☀️Саха сиригэр бастакы «солнечнай коллектордар» көмөлөрүнэн оскуоланы арыйдылар
Ахсынньы 20 күнүгэр Жатай бөһүөлэгэр 1 №-дээх орто оскуола эбии тутуутун үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйдылар.
Саха сиригэр бэйэтэ автономнай хочуолунайдаах «солнечнай коллектордар» көмөлөрүнэн үлэлиир бастакы оскуола буолара бэлиэтэнэр.
360 миэстэлээх саҥа корпус СӨ бырабыыталыстыбатын уонна ПроШкола (ВЭБ бөлөҕө) концессияларын көмөлөрүнэн тутулунна.
Саҥа тутуу олоххо киирбитинэн бүгүн Марха оскуолатын курдук Жатай оскуолата эмиэ биир сменалаах үөрэххэ көһүөҕэ.
360 миэстэлээх саҥа тутууга 5-11 кылаас оҕолоро үөрэниэхтэрэ.
Оскуола эргэ эбийиэгин оскуола алын сүһүөҕэр биэриэхтэрэ, кэлэр сылга манна хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыаҕа.
Эбийиэк иэнэ – 5 тыһ. квадратнай миэтэрэттэн тахса. Оскуолаҕа актовай, спортивнай саалалар, иистэнэр, уһанар мастырыскыайдар уонна кылаастарга интерактивнай дуоскалар бааллар.
Саҥа үөрэх эбийиэгин территориятыгар спортивнай уонна оҕо былаһааккалара уонна автономнай гаас хочуолунай көрүллүбүттэр.
Жатай оскуолатыгар килиимэти сөпкө туһаныыга уонна салайыыга аныгы технология туһаныллыбыт. Эбийиэккэ итиинэн хааччыйыыга анал систиэмэ оҥоһуллубут. Ол курдук, итии ууну эбийиэк үрдүгэр турар «солнечнай коллектордар» көмөлөрүнэн ыллылар. Фотопанель көмөтүнэн насостарга уонна да атын оборудованиеларга уот бэриллэр. Маннык энергоэффективнай технологияны томскай учуонайдара Россия Хоту уонна Арктика сирдэригэр толкуйдаабыттар.
@nvk_sakha

This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
@nvk_sakha
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from Мой бизнес | Республика Саха (Якутия)
✨На встрече обсудили их достижения, опыт и идеи, которые они воплощают в жизнь.
@moibiz14
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Программа ТВ НВК "Саха" на 22 декабря (вскр.)
06:00-Геван 12+
06:30-Дойдубут туһугар 12+
07:30-Дойдум дьоно 12+
07:45-Айар-тутар Сахам сирэ! 6+
08:30-Саха итэҕэлэ 12+
09:00-Истиҥ илдьит 6+
09:15-Эр Бэрдэ 12+
09:45-Хотугу сулус 6+
10:30-Дьол уйата 6+
11:00-Саха суола 12+
12:00-Новости 12+
12:15-Харах далыгар 12+
13:00-Төлкө түөрэҕэ 6+
13:30-Якутия. День за днем 12+
14:30-Мое Русское Устье 12+
15:30-Ытык дьоммут ыллыктаах тыллара. Далан 6+
16:00-Геван 6+
16:45-Клевая рыбалка 12+
17:15-Ис дьиҥминэн... 12+
18:00-Новости 12+
18:15-Истиҥ илдьит 6+
18:35-Добровольцы 12+
19:00-Үрдэл 6+
20:00-Ума палата 6+
20:30-Урбаан 6+
21:00-Якутия. День за днем 12+
22:00-"Дьоллоох буолуох" Анатолий Горохов кэнсиэрэ 6+
00:00-Күн дэлэйэ 6+
00:30-Якутск сегодня 12+
02:00-Геван 12+
02:30-Якутск сегодня 12+
04:15-Документальный фильм 12+
Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения.

Forwarded from ЧОХООН
"Саха" НКИХ "ҮҤКҮҮЛЭЭ" бырайыагар биһиги корреспондеммыт Проня Спиридонов Санаайа Ефимовалыын кыайдылар🥇
Проня "Чохооҥҥо" хас да рубрика ыытааччыта буолар.
Билэҕит дуо?
Хартыына
Сүүс сүмэ чахчылар
⭐️ Пронябытын истиҥник эҕэрдэлиибит! Куруук бу курдук кыайыы, ситиһии эрэ аргыстастын! 👏
@chokhoon
Проня "Чохооҥҥо" хас да рубрика ыытааччыта буолар.
Билэҕит дуо?
Хартыына
Сүүс сүмэ чахчылар
@chokhoon
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
⚡️«Үҥкүүлээ» 2024 сыллааҕы кыайыылаахтарынан Проня Спиридонов уонна Санаайа Ефимова буоллулар! 💐
Уһуйааччы: Катерина Захарова, «Маска» үҥкүү искусствотын устуудьуйата.
@nvk_sakha
Уһуйааччы: Катерина Захарова, «Маска» үҥкүү искусствотын устуудьуйата.
@nvk_sakha
«Үҥкүүлээ» үбүлүөйдээх 5 айар дьыла түмүктэннэ! 🤩
Кыттааччыларбытыгар, уһуйааччыларбытыгар, дьүүллүүр сүбэҕэ уонна күндү көрөөччүлэрбитигэр махтанабыт! 🤍

