"Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр"
555 subscribers
907 photos
153 videos
4 files
113 links
👩🏻‍🌾 Бырайыак үлэлээбитэ үһүс сыла. 2021 сыл кулун тутар 17 күнүгэр стартаабыппыт. ЯСИА-ҕа хас чэппиэр ахсын 15.30 чааска фермердар үлэлэрин, тыа сирин сайыннарыыга тосхоллор тустарынан нууччалыы тылынан суруйабыт. Манна - сахалыы. Бииргэ буолуохха
Download Telegram
Бүгүн Бэчээт күнэ. Бу күн Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ суруналыыстыкаҕа 30 сыллаах үлэбин сыаналаата. Маннык наҕараада тутарбын билбэтэҕим.

Бэҕэһээ эбиэт кэннэ министиэристибэ пресс-сэкирэтээрэ Анна Сергучева телефоннаата уонна “Полина сарсын суруналыыстары наҕараадалааһын бырааһынньыгар кэлэр инигин”, - диир. Мин ол тэрээһиҥҥэ ыҥырыллыбатах буолан, “Кэлбэппин, ыҥырыгым суох”, - диибин. Онуоха кыыһым: “Министерство ыҥырар, кэлэҕин булгуччу, эн соҕотоххун”, - диэн өссө тоһоҕолоон биэрдэ.

Онон халадаайбын кэтэн, идэлээх бырааһынньыкпар тиийдим.

Инновация министиэристибэтэ, Суруналыыстар сойуустара Бэчээт эйгэтигэр уһулуччу үлэлиир дьону ыҥыран, наҕараадалары туттардылар, үөрбүт-көппүт киһи элбэх. Салгыы Култуура министиэристибэтэ таҕыста, эмиэ наҕараадалаата.

Онтон Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччыта Петр Попов трибунаҕа ыҥырылынна. Тыа сирин сайдыытын, үлэ дьонун туһунан кэпсээтэ, бэчээт үлэһиттэрин сыралаах үлэлэрин үрдүктүк сыаналыылларын эттэ.
Онтон диктор куолаһа: “Награждается...” диэн саҥарбытыгар, миигин соҕотоххун диэбиттэрэ диэн, олбохпуттан хорос гынан истэхпинэ (саатар тэйиччи олорбутум), диктор салгыы: “Знаком “Отличник сельского хозяйства Республики Саха (Якутия)”, - диэбитигэр, төттөрү олордум, миигин буолбатах эбит диэн. Хороҥнуу олорорбуттан кыбыстан ыллым.

Арай... мин ааппын этэллэр. Чахчы соһуйдум, долгуйдум.

Министиэристибэ салалтатын илиититтэн наҕараадабын тутан баран, тыа сирин сайдыытыгар туруулаһар суруйууларбын, пиэрмэрдэр кыһалҕаларын аһаҕас кэпсэтиилэргэ таһаарбыппын, аграрийдар ситиһиилэрин холобур гынан кэпсээбиппин, судаарыстыбаннай бырагыраамаларга тыа сирин олохтоох дьоно кыттан, дохуоттаналларыгар ыйан-көрдөрөн суруйбуппун сыаналаабыттарыттан, чахчы, үөрдүм. Бу аата министиэристибэ дьоҥҥо чугас.

Мин суруналыыс быһыытынан салалта уонна уопсастыба ардыларыгар уурар муостабын сөптөөҕүнэн ааҕар.

Махтанабын эһиэхэ, тыа сирин олохтоохторугар, үлэһит дьоҥҥо. Үлэҕит уопутуттан атыттарга билиһиннэрэргитигэр. Махтанабын мин суруйууларбын ааҕаргытыгар, мин суруйууларбар бэйэҕит ыйытыыларгытыгар хоруй буларгытыгар. Махтанабын министиэристибэ бары үлэһиттэригэр – дьон мунаахсыйар ыйытыыларыгар эппиэти тутатына биэрэргитигэр.

“Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр” бырайыак үлэлээбитэ үһүс сыла саҕаланна. Ол тухары биирдэ да биир да ыйытыыбар хоруйа суох хаала иликпин.

