Таһырдьа -50. Арыый сылыйда диэн таһырдьа тахса сырыттым.
Тымныыны билиммэккэ сайын буоларын күүтэн турар эбийиэктэргэ хараҕым дала хатанна.
Сайын бу тыраахтыр от бөҕөнү оттуо, бу теплица оҕурсу бөҕөнү үүннэриэ, бу талах дөлүһүөн бөҕөнү бэрсиэ, бу балбаах уоҕурдуу бөҕө буолуо, бу тоҥон турар дьиэҕэ оҕо саҥата бөҕө чуопчаарыа❤️
Сайыны бары да күүтэбит🌿🌿🌿

Эргэ дубленканы быһыта кырыйан Үлэ үтүлүгэ тиктим🤫 "Бухатыыр киэнин курдук дии", - диэтилэр😂😂😂 Тимир лаппаахы сирэйин саҕа😝
"Маннык үтүлүгү аан бастаан тигэбин, онон баалаама, илииҥ да улахан", - диэтим🫢
Ойбон алларарыгар кэтэн барда уонна: “Сып-сылаас эбит, илиим отой тоҥмото", - диэн кэллэ. Ол күнтэн тас үлэҕэ абыраллаах таҥас буола сылдьар. Таһырдьа тымныыбыт сыппаабат💨❄️
Мантан сылыйдаҕына арыый чараас Үлэ Үтүлүгэ тигиэм, син уопутурдаҕым😅
#үлэсыла #тыасирэ #үлэүтүлүгэ

"Саха сүөһүтэ" тэрилтэ 2022 сыл түмүгүнэн, төбөтүн ахсаана 204-нэн эбилиннэ, ол иһигэр ынаҕа - 47-нэн.
Хаһаайыстыба 9 отделениелаах. 2002 сыллаахха тэриллибитэ.
Билигин өссө кэҥиир былааннаах. Быйыл Аммаҕа уонна Горнайга хотон тутуохтара.
#тыасирэ #сахасүөһүтэ

Ааспыт сайын сүөһү эбии аһын бэлэмнээһиҥҥэ (кормозаготовка) диэҥҥэ ылсаары бэрэбиэркэҕэ просо уонна судааҥка от үүннэрбиппитин кэпсээбитим. Олус бэркэ тахсыбыта. Быйыл улахан иэнинэн олоххо киллэрэр былааннаахпыт.
"Кормозаготовка"-ҕа региоҥҥа анал бырагыраама үлэлиир. Бааһыналар, ходуһалар чөлүгэр түһэриллэллэр, техника ылыллар, күрүө-хаһаа, сиилэс уурар хаһаа, траншея тутуллар.
Бырагыраамаҕа кыттыыга ордук көхтөөх Алдан, Амма, Үөһээ Бүлүү, Дьааҥы, Бүлүү, Горнай, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нам, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Хаҥалас, Чурапчы уонна Дьокуускай ааттаннылар.
Биэс сылга сүөһү сиир эбии аһын бэлэмнээһиҥҥэ барыта 1 млрд 257 мөл 600 тыһ солк көрүлүннэ, диэн иһитиннэрдэ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ.
Бу үпкэ уопсайа 38 сиилэс траншеята тутулунна, 2 400 км күрүө-хаһаа оҥоһулунна, 10 тыһ гектар быраҕыллыбыт бааһына чөлүгэр түһэрилиннэ, 622 техника уонна оборудование ылылынна👍🏻
Үлэ дьонугар улахан көмө✅
#үлэсыла #тыасирэ

https://sakha-sire.ru/balbaah-sokuona-olohho-kiirdegine/
2023 сыл кулун тутар 1 күнүттэн олоххо киирэр "Балбаах" сокуонун туһунан ырытыылаах ыстатыйаны "Саха сирэ" хаһыат суруйда.
Ааҕыҥ эрэ, санааларгытын комментарийдарга суруйаарыҥ.
#тыасирэ #балбаахсокуона #сүөһүсылгыкуурусса

