Forwarded from ОЛЕГ МАРКОВ
Бүгүн, ахсынньы 24 күнүгэр, Мэҥэ Хаҥалас Хатылыматыгар, Ороссолуодатыгар улуус баһылыга Дмитрий Иванович Тихонов сыллааҕы отчуотугар сылдьан, дьоммун-сэргэбин кытта кэпсэтэн, биирдиилээн дьон этиилэрин, ыйытыыларын, кыһалҕаларын, инники былааннарын билсэн-көрсөн кэллим.
Хатылыма олохтооҕун ахсаана 106 киһи буолбут. Нэһилиэккэ олохтоох фельдшер суоҕа олохтоохтору ордук долгутар. Земскэй фельдшер ананан кэлбит эрээри дьиэтэ-уота суоҕунан чугастааҕы Лоомтука нэһилиэгиттэн сылдьан үлэлиир. Нэдиэлэҕэ биирдэ кэлэн, көрөн-истэн барар. Айан суолун туруга Хатылымаҕа - тыын боппуруос. Саас-күһүн суол алдьанан, кэлэр-барар кыах суоҕа, дьону улаханнык атахтыыр эбит. Кэскиллээх боппуруоһунан саха ынаҕын иитии, дэлэтии, нэһилиэккэ ыччат олохсуйан, оҕо төрөтөн, инники кэскиллээх сайдыыны түстүөхтэрэ этэ диэн дьон баҕа санаалаах. Саҥа кулууп тутуута, сотовай сибээс киириитэ, оскуола өрөмүөнэ, эдэр исписэлиистэргэ дьиэ-уот хапытаалынай өрөмүөнэ курдук араас боппуруостар тула көхтөөх кэпсэтии таҕыста.
Ороссолуода олохтоохторун кытта көрсүһүү нэһилиэнньэ көҕүлээһининэн тутуллубут сырдык-киэҥ, саҥалыы оҥоһуулаах балаҕаҥҥа буолла. Кэлэн иһэр Саҥа дьыл үөрүүлээх тэрээһинин олохтоохтор бу саҥа балаҕаҥҥа көрсөөрү бэлэмнэнэллэр. Ороссолуода нэһилиэнньэтин ахсаана 454 киһи. Дьону кыһыҥҥы кэмҥэ уоту олус элбэхтик араараллара, уопсай дьиэҕэ ититэр систиэмэни көрүү-харайыы, ыччаты олохсутуу, оҕо төрөөһүнэ, гаас киириитэ, үлэ миэстэтин таһаарыы долгутар. Ону таһынан, тыа хаһаайыстыбатыгар төлөбүр сүөһү төбөтүгэр буолбакка үүт туттарааччыларга буолара ордук диэн санааларын эттилэр, идэлээх бэтэринээр, култуура тэрийээччитэ наадалар, кинилэри олорор дьиэнэн хааччыйыы, анал сыаналаах аныгы кулууп тутуута, ыччат тыа сиригэр олохсуйарыгар үлэ миэстэтэ, дьиэ-уот туттар кыах биэриэххэ, үүтү туттарыытыгар көстөр кыһалҕалар, оҕуруот аһын харайар сир тутуута, аҕам саастаах дьону хаарбах туруктаах дьиэлэриттэн көһөрүү уонна дьиэнэн хааччыйыы курдук үгүс этии-ыйытыы киирдэ. Үөрүүлээх сонунунан эһиил Ороссолуодаҕа хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааманан үс этээстээх, 15 кыбартыыралаах саҥа таас дьиэ тутуллара былааннанар. Онон кэлэр сылга 15 ыал саҥа, толору хааччыллыылаах дьиэҕэ киирэр үөрүүлээх түгэнэ күүтэр. Хас биирдии көрсүһүү дьон-сэргэ олоҕун чугастык билсэргэ төһүү буолар, бииргэ, сирэй көрсөн олорон санаа атастаһыыта, инники былааннары торумнуур олус туһалаах буолара саарбаҕа суох. Бэрт, дириҥ ис хоһоонноох көрсүһүүлэр буоллулар.