👏👏Ил Дархан Айсен Николаев энергетика күнүнэн эҕэрдэлээтэ
Саха сирин олохтоохторун энергетика күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Өрөспүүбүлүкэбит –60 кыраадыска диэри тиийэр тыйыс усулуобуйатыгар тохтоло суох итиинэн хааччыйыы тыын суолталаах. Энергетика үлэһиттэриттэн дьон-сэргэ этэҥҥэ буолуута тутулуктаах.
Кинилэр эппиэтинэстээх буолан, дьон дьиэтэ-уота куруук сырдык уонна сылаас, тэрилтэлэр уонна социальнай эбийиэктэр тэтимнээхтик үлэлииллэр.
Ол курдук, Уһук Илиҥҥэ Саха сирин энергетикатын комплекса биир улаханынан биллэр.
Бу үөрүүлээх күҥҥэ үлэһиттэргэ барыларыгар уонна энергетика салаатын бэтэрээннэригэр саахала суох үлэни, туруоруммут былааҥҥыт туоларыгар, үрдүк ситиһиини баҕарабын. Кытаанах доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну, дьиэҕит куруук сылаас буоллун!

Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
🐎Ольга Иванова-Сидоркевич аатынан Амматааҕы айар, сайдар киин иһинэн үлэлиир, дьөһөгөй сылгыны таптааччылар кулууптара быйыл иккис төгүлүн дойду бэрэсидьиэнин гранын ылары ситиһэн, былааннах үлэтин салгыыр.
Сиһилии кэлэр сюжекка көрүҥ.
@nvk_sakha
Сиһилии кэлэр сюжекка көрүҥ.
@nvk_sakha
⏺️ Бүгүн «Айсен Николаевтыын бииргэ» биэриини көрүҥ
Ахсынньы 22 күнүгэр киэһэ 19:00 чаастан «Россия 24» ханаалга «Вместе с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.
ГТРК «Саха» анал бырайыагар Ил Дархан туһаайыытын, «Владимир Путины кытары сыл түмүктэрэ» бырагыраама туһунан сырдатыахтара.
@nvk_sakha
Ахсынньы 22 күнүгэр киэһэ 19:00 чаастан «Россия 24» ханаалга «Вместе с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.
ГТРК «Саха» анал бырайыагар Ил Дархан туһаайыытын, «Владимир Путины кытары сыл түмүктэрэ» бырагыраама туһунан сырдатыахтара.
@nvk_sakha
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Доруобуйаларынан хааччахтаах дьон декадатын иитинэн Үөһээ Бүлүүгэ уопсастыба чилиэттэрэ араас нэһилиэктэртэн мустан, улахан кэнсиэр тэрийдилэр.
Сиһилии кэлэр сюжекка көрүҥ.
@nvk_sakha
Сиһилии кэлэр сюжекка көрүҥ.
@nvk_sakha
Саха сиригэр энергосервиснэй хантыраагынан бастакы хочуолунайы тутуохтара
Россияҕа хочуолунай хаһаайыстыбаҕа бастакы энергосервиснэй хантыраак кэлэр икки сыл иһигэр үлэлээн саҕалыаҕа. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайыытыгар иһитиннэрбитэ.
Өймөкөөн улууһун Уус Ньара бөһүөлэгэр итиинэн хааччыйар систиэмэни саҥатытан оҥоруохтара.
«Быйыл биһиги аан бастакытын хочуолунай хаһаайыстыбаҕа энергосервиснэй хантыраагы түһэристибит. Онон кэлэр икки сыл иһигэр «Теплоэнергосервис» хампаанньаны кытары Уус Ньара итиинэн хааччыйар систиэмэтин саҥардыллар үлэ ыытыллар», — диэн Айсен Николаев эттэ.

СӨ Экономикатын миниистирэ Петр Иванович Попов:
«Сахалар дойдубутугар тардыһыыбыт ураты күүстээх диэн көрөбүн... Төрөөбүт өрөспүүбүлүкэбэр төннөн, үлэлии, дьон кыһалҕатын иһиттэн билэ, кинилэргэ туһаны аҕала сылдьарбыттан - дьоллонобун...»
⏱Ахсынньы 22 күнүгэр, киэһэ 17:15 чаастан, Саха тэлэбиидэнньэтин ханаалыгар “Ис дьиҥминэн” биэриигэ көрүҥ, истиҥ, сэргээҥ!

⚡2024 сылга саҥа 14 хочуолунай үлэҕэ киирдэ
14 эбийиэк уопсай күүһэ 193,76 МВт тэҥнэһэр. Бу туһунан СӨ ОДьКХ уонна энергетика министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
Ол курдук, саҥа хочуолунайдар Амма улууһун Амматыгар, Мэҥэ Хаҥалас Хаптаҕайыгар уонна Балыктааҕар, Томпо Кириэс Халдьаайытыгар, Өймөкөөн Биэрэк Үрдүгэр, Үөһээ Дьааҥы Баатаҕайыгар, Алдан Улахан Ньымньыырыгар, Дьокуускай куорат Звезднай уонна Марха дьоҕус түөлбэлэригэр, Сэргэлээх шоссетыгар үлэҕэ киирдилэр.
Маны таһынан национальнай баай-дуол пуондатын үбүнэн Амма Абаҕатыгар, Чурапчы Толоонугар, Таатта Чычымаҕар уонна Боробулугар хочуолунайдар тутуллубуттара.