«КИИН КУОРАТ» хаhыат
1.59K subscribers
18.2K photos
1.12K videos
1 file
10.6K links
🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]
Download Telegram
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#КК_анонс

Ыам ыйын 1️⃣ - 1️⃣7️⃣ күннэригэр
💎Уокуруктааҕы норуот айымньытын киинэ
💎«Арчы Дьиэтэ»
💎 "Киин куорат" хаһыат
💎 Ньургуһун күнүн көҕүлээччи, РФ Суруйааччыларын уонна Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Иван Ушницкай

"Ньургуһун - олох, таптал, Кыайыы сибэккитэ"

куйаар ситимин нөҥүө күрэс ыыталлар

💐Көрүҥнэрэ:
- Хоһоон, кэпсээн;
- Ырыа;
- Үҥкүү;
- Клип;
- Уруһуй, ойуу;
- Оҥоһук.

💐Ирдэбиллэр:
- Күөн-күрэскэ кыттыы сааһыттан тутулуга суох;
- Сайаапкаҕа кыттааччы толору аатын, сааһын, салайааччытын, дойдутун, төлөпүөнүн, эл/почтатын, айымньытын аатын, толорор көрүҥүн, бэчээттээн, хаартысканан, видеонан 89142516422 (Петр Петрович), 89142684486 (Ариян Борисович) бассаап нүөмэргэ ыам ыйын 17 күнүгэр диэри ыытар.
Күрэскэ кыттыы төлөбүрдээх.
Хас биирдии кыттааччыга Туоһу сурук бэриллэр. Кыайыылаахтарга көрүҥ аайы анал ааттар иҥэриллиэхтэрэ, махтал суруктар ананыахтара.

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#Якутск #Столица #Киинкуорат #АрчыДьиэтэ #Ньургуһун
#КК_сонун

Бүгүн, ыам ыйын 13 күнүгэр, Аан дойдутааҕы Дьиэ кэргэн күнүн көрсө, “Арчы дьиэтэ” духуобунай култуура киинигэр “Дьиэ кэргэним – көмүс биһигим” бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрээһин буолан ааста.

Тэрээһин Дьокуускай куоракка олохсуйан олорор, ыал буолбуттара быйыл 50-с сылларын, “кыһыл көмүс” сыбаайбаларын бэлиэтээбит 5 ытык ыалы алгыс сиэригэр-туомугар, дьиэ кэргэн ис сыһыанын кистэлэҥнэрин үллэстэр төгүрүк остуолга, аһаҕас кэпсэтиигэ түмтэ.

Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/die-kergenim-k-m-s-bi-igim

Көрсүһүү видеота: https://youtu.be/5OwffHhBjrU

https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

#КиинКуорат #Якутск #АрчыДьиэтэ #ДеньСемьи