"Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр"
Сарсыарда аһыыгын дуо?🍽
Баһаалыста санааҕытын суруйаргытыгар көрдөһөбүн.
Эһиги хоруйдаргытыттан көрөн, инникитин БЭЙЭ ТИЭРГЭНИТТЭН ХАЙДАХ ДОРУОБУЙАҔА ТУҺАЛААХТЫК АҺЫЫРГА рубрика арыйыахпын баҕарабын.
#тыасирэ #доруобайас #бэйэаһа #тиэргэнаһа

Ыалбыт аах сүөһү астаатылар. Быар ыллым.
Сибиэһэйдии тас хаҕын, тымырдарын, иҥиирдэрин ылаттаатым. Биирдии буһарыыга диэн араартаан, тоҥоро уурдум. Дьонум быар сиэбэттэр, онон аҥардастыы бэйэм эрэ сиибин.
Быйыл анемиялаан иэдэйдим, укуол ылыахпар диэри. Быарда сиэн биэр элбэхтик дииллэр. Чахчы туһалыыр курдук.
Быар В12 битэмиининэн уонна фолиевая кислотанан баай диэн быһаараллар.
Уопсайынан аһы аһыахха эрэ диэн аһыыр сыыһа, аһы организмы туһалаах эттиктэринэн толороору, доруобай буолаары аһыахха наада. Онон тыа сиригэр көһөн, хаһаайыстыба тэринэн, бэйэ тиэргэниттэн, олорор айылҕабытыттан аһыыр култуураны маассабайдык киллэриэххэ✅🫶🏻
#тыасирэ #бэйэаһа #ас

Ис миинэ испитим ордук.
Ис миинин буһардахха, оҕолорбут сирэйдэрэ "куһаҕан" буолар диэн кэпсиир төрөппүт элбэх. Ол оннугар гамбургер, чизбургер диэннэринэн куртахтарын бөскөтөллөр, гаастаах уунан истэрин сайҕыыллар. Онтуларын дьайыыта куһаҕанын туһунан этиллибитэ ыраатта.
Алтынньы 1 күнүттэн гамбургердары уонна чизбургердары атыылааһын НДС-һа 20% буолар диэн иһитиннэрии таҕыста. Урут 10% этэ. Ол аата ити "астарбыт" сыаналара үрдүүр. Билигин да кырата суох харчыны төлөөн ылан сиибит.
Бу сонуну тоҕо эрэ үөрэ иһиттим. Баҕар оҕолорбут бэйэ аһын диэки"үчүгэйдик" көрөөйөлөр диэммин.
Сотору идэһэ кэмэ. Ис сууйааһына, бэлэмнээһинэ. Былырыын биһиги оҕолорбут тэбис-тэҥҥэ сууйсан, кырбаһан👍🏻
Оҕолору кыра эрдэхтэриттэн бэйэ аһынан аһыырга үөрэтии төрөппүттэн улахан тутулуктаах.
#бэйэаһа #тыасирэ #соторуидэһэ

"Катялаах Полинаҕа махтал-таптал 🧈🍶😋😘 Партизан арыыта, ордугар өссө убатыллыбыт сүөгэй кэллэ. Куораттан дэриэбинэҕэ: Пиэрмэр диэн телеграм-ханаалы сөбүлээн ааҕабын. Тыа сиригэр олох таһымын хаачыстыбата үрдүүрүгэр анаммыт суруйуулар үгүс киһиэхэ көмөлөөхтөр дии саныыбын. Салгыы суруйуҥ, маннык оонньууларда ыытан иһиҥ", - диэн эттэ Намтан Аанчык уонна хаартыска ыытта.
#тыасирэ #бэйэаһа #доруобайас
#тыасирэ #бэйэаһа #доруобайас
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин дааннайынан быйылгы хомуурга:
Хортуоппуй 63 552 туонна, былаан 97% туолла.
Хаппыыста - 7893 туонна;
Моркуоп - 3053 туонна;
Сүбүөкүлэ - 2418 туонна;
Атын оҕуруот аһа - 1730 туонна.
#хомуур2023 #бэйэаһа

