#КК_история
❇️ Өксөкүлээх Өлөксөй 1897 с. Реальнай училищены бүтэрэр. Үйэ чиэппэрэ холобурдаах кэмҥэ Сахатын сирин кэрийэн, фольклору, историяны, үүнээйи, хамсыыр харамай арааһын, сиэри-туому хомуйар, үөрэтэр.
❇️ 1900 с. "Байанай алгыһа" диэн саха тылынан бастакы литературнай айымньыны суруйар. 1912 с. "Интеллигенцияҕа сурук" суруйар.
❇️ 2002 сыл балаҕан ыйын 26 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө Доҕордоһуу болуоссатыгар - Дьокуускай бастакы историческай миэстэтигэр скульптор Афанасий Романов, архитектордар Иннокентий Слепцов, Николай Алексеев оҥоһууларыгар Өксөкүлээх Өлөксөйгө аналлаах боруонса пааматынньык туруоруллубута.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

❇️ Емельян Михайлович Ярославскай (1878-1943) Саха сиригэр сыылкаҕа 1913-1917 сс. олорбута. 1916 с. олохтоох ыччаты мунньан революционнай куруһуогу ыытар. Музей директорынан үлэлиир кэмигэр киэҥ хабааннаах научнай, култуурунай-сырдатар үлэнэн дьарыктанар.
❇️ 1924 с. музейга кини аата иҥэриллэр.
❇️ 1969 с. ахсынньы 6 күнүгэр музей территориятыгар пааматынньык турар. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, пааматынньык ааптара - Ярославскай төрөппүт кыыһа, Саха АССР искусстволарын үтүөлээх деятелэ скульптор М.Е. Ярославская буолар.

Дьокуускай уулуссаларын былыргы ааттарын билэҕин дуо?
Ленин проспегын бастакы аата Февральскай өрөбөлүүссүйэ аатынан уулусса диэн эбит.
Оттон Орджоникидзе болуоссатын бастакы аата -
Казарменнай уулусса.
Ярославскай уулуссатын былыргы аата - Полицейскай уулусса.
Хаартыскаҕа атын уулуссалар былыргы уонна билиҥҥи ааттарын көр. Хаартыска "Бичик" кинигэ кыһата 2002 с.таһаарбыт П. Петров "Улицы и площади Якутска" кинигэтиттэн.

1936 сыл балаҕан ыйын 6 күнүгэр «ССРС народнай артыыһа» бочуоттаах аат олохтоммут.
Сахалартан бу ааты сүкпүттэрэ:
❇️ Тыйаатыр режиссера уонна артыыһа Василий Местников (1958);
❇️ Тыйаатыр артыыһа уонна режиссера Дмитрий Ходулов (1958);
❇️ Опера ырыаһыта Анегина Ильина-Дмитриева (1988).
https://sah.m.wikipedia.org/wiki/Балаҕан_ыйын_6

❇️ 2013 сыл ыам ыйын 8 күнүгэр Дьокуускайга "Анаабыр алмаастара" ААУо офиһын таһыгар Сталиҥҥа пааматынньык туруоруллубута.

#КК_История
📸Поярков уулуссата, 1989 сыл.
Источник: National Geographic 3/1990, 32cтр.

Дьоруойдарбытын тоҕо билбэппитий?
💬Илья Егорович Винокуров туһунан историк Виктор Борисов: Биһиги оскуола таһымыгар предмет быһыытынан үөрэппэппитинэн, өрөспүүбүлүкэбит историятын билбэппитигэр буруйбут суох. Оскуолаҕа история предметэ баар буолан биһиги аан дойду историятын билэбит, былыргы Грецияны, Египети, Холбоһуктаах штаттары, дойдубут – Арассыыйа историятын. Ол эрээри оскуолаҕа бэйэбит Сахабыт сирин историятын эрэ үөрэппэппит. Оскуолаҕа булгуччу үөрэтии суох буоллаҕына, билии бүттүүн буолар кыаҕа суох.
Сиһилии:
https://kiinkuorat.ru/articles/doruoydarbytyn-to-o-bilbeppitiy