Саха сирэ
«Балбаах» сокуона олоххо киирдэҕинэ… — Саха сирэ
Мин сэттэбин туолан эбэлээхпэр сайылаан олоробун. Ааһар айан суола Магадааҥҥа тиэрдэр диэн кэпсэтэллэрин истэбин. Арай биир сайыҥҥы киэһэ таһаҕас тиэйэр улахан массыыналаах нуучча киһитэ кэлэн аймахтарбыт балбаахтарын барытын тиэйэн ылла. Убайым аах үөрүү…
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сүөһү иитиигэ, пиэрмэрдэри, кээпэрэтииптэри кытта үлэҕэ Департамент салайааччыта Николай Питимко социальнай ситимнэринэн быһа тахсан, дьон ыйытыытыгар эппиэттээтэ.
Тыа сирин олохтооҕун интэриэһин тардар "Агростартап" уонна "Дьиэ кэргэн пиэрмэтэ" бырагыраамалар тустарынан ыйытыы баар буолара биллэрэ🤗
Салайааччы эппитинэн, куонкурустар муус устар, ыам ыйа ыйдарга буолаллара былааннанар⏳
2023 сылга "Агростартапка" 92,2 мөл солк, "Дьиэ кэргэн пиэрмэтигэр" 126,5 мөл солк көрүллүбүт🛠
Питимко кыттыан баҕалаах дьону эрдэттэн бэлэмнэнэргитигэр сүбэлиир🙌🏻
Хаартыскаҕа "Агростартап-2022" кыайыылааҕа саҥа тыраахтырынан от тиэйиитигэр өҥө оҥорор✅
#тыасирэ #минсельхозрся #агростартап2023 #семейнаяферма2023

Агростартап-2022 критерийдара бу бааллар. Быйыл улахан уларыйыы суох дииллэр.
Куонкурус бастакы түһүмэҕэр сайаапкаҕытыгар холбуу киллэрэр докумуоннаргытынан баал туруораллар. Ол критерийдара бу сылдьаллар. Манна баайгыт-дуолгут бэйэ бас билиитигэр баара докумуонунан бигэргэммит буоллаҕына - муҥутуур баалы ылаҕыт.
Таарыйа докумуоннаргыт дьиҥнээхтэрэ бэрэбиэркэлэнэр, иэскит-күүскүт эмиэ көрүллэр.
Иккис түһүмэххэ ааспыттар бизнес-былааҥҥытынан презентацияҕытын хамыыһыйа иннигэр көмүскүүгүт. Презентация флешкаҕа угуллар, кумааҕыга эмиэ таһаарыллар уонна сайаапканы кытта тэҥҥэ туттарыллар.
5 пууҥҥа болҕомтоҕутун ууруохпун баҕарабын. Былырыын итиннэ доҕорум хотонун, гарааһын докумуоннаппыппыт. Реестрга киллэриллибит докумуон буолуохтаах. ЕГРН дэнэр. Наименованиетыгар "производственный объект" диэн суруллубут буолуохтаах. Тута 10 баал суруллубута. Үгүс дьон манна баал ылбаттар. Дьиҥэр производственнай эбийиэги докумуоннатыы - тустаахха бэйэтигэр үчүгэй буоллаҕа.
Бэлэмнэниҥ✅
#агростартап2023 #тыасирэ

This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Минсельхоз Ресурснай киинин өҥөнү оҥорууга отделын салайааччыта Майя Гуляева иһитиннэрбитинэн, "Агростартапка" уонна "Дьиэ кэргэн фермата" куонкурустарга кыттыыга бизнес-былааны суруйууга САЙААПКАНЫ хомуйуу салҕанан бара турар.
Киин исписэлиистэрэ сайаапка быһыытынан БП босхо суруйаллар, сүбэлииллэр, көмөлөһөллөр.
Майя Степановна информациятын истиҥ эрэ.
Минсельхоз аадырыһа: Дьокуускай, Курашов уулуссатын 28 нүөмэрдээх дьиэтэ.
Куонкурустар барыллаан муус устар-ыам ыйа ыйдарга буолаллара былааннанар. Ол иннинэ докумуон тутуута.
#агростартап #село #тыасирэ #минсельхозрся