Көрүүҥ, мин сыр оҥордум👍😋😋😋 Алҕаска😅
Үүт туттарар сиргэ кыайан илдьибэккэ, икки хоннорбут үүппүтүн үллэрээ күннээххэ "ээ чэ" диэн баран эрийэн кэбистибит. Бэртээхэй сүөгэй буолла. Эриллибит үүтүнэн бурдук аһа оҥордум, ордугун холодильникка ууран кэбистим.
Бүгүн көрбүтүм үүтүм бөлөнүйэн хаалбыт. Иэдьэгэй оҥорор эбиппин диэн, кыра уокка оргута уурдум.
Арай... иэдьэгэй буолбакка, сыр буолан таҕыста. Уута туспа арахсан, аһа сымыыт курдук бөлөхтөнөн таҕыста. Ууннары тардан көрбүппүт - "тянучка"👍
Дьиктиргээһин бөҕө буоллубут эрээри, тоҕо эрэ төлөпүөҥҥэ устар туһунан санаан да көрбөтөхпүт😅
Иһиккэ кутан, холодильникка уурдубут. Киэһэ аһылыкка үөрэ-көтө сиэн кэбистибит👍😋
Биллэн туран, туох да эппэтибит. Олох натуральнайынан. Оҕолор олус сөбүлээтилэр: ким туустаан, ким хартыыһалаан, ким кетчуптаан сиэтилэр.
#тыасирэ #бэйэаһа

Ас таһаарбатах ырааппыт. Бэйэм куппут хааным. Сүөһү киэнэ. Сайыҥҥы.
Быйыл быар, хаан бөҕө сиэтим. Анемиялаан. Эми-тому сиэбит оннугар бэйэ тиэргэниттэн аһаабыт быдан ордук эбит. Чөлбөр түстүм.
Сотору идэһэ. Үчүгэйдик тымныйа илик. Онон күүтэбит. Былырыыҥҥы идэһэни сөпкө хаһааммыт буолан, сылы эргиччи эт сиэтибит. Үлэ киһитэ аһыахтаах.
Саха киһитэ харата суох сатаммат. Хаһаайыстыбалаах буолар үчүгэй✊🏻

Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Кулинарнай блогпутун салгыыбыт😅👍
Ааспыкка алҕас сыр оҥорбутум туһунан таһаарбыппар, Бүтэйдээхтэн ырысыап ыыппыттара. Ону боруобалаатым.
Үүт оргутабыт уонна лимон сүмэһинин ыган кутабыт. 1 л үүккэ лимон аҥара туттуллар.
Тута иэдьэгэй курдук буолар. Ону сиидэлиибит. Сода уонна туус кутабыт. Холобур 2 л үүттэн тахсыбыт иэдьэгэйгэ кыра ньуоску сода уонна аҥарынан туус. Буккуйабыт. Иһиккэ кутан, холодильникка угабыт. Минньийдин диэн ынах арыыта эбиэххэ сөп.
Лимон суох буоллаҕына лимоннай кислотаны кыра ууга суурайан баран куттахха эмиэ иэдьэгэй буолар.
👆🏼👆🏼👆🏼 бу маннык суруйбута Бүтэйдээх кыыһа.
Мин аһыйбыт үүтүнэн оҥордум, лимон уутун куппатым. Атынын барытын ырысыап быһыытынан.
Эмиэ бэркэ табылынна👍
#тускартуһан #бэйэаһа

«Саха сирэ» хаһыат. Алтынньы 26 күнэ.
Ааҕааччыларым көрдөһүүгүтүнэн манна толору ыстатыйаны таһаарабын. Ааҕыҥ, санааҕытын комментарийдарга суруйуҥ.
"Саха сирэ" хаһыакка суруйтарыҥ, тыын суолталаах боппуруостары бары бииргэ көмөлөөн быһаарыаҕыҥ.
#тыасирэ #хотонүлэһитэ #бэйэаһа