«КИИН КУОРАТ» хаhыат
1.67K subscribers
18.9K photos
1.21K videos
1 file
11K links
🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Download Telegram
#КК_ТускарТуһан

Дьон дьиэ туттар сирин атыылаһарыгар бастаан туохха болҕомто ууруохтааҕый, тугу бэрэбиэркэлиэхтээҕий?

☝🏻Сир боппуруостарыгар үлэлиир юрист Александра Портнягина кэпсиир:
– Сир кимиэнэ буоларын туоһулуур докумуоннары таһынан, бастатан туран, ЕГРН-тан сиһилии выписка сакаастыыгыт. Манна, баар буоллаҕына, хааччахтар уонна толук, солуок ууруллуу туһунан информация барыта киирэ сылдьар буолар.
www.spv.kadastr.ru сервиһинэн туһанар табыгастаах. Выписка тута кэлэр.
ЕГРН-тан выписка ылан баран, онно ыйылла сылдьар сири туһаныы ураты зонатыгар болҕомтобутун ууруохтаахпыт. Маны тэҥэ хамсаабат баай-дуол (учаастакка баар дьиэ) туһунан информацияны үөрэтэбит. Ону өссө публичнай кадастровай каартаҕа бэрэбиэркэлиэххэ сөп. Каартаны көрөрбүтүгэр сөп түбэһэр дьапталҕаны холбуурбутун умнубаппыт.
Куорат тутуутун докумуоннарын бэрэбиэркэлииргэ “Геопортал Якутск” сайты туһанабыт. 

Сиһилии манна аах: https://kiinkuorat.ru/articles/siri-atyyla-arbytygar-tugu-berebierkeliehteehpitiy
#КК_Сонун

Оскуолаҥ туһунан кэпсээ — «Артек» лааҕырга сынньан

❇️ От ыйын 18 күнүттэн атырдьах ыйын 30 күнүгэр диэри ыытыллар «Школа. Непридуманные истории» Бүтүн Арассыыйатааҕы өйтөн суруйуу күрэҕин кыайыылаахтара «Артек» лааҕырга сынньанар кыахтаахтар.

Күрэх туһунан сиһилии сайтка билсиҥ: https://рдш.рф/.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_сонун

Режиссер Валентин Макаров «Дьулуур: мас-рестлинг» киинэтэ Бүтүн Арассыыйатааҕы XXIV В.Шукшин кэриэһигэр ыытыллар бэстибээл анал бирииһин ылла.

🎞Киинэҕэ сүрүн оруолу толорбут Гаврил Менкяров интервьюта:
https://kiinkuorat.ru/articles/duluurunan-uonna-talaanynan

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_фотофакт

Хоту дойду сугуна сиппит.

Хоту улуустарга сугуну барыанньалаабакка, үксүн бэйэтинэн тоңорон хаһааналлар. “Шоковай” тоңорууга сир аһын битэмиинэ, иңэмтиэлээх эттиктэрэ оннунан хаалаллар.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_сонун

Билигин моҥкуруукка барыы киэҥник тарҕанна эбэтэр түөрт көлүөһэлэээх тырааныспары кирэдьииккэ киирэн ылыы олус элбээтэ.

☝🏻Бааҥҥа солуок угуллубут массыынаны атыыга таһаараллара кистэл буолбатах.
Массыына атыыласпыккыт кэннэ былдьаан ылыахтарын да сөп. Манныкка түбэспэт туһугар массыынаны атыылаһыаххыт иннинэ тугу бэрэбиэркэлиэхтээххитий: https://kiinkuorat.ru/articles/massyyna-atyyla-yahhyt-innine-berebierkelee

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_кэпсээн

Бойбоох

Сааһыары Чараҥнаах сэлиэнньэтигэр хантан эрэ соҕурууттан гастроллуу сылдьар цирк труппата тигинээн кэллэ. Араас үөрэтиллибит өйдөөх кыыллары тиэйэн аҕалбыттар үһү диэн сурах сэлиэнньэҕэ туолла. Ол кыыллара эмиэ артыыстар диэн дьоһуннаахтык ааттананнар, килиэккэлэрин иһигэр сирэй-харах манаһан олороллор үһү.

— Миша дур-рак! Совсем придур-р-рок! Ты тоже дур-рак! - диэн килиэккэтин иһигэр сотору-сотору ыһыытыыр Киркоров диэн попугайдаахтар.