Мин бэйэм 1992 сыл ахсынньы 23 күнүгэр Үөһээ Бүлүүтээҕи култуура управлениетын бирикээһинэн “Хотун Бүлүү” телерадиостудияҕа дикторынан үлэм саҕаламмыта. 1993 сыллаахха СГУ-ка суруналыыстыка салаата арыллыбыта, онно үөрэнэ киирбитим. Ол күнтэн харыс да сыҕарыйбакка суруналыыстыкаҕа баарбын. Ол мин киэн туттуум.

Бастаан Үөһээ Бүлүү курдук улахан улууска суруналыыс быһыытынан хатарыллабын, онтон Булуҥ улууһугар Бэчээт департаменын салайааччыта Филипп Пестряков бирикээһинэн кылаабынай эрэдээктэринэн ананабын. Арктика кытылын биир уратылаах оройуонугар 5 сыл 5 ый, 5 хонук үлэлиибин.

Куйаас сайыннаах, томороон тымныылаах Сахабыт сирин үлэһит дьоно: сүөһү, сылгы иитээччилэр, табаһыттар, балыксыттар, оҕуруот олордооччулар, олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарааччылар олохторо, кинилэр кыайыылара-хомолтолоро, тыа сиригэр эдэр исписэлиистэри олохсутууга бырайыактар, судаарыстыбаннай бырагыраамалар үлэлэрэ барыта тиһиллэн, сүүһүнэн ыстатыйа сурулуннаҕа... 30 сыл тухары...

2015 сылтан “Сахамедиа” хампаанньаҕа күн баччатыгар диэри үлэлиибин. “Улуус олоҕо” бырайыагым “Улусмедиа” толору бырааптаах сайт буола үүммүтэ, салгыы “Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр” бырайыагым үлэлиир. Махтанабын тэрилтэбэр.

Үлэ – чахчы сыаналанар!!! Үлэ сылыгар үлэнэн дьоллоох буолуохха, оччоҕуна кыайыы бары өттүнэн баар буолуоҕа!!!

#фермергода2022 #минсельхозрся #тыасирэ #үүнэсайдатурсахамсирэ #үлэсыла
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сүөһү иитиигэ, пиэрмэрдэри, кээпэрэтииптэри кытта үлэҕэ Департамент салайааччыта Николай Питимко социальнай ситимнэринэн быһа тахсан, дьон ыйытыытыгар эппиэттээтэ.

Тыа сирин олохтооҕун интэриэһин тардар "Агростартап" уонна "Дьиэ кэргэн пиэрмэтэ" бырагыраамалар тустарынан ыйытыы баар буолара биллэрэ🤗

Салайааччы эппитинэн, куонкурустар муус устар, ыам ыйа ыйдарга буолаллара былааннанар

2023 сылга "Агростартапка" 92,2 мөл солк, "Дьиэ кэргэн пиэрмэтигэр" 126,5 мөл солк көрүллүбүт🛠

Питимко кыттыан баҕалаах дьону эрдэттэн бэлэмнэнэргитигэр сүбэлиир🙌🏻

Хаартыскаҕа "Агростартап-2022" кыайыылааҕа саҥа тыраахтырынан от тиэйиитигэр өҥө оҥорор

#тыасирэ #минсельхозрся #агростартап2023 #семейнаяферма2023
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Минсельхоз Ресурснай киинин өҥөнү оҥорууга отделын салайааччыта Майя Гуляева иһитиннэрбитинэн, "Агростартапка" уонна "Дьиэ кэргэн фермата" куонкурустарга кыттыыга бизнес-былааны суруйууга САЙААПКАНЫ хомуйуу салҕанан бара турар.

Киин исписэлиистэрэ сайаапка быһыытынан БП босхо суруйаллар, сүбэлииллэр, көмөлөһөллөр.

Майя Степановна информациятын истиҥ эрэ.

Минсельхоз аадырыһа: Дьокуускай, Курашов уулуссатын 28 нүөмэрдээх дьиэтэ.

