чахчы, хас да сыл буолла😀 онтон мин сөбүлээбэппин оҕо эрдэхпиттэн, дьэ сөбүлүүр буоларым дуу🤭
Кылаабынайа, оҥордум❤️
Кулинарнай блог😅
#хаһаасас #тыасирэ #доруобайас #асайдаана