❇️Сокуон быһыытынан 1822 сыллаахха Дьокуускай Сибиир орто куораттарын бөлөҕөр киирэрэ.
Дьокуускайга хаһаайыстыбаннай уонна суут дьыалаларын ратуша дьаһайара. Итиннэ городничай, икки ратман эбэтэр чилиэн уонна сэкирэтээр киирэллэрэ.
Городничайдар уонна ратманнар атыыһыттар уонна мещаннар уопсай мунньахтарыгар талыллаллара. Холобур, 1848 сыллаахха куорат ратушатын штатыгар городничай, икки солбуйааччы уонна сэкирэтээр бааллара. Ратуша канцеляриятыгар үс столоначаалынньык уонна уон суруксут үлэлииллэрэ. Городничай үс сылга талыллара, ратушаҕа бэрэссэдээтэллиирэ. Кини куорат дохуотуттан хамнастанара. Рангалар тустарынан Таабылга городничай 9-с кылааска хапсара.
Ратманнар ратуша чилиэннэринэн ааҕыллар уонна үс сылга талыллар эбиттэр. Кинилэр хамнас ылбаттар, ол оннугар ремесленнигинэн, атыыһытынан үлэлиир кыахтаахтара. Ратманнар ратушаҕа сүбэлэһэргэ кыттар бырааптаахтар, атыы уонна тутуу боппуруостарын быһаарсаллар.

❇️ 1906 сыл тохсунньу 17 күнүгэр Дьокуускайга В.В. Никифоров-Күлүмнүүр көҕүлээһининэн Сахалар сойуустара ("Союз якутов") диэн тэриллибитэ.
❇️ Устаапка маннык соруктар турбуттар:
• сахалар туттар сирдэрэ, хааһынаҕа (владеемых казной в виде оброчных статей), манастыырдарга, таҥара дьиэлэригэр уонна көскө ыытыллыбыт дьон олороругар анаммыт сирдэр сахалар бас билиилэрэ буолуохтаах;
• Саха уобалаһын инородецтарын барытын кыттыһыннаран туран земскай бэйэни салайыныы балаһыанньатын ылынарга;
• Сахалар Судаарыстыбаннай Дуумаҕа бэйэлэрэ бэрэстэбиитэллэнэллэрин ситиһии;
• уопсастыбаннай тэриллиилэри полиция кэтээн көрүүтүн уонна былаас кинилэри хонтуруоллурун суох гынарга.
❇️ Сойуус 13 эрэ күн үлэлээбитэ.
"Союз якутов" Киин кэмитиэтин чилиэннэрин уонна активистарын балаҕан ыйын 11-15 күннэригэр сууттаабыттара. Саха уокуруктааҕы суута В.В. Никифоровы преступнай холбоһук сүрүн салайааччытынан билиммитэ уонна 1 сыл 6 ыйга хаайыыга укпута.

🕯️Тохсунньу 27 күнэ - Ленинград 900 күннээх блокадаттан босхолонуутун күнэ. Ону кэриэстээн бүгүн дойдубутугар түннүккэ чүмэчи уматыы ааксыйата ыытыллар.
✍️ «Биһиги инстутут подвальнай этаһын сайылаан сууйан, түннүктэрин кумахтаах кууллары таһааран бүөлүүбүт, иһиттэн хара штораны тардабыт. Ленинграды наһаа чаастатык буомбалыыллара, ол аайы сирена ыйылыыр. Дьэ ол аайы олохттоохтор уонна ааһан иһээччилэр бомбоубежищеҕа куотуохтаахтар. Мин санитарнай этэрээт байыаһа, уолаттар (армияҕа барбатахтар) баһаарынай, сорохтор дегазационнай этэрээт, онтон Мария Будищева саха кыргыттарыттан соҕотох пожарнай этэрээт байыастара этибит. Мин биһиги санитарнай этэрээппит командира этим. Бомбалааһын сирената улуйдар эрэ, суумкабын сүгэн дьуһуурунайдыыр поспутугар ыстанарбыт».
📖 А.Т.Старостина Ленинград блокадатын туһунан дневнигин үөрэнээччитэ Киргиэлэй Макаарап, 1942-48 сс. көһөрүллүү кыттыылааҕа, бэчээккэ бэлэмнээн биһиги хаһыаппытыгар таһаарбытын ааҕыҥ:
Бастакы чааһа:
https://kiinkuorat.ru/articles/blokada-dnevnige
Иккис чааһа:
https://kiinkuorat.ru/articles/blokada-dnevnige-1
Үһүс чааһа:
https://kiinkuorat.ru/articles/blokada-dnevnige-2
Төрдүс чааһа:
https://kiinkuorat.ru/articles/blokada-dnevnige-3