Куонкурустар барыллаан муус устар-ыам ыйа ыйдарга буолаллара былааннанар. Ол иннинэ докумуон тутуута.

#агростартап #село #тыасирэ #минсельхозрся
Дьиэ кэргэн ферматын сайыннарыыга грант биэриитин уларытыылардаах Бэрээдэгэ таҕыста, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатынан бигэргэннэ. Докумуоҥҥа бэрэссэдээтэл Андрей Тарасенко илии баттаата.

Грант ылыыта куонкурус бэрээдэгинэн барар. Хамыыһыйа көрүүтүгэр сайаапканы кытта докумуоннары туттарыллар: сайаапка, пааспар, бааһынай хаһаайыстыбаны тэринии туһунан сөбүлэҥ, бизнес-план, презентация... барыта 18 пуун баар.

Сыаналааһын баалынан барар. Критерийдары карточкаларга көр.

#минсельхозрся #семейнаяферма #тыасирэ #агробизнес #якутия
Сидор Ионов - Бүлүү улууһун Эбэ сэлиэнньэтигэр "Уйгу" кээпэрэтииби салайар.

Үлэлээбиттэрэ ырааппыт. Минсельхоз тыа сиригэр хаһаайыстыба тэринэн, дохуот аахсан, дьону үлэлэтэргэ анаммыт бырагыраамаларынан Ионовтар бэйэлэрин кэмнэригэр өйөбүл ылбыттар. Онтон тирэхтэнэн, билигин өрөспүүбүлүкэҕэ тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыынан дьарыктанар бастыҥ тэрилтэлэр ахсааннарыгар киирсэллэр.

Былааннара да киэҥ, үлэлииргэ баҕа баһаам.

Күн бүгүн убаһа, сүөһү, сибиинньэ этиттэн кэнсиэрбэлэри астаан таһааран эрэллэр.

#тыасирэ #минсельхозрся #вилюйскийулус
Кулун тутар 23-24 күннэригэр, “Семейная ферма” дьиэ кэргэнинэн ферма тэриммиттэргэ грант биэриитигэр программа куонкурса буолар. Минсельхоз тэрийэн ыытар.
Быйыл 67 сайаапка киирдэ. Уопсай суумата – 126,5 мөл солк. Бизнес-былаан муҥутуур суумата – 15 мөл солк.

Быйыл Үөһээ Халыматтан, Дьааҥыттан тиийэ бааллар.

“Семейная ферма” – федеральнай программа, В.В. Путин көҕүлээбит 12 национальнай бырайыагыттан биирэ.

“Буоларын курдук, сайаапка биэрээччи элбэх. Тыа сиригэр үлэлэринэн бэйэлэрин көрдөрбүт бөдөҥ хаһаайыстыбалар бааллар. Кинилэри сэргэ саҥа тэриммит дьоҕус фермалар эмиэ киирсэллэр. Быйылгы бэрээдэккэ уларыйыылар бааллар. Ол курдук, урукку өттүгэр хайаан да 3 үлэһити ылыахтаах эбит буоллаҕына, билигин бизнес-былааныгар суруллар суума 10 мөл. солк. – 1 үлэһити ылар. Итиэннэ Арктика олохтооҕо эбии 10 баалы сурунар”, - диэн иһитиннэрдилэр минсельхозка.

Программа 2012 сылтан үлэлиир, уопсайа 261 КФХ грант ылла, уопсай суума 1,4 млрд солк.

#минсельхозрся #нацпроектпутина #семейнаяферма #агрогрант
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
"Семейная ферма" грант куонкурса салҕанан барар. Эбиэт кэннигэр хамыыһыйаҕа бэйэлэрин бизнес-былааннарын бырайыагын намнар көмүскээн саҕалаатылар.

Быйыл Нам улууһуттан үс КФХ кыттар.

Миниистир солбуйааччыта Николай Афанасьев намнар аграрийдара үчүгэйдик үлэлииллэрин бэлиэтээтэ. "Мин Нам улууһун хаһаайыстыбаларыгар барыларыгар сылдьыбытым. Үчүгэйдик үлэлээн олороллор", - диэтэ кини.