Килиэккэҕэ хаайыллан кэлбит Миша диэн эһэлээхтэр. Тыа адьырҕата диэтэххэ бэрт көрсүө, сэмэй бэйэлээхтик килиэккэтин иһигэр лэҥкэллэн олорор. Баҕар, кырдьаҕас айантан да сылаарҕаабыта буолуо. Өссө Африкаттан төрүттээх бегемот кэлиэхтээх эбитэ үһү да, аара туга эрэ ыалдьан, Дьокуускайга “Красная Якутия” санаторийга эмтэнэ хаалбыт.

Салгыы аах: https://m.vk.com/@kiinkuorat-boibooh

📲 https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_тускартуһан

Дьиэҕэ-уокка, сүөһүгэ-сылгыга сыһыаннаах сүбэлэртэн


Кыа отун уматан, ол буруотунан тэллэйдэнэр дьиэлэри, умуһаҕы ыһаарыҥ. Күлүн муоста анныгар сииктээх сиргэ кутуҥ. Уута, сиигэ тардыа.

Туос иһиттэри эмиэ кыа от буруотунан ыыһааҥ, оччотугар кутуллубут үүт аһыйбат.

Тэтиҥ хатырыгын оргутан, ынах, сылгы, дьиэ кыылларын тириилэрин сууйан, иһэрдэн үөннэрин өлөрүҥ.

Сүөһү модьууна собо балык өлүн сиикэйдии, тэҥ-тэҥэ тууска булкуйан маас оҥорон, сотон-сыбаан эмтэнэр.

Кутуйах сылдьар сиригэр сугун абаҕатын уматан, буруолатан уураллар. Кутуйах мэлийэр, суох буолар, сытын абааһы көрөн чугаһаабат.

Атын сүбэлэри манна аах

📲 https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_история

Никольскай таҥара дьиэтэ

Никольскай - Николаевскай таҥаратын дьиэтин таһыгар кылабыыһа баара. Өлбүт дьону таҥара дьиэтин таһыгар, олбуор иһигэр көмөллөрө. Бүгүҥҥү күҥҥэ диэри турар таҥара дьиэтэ 1847 сыллаахха атыыһыт Иван Шилов үбүгэр тутуллубут (бу туһунан дьиэ истиэнэтигэр баар табличкаҕа иһитиннэрии баар). Сэбиэскэй кэмҥэ таҥара дьиэтин сабан, араас тэрилтэлэри киллэрбиттэр. Оттон таҥара дьиэтэ диэн аата ааспыт үйэ 90- сылларыгар төннөрүллүбүтэ.

1718 - мас таҥара дьиэтэ тутуллар;
1791 - ити миэстэҕэ таас дьиэ тутуллар;
1847 - кирпииччэ тутуу ыытыллар, турар миэстэтин уларыталлар (билигин турар сирэ);
1930-с сылларга сабыллар;
1995 - сөргүтүллэн, кафедральнай собор статуһун ылар;
2005 - приходской храм быһыытынан үлэлиир.

Никольскай таҥара дьиэтин куолакала Дүпсүҥҥэ бэриллибит. Ол туһунан мантан билсиҥ
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_сонун

Сэрэххитин сүтэримэң!

Коронавирус дьаңын утары үлэни ыытар суһал штаб үлэтэ сөргүтүлүннэ.

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 36 киһи ыалдьыбыт.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

"КИИН КУОРАТ" хаһыат
kiinkuorat.ru саайтыгар мантан ыла "САХА" НКИХ бырагыраамата тахсар

Бэнидиэнньик, от ыйын 25 күнэ

6:00 Саҥа күн
8:00 Утро Якутии
9:00 Саҥа күн
10:00 Утро Якутии
11:00 Тиэргэн
11:30 ПроАвто
12:00 "Якутия"
12:15 Асчыттар
13:00 Дойдум дьоно
13:15 Актуальное интервью
13:30 "Саха сирэ"
13:45 "Якутия"
14:00 Тэтим
15:00 "Якутия"
15:15 Эйгэ
16:30 VIII спортивные игры народов РС(Я)-2022
18:00 "Саха сирэ"
18:15 Поговорим
19:00 "Якутия"
19:15 Актуальное интервью
19:30 Вечерний эфир
20:30 "Саха сирэ-Якутия"
21:00 Тиэргэн
21:30 Пинигинниин айан
22:15 Сайын кэллэ!
22:30 Итоги дня
23:00 VIII спортивные игры народов РС(Я)-2022
0:00 Вечерний эфир
1:00 Поговорим
1:45 Актуальное интервью
2:00 Итоги дня
2:30 Тэтим
3:30 Пинигинниин айан
4:15 Сайын кэллэ!
4:30 Документальнай киинэ (субтитр)

https://kiinkuorat.ru/articles/nvk-saha-byragyraamata-ot-yyyn-25-31-k-ne

📲 https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
Дьокуускайга ханна уонна хайдах сөтүөлүөххэ сөбүй?