КИИН КУОРАТ
БЛОКАДА ДНЕВНИГЭ
Сэрии. 1941 сыл,
бэс ыйын 22 күнэ.
Өрөбүл күн. Биһиги сынньанар дьон быһыытынан холкутук
туран, куруук сылдьар молочнайбытыгар аһаан кэллибит. Молочнай биһигиттэн
чугас. Некрасов уонна Володарскай улицалар муннук дьиэлэригэр баар. Муус маҥан
скатердаах…

❇️Ленинградка бастакы поезд
Халлаан тымныйан, Ладога күөл мууһунан суол арыллан, бастаан атынан, онтон массыыналарынан сырыы тэрийэн, кэм куорат дьонугар өйүөк буолбута. Ас-таҥас, сэрии сэбэ-сэбиргэлэ онтон да атын таһаҕас тиэйиитэ син биир кыайтарбат этэ. Ол иһин сэриилэһэ сылдьар сорох чаастары уларытан тэрийтэлээн, тимир суол оҥоруутугар туруортаабыттара. Саллааттар «красноармеец» диэн оннугар «трудоармеец» диэн ааттаммыттара. Ленинградтан тимир суол тутуутугар олохтоохтортон таҥыллыбыт хамаандалар кэлэн үлэлэһэллэрэ. Муус үрдүнэн мас сваялары саайталаан, тимир суол тутуута саҕаламмыта.
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/leningradka-bastaky-poezd

❇️2022 сыл сэтинньи 15 күнүгэр Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан Дьокуускай куоракка «Килбиэннээх үлэ куората» бочуоттаах аат иҥэриллибитэ. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыайыыны уһансыыга сүдү кылааттарын киллэрсибит куораттар итинник үрдүк ааты ылар чиэстээхтэр.
❇️Аҕа дойду Улуу сэриитэ ыарахан тургутуунан буолбута. Сэрии саҕаламмытын туһунан Саха сирин салалтата 1941 сыл бэс ыйын 22 күнүгэр олохтоох бириэмэнэн 14 чаас саҕана Москваттан кэлбит телеграмматтан билбитэ. Бу күн куһаҕан сурах куораты тилийэ көппүтэ.
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/serii-syllarygar-olohtooh-boroduuksuya

🙏🏻Үйэлэри үрдүнэн иһиллэ тураллар...
80 сыл анараа өртүгэр Саха сирин сүүһүнэн эдэр-сэнэх дьонун талан, Ильмень күөлгэ илдьэн кыдыйтарбыппыт. Кинилэри кэриэстээн, ол түбэҕэ бара-кэлэ турабыт. Ити гынан баран биир быһаарыллыбатах, умнууга хаалбыт түгэн баар...
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/yeleri-rd-nen-i-ille-turallar

💠Дьокуускай куорат историята 1632 сыллаахха балаҕан ыйын бүтүүтэ Петр Бекетов Өлүөнэ эбэ биэрэгэр Ленскэй остуруогун тутуоҕуттан саҕаламмыта. Бу тутуу икки эрэ сыл турбут уонна халаан уутуттан эмсэҕэлээбит.
Онтон 1634 сыллаахха айанньыт, Енисей атамаана Иван Галкин арыый үрдүк сири талан саҥа остуруогу туппута син биир сыл аайы сааскы халаан уута ылар эбит.
1643 сыллаахха Дьокуускай бастакы бойобуодата Петр Головин куорат билигин турар сиригэр, Туймаада хочотугар, саҥа остуруогу туттарбыта. Чуолкай миэстэтин этэр кыахпыт суох, ол эрээри эбэттэн чугас этэ диэн сабаҕалыахпытын сөп. Ол Саха музейын пуондатыгар хараллан турар худуоһунньук Пантелеймон Попов «Якутск в 1650 году. Крепость Головина» диэн хартыынатыгар көстөр.
Бу тутуу 40 сыл тулуктаспыт – уу сыыйа-баайа ылбыт. 1650-с сыллар бүтүүлэригэр Головин остуруогун аҥаара ууга барбыт.
Саҥа остуруогу тутар туһунан ыраахтааҕыга хаста да сурук суруллубут.

Остуруок бастакы үс сыла
💠Былырыын Дьокуускай куораттааҕы муниципальнай архыып куорат төрүттэммитэ 390 сылынан «История города Якутска: день за днем, год за годом… 1632-1990. Часть 1» кинигэни таһаарбыта.
📕Кинигэҕэ Дьокуускай төрүттэниэҕиттэн 1990 сылга, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ судаарыстыбаннай суверенитеты ылыныар диэри историята кэпсэнэр.
📕Кинигэҕэ куорат архыыба сэдэх, киэҥ араҥаҕа тахса илик матырыйааллары туһаммыта кэрэхсэбиллээх. Оттон олохтоох дьаһалта официальнай саайтыгар (Якутск.рф) «История города Якутска: день за днем, год за годом…» салаа баар буолбута.
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/osturuok-bastaky-s-syla

Forwarded from «КИИН КУОРАТ» хаhыат
#КК_История
📸Поярков уулуссата, 1989 сыл.
Источник: National Geographic 3/1990, 32cтр.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
📸Поярков уулуссата, 1989 сыл.
Источник: National Geographic 3/1990, 32cтр.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Forwarded from «КИИН КУОРАТ» хаhыат
#КК_история
Дьокуускай уулуссаларын былыргы ааттарын билэҕин дуо?
Ленин проспегын бастакы аата Февральскай өрөбөлүүссүйэ аатынан уулусса диэн эбит.
Оттон Орджоникидзе болуоссатын бастакы аата -
Казарменнай уулусса.
Ярославскай уулуссатын былыргы аата - Полицейскай уулусса.
Хаартыскаҕа атын уулуссалар былыргы уонна билиҥҥи ааттарын көр. Хаартыска "Бичик" кинигэ кыһата 2002 с.таһаарбыт П. Петров "Улицы и площади Якутска" кинигэтиттэн.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Дьокуускай уулуссаларын былыргы ааттарын билэҕин дуо?
Ленин проспегын бастакы аата Февральскай өрөбөлүүссүйэ аатынан уулусса диэн эбит.
Оттон Орджоникидзе болуоссатын бастакы аата -
Казарменнай уулусса.
Ярославскай уулуссатын былыргы аата - Полицейскай уулусса.
Хаартыскаҕа атын уулуссалар былыргы уонна билиҥҥи ааттарын көр. Хаартыска "Бичик" кинигэ кыһата 2002 с.таһаарбыт П. Петров "Улицы и площади Якутска" кинигэтиттэн.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сэргээ
#КК_История
Былыргы Дьокуускай
Үйэ анараа өттүгэр Саҥа дьылы хайдах бэлиэтииллэр этэй?
📰«Якутская окраина», «Якутская жизнь», «Ленские волны» хаһыаттар 1914, 1915 уонна 1916 сыллааҕы ахсынньытааҕы уонна тохсунньутааҕы нүөмэрдэрэ Ем. Ярославскай аатынан түмэлгэ хараллан сыталлар.
Өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи былыргы Дьокуускайга Саҥа дьыл бырааһынньыктара хайдах быһыылаахтык ыытыллыбыттарын мантан билиэххэ сөп. Биллэн турар, оччотооҕуга Саҥа дьыллааҕар ордук Ороһооспону улаханнык бэлиэтииллэрэ: https://kiinkuorat.ru/articles/bylyrgy-dokuuskay

Ленинград блокадата
✍️Ленинград диэн тылы иһиттиҥ да, төбөҕөр Аҕа дойду сэриитин биир хараастыылаах түгэнэ охсулла түһэр. Күн бүгүҥҥэ диэри умнуллубакка, дьон өйүгэр-санаатыгар көрдүгэн буолан сылдьар.
Сэрии кыргыһыытыгар сыһыана суох төһөлөөх киһи хоргуйан, тоҥон өлбүтэ буолуой? Билиҥҥэ диэри чуолкайданар кыаҕа суох. Сэрии бүппүтэ 80-ча сыл буолла да, мөккүөр бүтэ илик. Хайдах чуолкайдыаххыный? Өлөөччүлэр истэригэр Ленинград эрэ олохтоохторо бааллар үһү дуо? Ленинградка бэйэтигэр 1941 сыл саҥатыгар 3 мөлүйүөн кэриҥэ киһи олороро диэн этэллэр. Блокада түмүгэр өлбүт дьону сорохтор 1,5 мөлүйүөн дииллэр, сорохтор мөлүйүөн курдук буолуохтаах диэн түмүк таһаараллар. Онтон да араас сыыппара элбэх.
Ол туһунан Ксенофонт Васильев суруйуутун ааҕыҥ: https://kiinkuorat.ru/articles/leningrad-blokadata