Куонкуруска барыта 67 сайаапка киирбититтэн, биэс сайаапка бастакы түһүмэх кэнниттэн туоратылынна.

Саамай элбэх кыттааччылаах - Хаҥалас улууһа. Хаҥаласка быйыл "Тыа хаһаайыстыбатын сылынан" биллэриллибитэ. Хаҥаластар, график быһыытынан, сарсын кэпсииллэр.

Куонкурус иккис түһүмэҕэ - презентация - баалынан сыаналанар. Хамыыһыйа чилиэннэрэ хас биирдии кыттааччыга 1-тэн 5-кэ диэри баал туруораллар.

#минсельхозрся #семейнаяферма #нацпроектпутина
Арыыга сэргэстэһэ оттуур ходуһалаах буолан, бу сайын Дмитрий Васильевич Матвеевы көрсөн, "Семейнай фермерга" иккистээн холонон көрөҕүн дуо диэн ыйыппыппар, "Хайаан да киирсэбин, техникам суоҕа моһуоктуур" диэбитэ. Матвеевтар биэс сыл иһигэр биир ыанар ынахтан саҕалаан, билигин 50 ыанар ынахха тириэрдибиттэрин туһунан былырыын “Саха сирэ” хаһыакка таһааран турабын. 2022 сыллаахха Хоточчу олохтоохторо Матвеевтар “Семейная ферма” граҥҥа кыттан тураллар, бааллара хапсыбатаҕа. Онон быйыл иккис сылларын кытыннылар. Чахчы үлэһит дьон.

Кулун тутар 23-24 күннэригэр буолбут куонкуруска Дмитрий Васильевич уолун Василийы кытта ох курдук оҥостон тиийэн, бизнес-былааннарын бырайыагын көмүскээтилэр. Тыа сиригэр чахчы үлэлиир дьон инники былааннарын хамыыһыйа сэҥээрдэ, билигин Матвеевтар АГРОГРАНТИСТ буоллулар. Эҕэрдэлиибин🤩

Боротокуол таҕыста. Кыайыылаахтар билиннилэр💪🏼💪🏼💪🏼 Испииһэк хаартыскаҕа.

#минсельхозрся #тыасирэ #нацпроектпутина #семейнаяферма
Бүгүн Саха сиригэр сайылык күнүн бэлиэтээтибит☀️🌱

Быйыл 41 428 ынах сүөһү, ол иһигэр 18 936 ыанар ынах, 1819 үлэһит, ол иһигэр 787 ыанньыксыт, 154 үүтү ааҕааччы, 202 осеменатор-тиэхиникэтэ, 268 ньирэй уонна 408 бостуук сайылыы тахсаллара былааннанар.

Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ 348 сайылык баар, онтон 332 сайылык үүт биэрэр сүөһүгэ аналлаах, 16 сүөһүнү аһатар сайылык. Баар сайылыктартан 255 пиэрмэҕэ ынах ыыр аппарааттаахтар, 273 сайылык уот ситимигэр холбонуулаах, 45 сайылык дизелинэн туһанар, күн батареятынан — 6, моно-генераторынан – 6, уота суох 5 сайылык баар. Төһө да кыһалҕалар баалларын үрдүнэн, сайылык хаһаайыстыбатын сайыннарыыга өрөспүүбүлүкэҕэ ураты болҕомто ууруллар.

• 2018 сылга сайылык пиэрмэтин тутууга 5 хаһаайыстыбаҕа 17,5 мөл. солк. көрүллүбүтэ
• 2019 сылга 17 хаһаайыстыбаҕа 52,7 мөл. солк. көрүллүбүтэ
• 2020-2021 сс.  бүддьүөт кыра буолан, бу хайысхаларга үп көрүллүбэтэҕэ
• 2022 сылга Нам уонна Дьааҥы улууһугар 3 сайылык үлэҕэ киирбитэ.