Сарсыарда аһыыгын дуо?🍽
Anonymous Poll
40%
- Туох баарынан🍱
34%
- Чэй эбэтэр кофе эрэ иһэбин☕️
8%
- Аһаабаппын🙅🏻♀️
18%
- Хайаан да доруобай аһы аһыыбын🥑🧀🧇🥛🥚
"Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр"
Сарсыарда аһыыгын дуо?🍽
Баһаалыста санааҕытын суруйаргытыгар көрдөһөбүн.
Эһиги хоруйдаргытыттан көрөн, инникитин БЭЙЭ ТИЭРГЭНИТТЭН ХАЙДАХ ДОРУОБУЙАҔА ТУҺАЛААХТЫК АҺЫЫРГА рубрика арыйыахпын баҕарабын.
#тыасирэ #доруобайас #бэйэаһа #тиэргэнаһа

Дьиэ кэргэн ферматын сайыннарыыга грант биэриитин уларытыылардаах Бэрээдэгэ таҕыста, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатынан бигэргэннэ. Докумуоҥҥа бэрэссэдээтэл Андрей Тарасенко илии баттаата.
Грант ылыыта куонкурус бэрээдэгинэн барар. Хамыыһыйа көрүүтүгэр сайаапканы кытта докумуоннары туттарыллар: сайаапка, пааспар, бааһынай хаһаайыстыбаны тэринии туһунан сөбүлэҥ, бизнес-план, презентация... барыта 18 пуун баар.
Сыаналааһын баалынан барар. Критерийдары карточкаларга көр.
#минсельхозрся #семейнаяферма #тыасирэ #агробизнес #якутия

“Агростартап” 2023 сыллааҕы Бэрээдэгэ билигин туһааннаах тэрилтэлэргэ “согласованиеҕа” баарын минсельхозка эттилэр.
Дьон ыйытыыларыгар Ресурснай киин исписэлиистэрэ эппиэттээтилэр.
- Соцконтракка кыттыбыт киһи “Агростартапка” кыттар дуо? – Кыттар.
- 2022 сылга ИП буолбутум. Хаһан кыттар быраабы ылабын? – ИП статуһуттан уһуллан баран, үс сыл буолан баран.
- Агростартапка кыттан, грант ылбыт киһи хас сылынан “Дьиэ кэргэн пиэрмэтигэр” кыттар бырааптааҕый? - Үс сыл буолан баран.
- Оттуур сир кэргэним аатыгар. Мин кэргэн быһыытынан кини сирин бэйэм сирим курдук туттуохпун сөп дуо, куонкуруска кыттарбар? – Суох, сир, производственнай эбийиэк куонкуруска кыттар киһи аатыгар баар буолуохтаах.
- Сирбэр көннөрү дуогабардаахпын эрэ. Оннук барсар дуо? – Сир хайаан да Росреестрынан докумуоннаммыт буолуохтаах.
Куонкурус критерийдарынан баалынан сыаналанар. Сиргит, эбийиэккит бэйэҕит бас билиигитигэр баар буоллаҕына – бу пууннарга саамай үрдүк баалы ылаҕыт.
#агростартап2023 #семейнаяферма2023

"Агростартап" муҥутуур сууматын кээмэйэ 7 мөл солк буолуон сөп.
Ол туһунан РФ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин телеграм-ханаалыгар сурулунна. Бэҕэһээ "Норуот пиэрмэрэ" ассоциация чилиэннэрин кытта биэдэмистибэ салалтата көрүстэ.
Миниистири бастакы солбуйааччы Оксана Лут эппитинэн, пиэрмэрдэри уонна кооперацияны өйүүргэ көрүллэр суума быйыл улаатта, 12 млрд солк-тан 14 млрд солк-га тириэрдилиннэ. Бу "Агростартап" муҥутуур сууматын кээмэйин 7 мөл солк диэри улаатыннарыыга эмиэ кыах биэриэҕэ.
#агростартап #село #минсельхоз #сельскоехозяйство #агробизнес