Дьэ, өҥүрүк куйаас күннэр тураллар. Онон дьон үксэ киин куоракка уонна куорат таһынааҕы нэһилиэктэргэ сөтүөлүүр сирдэри сураһар.

🔹 Куорат сөтүөлүүр пляһа — 202-с микрорайоҥҥа

Маны таһынан Дьокуускай куорат тулатыгар хас да  улахан “дьиикэй пляж” баар:
🔹 202-ис микрооройуон боротуоката
🔹 Күөх хонууга сааскы халаантан баһыллан хаалар уу
🔹 Сэргэлээх күөлэ
🔹 Пригороднай сэлиэнньэтин боротуоката (Петуховка)
🔹 Мархаҕа баар Соленка күөл
🔹 Үрүҥ Күөл
🔹 Тулагы Киллэм
🔹 Хатыҥ Үрэх, Жатай боротуокалара
🔹 Хомустаах күөлэ
🔹 Атласовтар күөллэрэ
🔹 Хатас даамбата о.д. а. 

Көҥүлэ суох сиргэ сөтүөлээһин иһин ким да ыстарааптыыр кыаҕа суох – барыта бэйэлэрин эппиэтинэстэригэр. Онон ууга сэрэхтээх буолуҥ 🙌🏼

Матырыйаалы манна аах: https://kiinkuorat.ru/articles/hanna-uonna-haydah-s-t-l-hhe-s-b-y

📲 https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_фотофакт

Маяковскай уулуссатыгар "Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар" национальнай бырайыак чэрчитинэн хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар👍

Бу эбийиэккэ үлэ алтынньы 31 күнүгэр түмүктэнэрэ күүтүллэр.

#суол_үлэтэ
#БКД2022

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_кэпсээн

Бэйэм өлбүтүм!

Баһыкка оҕонньор ахсыска уонна онуска үөрэнэр сиэннэринээн Банисуойдуун уонна Гаанньалыын Былдьаһыктаах сыһыытыгар оттуулар. Кинилэри кытта Бэллээски оҕонньор тохсуска үөрэнэр сиэнинээн бааллар. Биригэдьиирдэрэ - Баһыкка оҕонньор. Сыһыы ортотугар баар арыы ойуурга отууланан омурҕанныыллар. Бэллээски убайдаах бырааты ол-бу араас сылтаҕынан киирэн куруук дьээбэлиир, ”ыт мөлтөх дьонунан”, “күөх көппөлөрүнэн” ааттаталыыр. Күүстэрэ баарынан үлэлии сатаан хачыгыраһар уолаттар ону тириилэрин таһынан истэллэр, муннуларын анныгар буугунаһаллар. Бэйэлэрин икки ардыларыгар оҕонньору “бэллэйэ сытыйбыт Бэллээски” диэн ааттыыллар.

Салгыы аах: https://m.vk.com/@kiinkuorat-beiem-lbtm

📲 https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#КК_Сонун

Гостинай тиэргэн

Гостинай тиэргэн, норуокка биллэринэн “улахан баһаар”, былыргы Дьокуускайга билиҥҥи Ленин болуоссатын миэстэтигэр баара.

Баһаар дьиэтин тутууну 1810 с. Иркутскай атыыһыта Пётр Басин көҕүлээбитэ. Ол эрээри тутуу араас төрүөтүнэн 1824 с. биирдэ саҕаланан, 1836 с. биир этээстээх таас дьиэ дьэндэйбитэ.
Манна сүрүннээн атыы-эргиэн лааппылара, ону таһынан административнай тэрилтэлэр, төлөпүөн станцията, библиотекалаах музей, оннооҕор хаартыска өҥөтө бааллара.
Сэбиэскэй кэмҥэ манна Исполком, билиҥҥинэн мээрийэ, кэлин типография уонна ойуулуур-дьүһүннүүр искусство музейа буолбут Якутторг маҕаһыына бааллара.
Гостинай кэннинэн Иоан-Предтеченскэй храмын кылабыыһата баара. Бу храм 1820 с. тутуллубута. Олбуоругар таҥара үлэһиттэрин көмөллөрө.
1957 с. Гостинай тиэргэн тутуулара барыта көтүрүллэн, Ленин аатынан болуоссат тэрийэргэ быһаарыы ылыллыбыта.
Оттон кылабыыһа миэстэтигэр билигин "Азимут" (“Полярная звезда”) гостиница турар.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta