"Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр"
555 subscribers
907 photos
153 videos
4 files
113 links
👩🏻‍🌾 Бырайыак үлэлээбитэ үһүс сыла. 2021 сыл кулун тутар 17 күнүгэр стартаабыппыт. ЯСИА-ҕа хас чэппиэр ахсын 15.30 чааска фермердар үлэлэрин, тыа сирин сайыннарыыга тосхоллор тустарынан нууччалыы тылынан суруйабыт. Манна - сахалыы. Бииргэ буолуохха
Download Telegram
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Минсельхоз Ресурснай киинин өҥөнү оҥорууга отделын салайааччыта Майя Гуляева иһитиннэрбитинэн, "Агростартапка" уонна "Дьиэ кэргэн фермата" куонкурустарга кыттыыга бизнес-былааны суруйууга САЙААПКАНЫ хомуйуу салҕанан бара турар.

Киин исписэлиистэрэ сайаапка быһыытынан БП босхо суруйаллар, сүбэлииллэр, көмөлөһөллөр.

Майя Степановна информациятын истиҥ эрэ.

Минсельхоз аадырыһа: Дьокуускай, Курашов уулуссатын 28 нүөмэрдээх дьиэтэ.

Куонкурустар барыллаан муус устар-ыам ыйа ыйдарга буолаллара былааннанар. Ол иннинэ докумуон тутуута.

#агростартап #село #тыасирэ #минсельхозрся
"Агростартап" муҥутуур сууматын кээмэйэ 7 мөл солк буолуон сөп.

Ол туһунан РФ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин телеграм-ханаалыгар сурулунна. Бэҕэһээ "Норуот пиэрмэрэ" ассоциация чилиэннэрин кытта биэдэмистибэ салалтата көрүстэ.

Миниистири бастакы солбуйааччы Оксана Лут эппитинэн, пиэрмэрдэри уонна кооперацияны өйүүргэ көрүллэр суума быйыл улаатта, 12 млрд солк-тан 14 млрд солк-га тириэрдилиннэ. Бу "Агростартап" муҥутуур сууматын кээмэйин 7 мөл солк диэри улаатыннарыыга эмиэ кыах биэриэҕэ.

#агростартап #село #минсельхоз #сельскоехозяйство #агробизнес
РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин Агростартап граныгар биир киһиэхэ көрүллэр муҥутуур суума кээмэйэ 7 мөл солк буоларын туһунан быһаарыы ылыныллыбытын иһитиннэрдэ.

Ити эрээри бу сууманы үүт уонна эт оҥоруутугар анаммыт бырайыактаахтарга бэриллэр диэн чуолкайдаабыттар.

#агростартап #село #агрогранты
Кини төрөөтө дии😍 2023 сыл бастакы ньирэйэ

Кыыс🤩

Марта диирбит дуу😅

#тыасирэ #село
РФ минсельхоһа иһитиннэрбитинэн, 2023 сылга Агростартап программанан Россияҕа 850-тан тахса бырайыагы өйүөхтэрэ.

Онно анаан дойду үрдүнэн 3 млрд солк тыырылынна.

Быйылгыттан эт-үүт оҥорон таһааран, тыа сиригэр дохуот аахсар, саҥа үлэ миэстэтин таһаарар туһунан бырайыактаахтарга муҥутуур суума 7 мөл солк быһылынна. Эрдэ бу суума 5 мөл солк этэ.

#агростартап #село #агробизнес #нацпроектпутина
Бүгүн “Агротуризм” федеральнай программа куонкурсугар Саха сириттэн үс тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорон таһаарааччы видео-сибээс нөҥүө кыттыыны ылла. Куонкурсу Россия тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ ыытар, Москваттан регионнары кытта быһа холбоноллор.