Баахыла - мин олоҕум аргыһа диэбит курдук буолла🫶🏻
Биир боппуруоска эппиэт ыйыттым уонна баахыла оҥордум. Онтум сатанна - ол аата кырдьык кыайда🤩🫶🏻
Баахылам сатамматаҕа эбитэ буоллар - санаам түһүөх этэ, истибиппин итэҕэйбэккэ сылдьыбытым, эс, оннук буолбатах, ама хайаан оннук буолуой диэн санаа үүйэ-хаайа туппута.
Билигин санаам сырдаата, үөрдүм, кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат диэн чахчы эбит🤗🤗🤗
#бурдукаһа #киһисанаакулута #кырдьыкбаар #туохбарытатыыннаах

Горнай оройуонугар буолбут бырабыыталыстыба отчуотугар Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин былааннааһыҥҥа уонна судаарыстыбаннай бырагыраамаларга департамент салайааччыта Анастасия Колодезникова быйыл сири оҥорууга судаарыстыбаннай бюджеттан көрүллэр үп кээмэйэ эбиллибитин эттэ.
"Бу хайысханан дьарыктаныан баҕалаах киһи министиэристибэҕэ сайаапка түһэриэн наада", - диэтэ кини.
#тыасирэ #сир #быраҕыллыбытсир

По состоянию на 1 января 2023 года количество организаций, ведущих сельскохозяйственную деятельность в Хангаласском улусе, составило 125 единиц, в том числе 11 сельскохозяйственных организаций, 2 промышленных организаций, 9 потребительских кооперативов, 1 кредитный кооператив, 102 крестьянско-фермерских хозяйства. Поголовье крупного рогатого составляет 9958 голов, лошадей — 14 614. Далее о лидере по производству сельскохозяйственной продукции в медиапроекте “Из города в село: фермер”.
https://ysia.ru/hangalasskij-ulus-odin-iz-liderov-po-proizvodstvu-selskohozproduktsii-v-yakutii/

Новости Якутии и Якутска — свежие новости онлайн на сайте ysia.ru — ЯСИА
Хангаласский улус — один из лидеров по производству сельхозпродукции в Якутии — Новости Якутии и Якутска — свежие новости онлайн…
Всего по программе поддержки начинающих фермеров выданы 2 гранта «Агростартап»
Бу дьиэтээҕи "погода" хайдаҕын кэпсиир сибэкки диэтилэр. Төһөнөн элбэхтик сибэккилиир уонна ол сибэккитэ төһөнөн уһуннук турар да - бу ыал олоҕо нус-хас, таптал уйаламмыт, доруобай уонна кэскиллээх диэтилэр.
"Агростартап" отчуотун туттарыы күүрээннээх күннэрэ аастылар. Оҕо эрдэхпиттэн кумааҕыга, буолаары буолан докумуоҥҥа убаастабыллаахтык сыһыаннаһар буолан, барыта паапкаҕа тиһиллэн испитэ. Атыы-кутуу дуогабардара, акталар, чектар, техпааспардар, "Меркурий" бырагыраама, ЕСИАО СХ, Фермер-1, Фермер-3 отчуоттар ирдэбиллэрэ уо.д.а. Барыта минсельхоһу кытта түһэрсиллибит Сөбүлэҥ сурук чэрчитинэн. Барытын олохтоох УСХ-ҕа туттарыллар. Исписэлиистэргэ махтал, кыһаллаллар ахан.
Бухгалтербытыгар махтал. Улахан уопуттаах дьону кытта үлэлиир үчүгэйэ бөҕө👍🏻 фермерга производствоттан ордон бухгалтериянан дьарыктанара кэккэ ыарахаттардаах. Ээр-сэмээр үөрэнэр инибит.
Үлэ сылыгар үлэбит оҥорон таһаарыыта өссө элбээтин, дьиэ иһинээҕи "погодабыт" өссө тубустун🤞🏻🤞🏻🤞🏻 сибэккибит куруук маннык чэлгийэ үүннүн😘
#агростартап