This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
⏺️Амма улууһугар өссө биир историческай түгэн үүннэ. Амма улууһа төрүттэмит күнүгэр сөп түбэһиннэрэн Аммаякт.ру диэн сайт каталог баар буолла.
Сиһилии кэлэр сюжекка көрүҥ.
@nvk_sakha
Сиһилии кэлэр сюжекка көрүҥ.
@nvk_sakha
❄️🎄✨
Тыыллаҥнаан-ууннаҥнаан харахпын аһабын,
Үөрүүнэн-көтүүнэн саҕалыыбын саҥа сарсыарданы,
Эйэҕэс эҕэрдэ ыытабын эһиэхэ бар дьоммор,
Санаабыппыт барыта сатаннын ,
Баҕарбыппыт барыта баар буоллун,
Дьоллоохтук уһуннук олоруохха онтон ордук ама туох кэлиэй. 💪🏼
Дьуон Элэһин.

Программа ТВ НВК "Саха" на 25 декабря (ср.)
06:00-Саҥа күн 6+
09:00-Утро Якутии 6+
10:00-Новости 12+
10:15-Саха сатаабата суох 6+
10:45-Аһаҕастык 12+
11:15-Асчыттар 6+
12:00-Новости 12+
12:15-Эйгэ 6+
13:30-Сонуннар 12+
14:00-Тэтим 6+
15:00-Кэрэ кэпсээн 6+
16:15-Якутск сегодня 12+
17:00-Харах далыгар 12+
17:45-Дойдум дьоно 12+
18:00-Новости 12+
18:15-"Сүлүһүннээх таптал" телесериал 12+
19:00-Новости 12+
19:15-Олох үөһүгэр 12+
20:30-Сонуннар 12+
21:00-Аһаҕастык 12+
21:30-Үлэ дьоно 12+
22:00-Саха сатаабата суох 6+
22:30-Итоги дня 12+
23:00-Эйгэ 6+
00:17-Олох үөһүгэр 12+
01:30-Якутск сегодня 12+
02:15-Саха сатаабата суох 6+
02:45-Тэтим 6+
03:45-Аһаҕастык 12+
04:15-Документальный фильм 12+
Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения.

✊Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөнү оҥоруу салҕанар.
Ол курдук "Аҕа дойдуну көмүскээччилэр" пуонда Саха сиринээҕи салаатыгар сыл саҕаланыаҕыттан 4 800 киһи кэлэ сырытта, 22 тыһыынчаттан тахса ыйытыы киирдэ.

🔮🖼️Бүтүн Россиятааҕы «Смотри, это Россия!» куонкурус кыайыылаахтарын иһитиннэрдилэр
Ахсынньы 24 күнүгэр «Смотри, это Россия!» бүтүн россиятааҕы видео аккырыыкка куонкуруһун түмүгүн таһаардылар. Саха сирин көҕүлээһининэн ыыталлар куонкурус бэһис төгүлүн буолла. Ол курдук, дойду 89 регионуттан 33 245 үөрэнээччи кытынна.
Быйылгы сезон Улуу Кыайыы 80-с сылыгар анаммыта. Тэрийээччилэр бэлиэтээбиттэринэн, Донбасстан, Саха сириттэн уонна Москваттан үгүс сайаапка киирбит.
«Куонкурус кыайыылаахтарын уонна кыттааччыларын ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Эһиги бүтүн Россия киэн туттуута буолаҕыт. Эһигинэн киэн туттабыт», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев эттэ.
Сиһилии: https://nvk-online.ru/new/b-t-n-rossiyataa-y-smotri-eto-rossiya-kuonkurus-kyajyylaahtaryn-i-itinnerdiler/

Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
⭐Дьокускайга Зведнай түөлбэҕэ элбэх кыбартыыралаах уопсай дьиэлэрии таһынан, оскуоланы уонна хаҥкылыыр спортивнай тутууну оҥороллор.
@nvk_sakha
@nvk_sakha