ИП-бааһынай хаһаайыстыба баһылыга Чемезов Руслан Владимирович “Агроусадьба “Быйаҥнаах\ Изобилие” (Горнай улууһа), СПК “Сайдыы” “Дары крутого Яра реки Индигирка” (Абый улууһа) уонна ИП-бааһынай хаһаайыстыба баһылыга Ионов Сидор Ионович “Экоферма “Луксугун” (Бүлүү улууһа) диэн үлэлэринэн кытыннылар. Ол туһунан тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.

РФ регионнарыттан барыта 41 хаһаайыстыба кыттар. Куонкурус үс күн ыытыллар. От ыйын 26-27-28 күннэрэ. Сахалар бүгүн кэпсээтилэр. Испииһэги көрдөххө саамай элбэх кыттааччылаах Алтай Өрөспүүбүлүкэтэ буолар.

Түмүк аныгыс нэдиэлэҕэ тахсар.

#агротуризм #якутия #село #минсельхозрся
«Развитие семейной фермы» грант Бэрээдэгэр уларыйыыларга онлайн-семинар буолар. Ол туһунан тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.

"Электронный бюджет" систиэмэҕэ хайдах регистрация ааһартан саҕалаан, талыы куонкурсугар сайаапка-докумуоннары ыытар туһунан практикум буолуоҕа дииллэр тэрийээччилэр.

Семинар сарсын бэс ыйын 27 күнүгэр буолар, 10:00 чаастан саҕаланар, 12:00 чааска бүтэр.

Бу сигэнэн киирэн көрөҕүт, истэҕит: https://oou106.ktalk.ru/aw1owpkfrp45

Кыттаргыт туһунан сайаапкаҕын ыыта илик буоллаххына, бу электроннай почтаҕа суруй: [email protected].

Ыйытыылардаах буоллаххына манна эрий: 88001002526, 89148203108.

#семейнаяферма #село
"Семейнайдар" биллибиттэр эбит дии диэн буолла.

Атырдьах ыйын 13 күнүгэр киирбит сайаапкаларынан талыы буолбут. Онтон атырдьах ыйын 19 күнүгэр тыа хаһаайыстыбатын миниистирин бирикээһэ тахсыбыт.

10 киһи субсидия ылар буолбут, ол иһигэр Чурапчы, Жатай, Нам, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Кэбээйи, Амма, Хаҥалас хаһаайыстыбалара бааллар.

Уопсай суума 90 мөл солк тахса. Саамай элбэҕи ылбыт хаһаайыстыба суумата - 20 мөл солк тахса. Кыра - 5 мөл солк.

Федеральнайдааҕы харчыга эбии өрөспүүбүлүкэ 5 мөл солк укпут, итиэннэ хаһаайыстыбалар тус харчыларын кыттыһыннараллар.

Президент Владимир Путин көҕүлээбит национальнай бырайыактарыттан биирдэстэрэ - "Предпринимательство" диэн буолар. Ол чэрчитинэн тыа хаһаайыстыбатыгар дьиэ кэргэн ферматын сайыннарыыга уонна саҥа саҕалааччы фермердары көҕүлүүр граннар көрүллэллэр.

#нацпроектыпутина #семейнаяферма #село #гранты
2025 сыллааҕы өрөспүүбүлүкэ бюджетын былаана оҥоһуллар.

Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар, былырыыҥҥы курдук, 15 млрд солк оннунан хаалыахтааҕа этилиннэ. Ол туһунан туһааннаах салаа миниистирэ Артем Александров бүгүн Ил Түмэн мунньаҕын кэннэ иһитиннэрдэ.

"2030 сылга диэри ылыллыбыт судаарыстыбаннай бырагыраама туолуутугар депутаттар бастакы ааҕыыга быйылгы дьылга 8 млрд солк аһардылар. Ити эрээри мин бюджет былырыыҥҥы таһымыттан, ол эбэтэр 15,7 млрд солкуобайтан быйыл кыччатыллыбатыгар эрэллээхпин ", - диэтэ миниистир, суруйда биэдэмистибэ пресс-сулууспата.

#тыахаһаайыстыбата #село