#СИА #сайылык #минсельхозрся
Саха сиригэр мелиорация үлэлэригэр белорусскай техникалары аҕаллылар.

Минсельхоз сири нүөлсүтүүгэ уонна уунан хааччыйыыга управлениетыгар 16 техника уонна оборудование кэллэ, уопсай суумата 215 мөл солк, лизинг усулуобуйатыгар, төлөбүр 5 сыл болдьохтоох.

Техникалар бааһыналары уонна ходуһалары чөлүгэр түһэриэхтэрэ.


Ыам ыйын саҥатыгар Аллара Бэстээххэ управление илин эҥэр филиалларын баазатыгар 4 экскаватор кэлбит, марката "АМКОДОР ЭО-3223А".

Техниканы тутуу ыам ыйын 30 күнүгэр былааннанар. Илин эҥэр уонна Бүлүү бөлөх улуустарыгар бэриллэллэр, диэн минсельхоз иһитиннэрдэ.

Техникалар "Развитие сельского хозяйства и регулирование рынков сельскохозяйственной продукции, сырья и продовольствия" өрөспүүбүлүкэ программатынан кэллилэр.

#минсельхозрся #мелиорация
Бүгүн “Агротуризм” федеральнай программа куонкурсугар Саха сириттэн үс тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорон таһаарааччы видео-сибээс нөҥүө кыттыыны ылла. Куонкурсу Россия тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ ыытар, Москваттан регионнары кытта быһа холбоноллор.

ИП-бааһынай хаһаайыстыба баһылыга Чемезов Руслан Владимирович “Агроусадьба “Быйаҥнаах\ Изобилие” (Горнай улууһа), СПК “Сайдыы” “Дары крутого Яра реки Индигирка” (Абый улууһа) уонна ИП-бааһынай хаһаайыстыба баһылыга Ионов Сидор Ионович “Экоферма “Луксугун” (Бүлүү улууһа) диэн үлэлэринэн кытыннылар. Ол туһунан тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.

РФ регионнарыттан барыта 41 хаһаайыстыба кыттар. Куонкурус үс күн ыытыллар. От ыйын 26-27-28 күннэрэ. Сахалар бүгүн кэпсээтилэр. Испииһэги көрдөххө саамай элбэх кыттааччылаах Алтай Өрөспүүбүлүкэтэ буолар.

Түмүк аныгыс нэдиэлэҕэ тахсар.

#агротуризм #якутия #село #минсельхозрся
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Дьокуускайга Хомсомуол болуоссатыгар "Ас-үөл - 2023" быыстапка-дьаарбаҥка саҕаланна, диэн суруйда ЯСИА.

Тэрээһин 10 күн ыытыллар.

Олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарааччылар астарын-үөллэрин кэлэн көрүҥ, амсайыҥ уонна атыылаһыҥ🙌🏻👍🏻☀️

#минсельхозрся #фермерыякутии #местнаяпродукция
Бу билигин Москва куоракка "Форум национальных достижений: Сельское хозяйство" диэн киэҥ ыҥырыылаах тэрээһин буола турар. Саха сириттэн тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Николай Афанасьев салайааччылаах күүстээх хамаанда кыттар. Кинилэр ортолоругар ресурснай киин өҥөнү оҥорууга отделын салайааччытын Майя Гуляеваны, кээпэрэтииптэри, фермердэри кытта үлэ департаменын салайааччытын солбуйааччы Айаал Тимофеевы уо.д.а. көрөбүн. Кинилэри сэргэ өрөспүүбүлүкэ кээпэрэтииптэриттэн, агрооскуолалартан бэрэстэбиитэллэр бааллар.

Саха сиригэр ыытыллар үлэни быыстапкаҕа көрдөрөллөр.

Форумҥа Россия тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Дмитрий Патрушев дойду бу салааҕа ис кыаҕын слайдаларынан көрдөрөн кэпсээтэ. Ону хаартыскаларга көрөбүт.

Майя Степановна миэстэтиттэн сонун ыыта олороргор махтанабыт.

#минсельхозрся #минсельхозрф