Kyym.ru
5.17K subscribers
9.03K photos
3.21K videos
82 files
4.22K links
☎️ 8 (914) 820-09-75 Сонун, хаартыска, видео тутабыт, ыйытыыларгытын, этиилэргитин күүтэбит
Download Telegram
#егорборисов #эҕэрдэ #кыымру

Арассыыйа сенатора, Федерация Сэбиэтин Аграрнай-продовольственнай бэлиитикэҕэ уонна айылҕаны туһаныыга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Егор Борисов Саха сирин олохтоохторун Дьокуускайга «Килбиэннээх үлэ куората» аат иҥэриллибитинэн эҕэрдэлээтэ.


«Киин куораппытыгар маннык үрдүк аат иҥэриллибитинэн барыгытын эҕэрдэлиибин уонна илии баттааһыны тэрийэн ыыппыт дьоҥҥо махтанабын. Уопсастыбанньыктар киллэрбит этиилэрин үрдүкү салалта толору өйөөбүтэ кэрэхсэбиллээх. Биһиги Улуу Аҕа дойду сэриитигэр эҥкилэ суох дьоруойдуу үлэлээбит биир дойдулаахтарбытыгар сүгүрүйэбит. Оччолорго норуот күүскэ сомоҕолоһуутун түмүгэр кыайыыны ситиспиппит. Ол бүгүн эмиэ хатыланар. Биир дойдулаахтарбыт дьоруойдуу быһыыларын, онно бар дьон сүҥкэн көмөтүн бары билэ, көрө сылдьабыт. Ити курдук, дойдубут туһугар бары сомоҕолостохпутуна табыллар», - диэн Егор Афанасьевич бэйэтин @ea_borisov телеграм-ханаалыгар суруйбут.

https://t.iss.one/kyymsakha