«КИИН КУОРАТ» хаhыат
#КК_Сонун ❇️Бэс ыйын 27-28 күннэригэр Дьокуускайга САХА КЭНГИРИЭҺИН ИККИС СИЙИЭҺЭ ыытыллар. ❇️Буолар сирэ: Хатыҥ Үрэх, «Үрдэл» сынньалаҥ паарката, 1 этээс. 18 нүөмэрдээх автобус «Карьер» диэн тиһэх тохтобула БЫРАГЫРААМАТА: Бэс ыйын 27 күнэ 9:30. Бэлиэтэнии…
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#КК_сонун
Саха кэнгириэһин үөрүүлээх арыллыыта
Кэнгириэс үлэтин туһунан #КиинКуорат хаһыат кэлэр нүөмэригэр сиһилии сырдатыахпыт.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta

Саха кэнгириэһин бырабылыанньатыгар Дьокуускай куораттан 25 киһи талылынна.
Кинилэр ортолоругар хаһыат, бэчээт эйгэтиттэн Уйбаан Уххан, Иван Гаврильев, Валерий Луковцев, Владислав Коротов,Нина Герасимова талыллыбыттар.
Маны сэргэ политиктар Егор Жирков, Иван Шамаев, урбаанньыт Афанасий Алексеев, #КиинКуорат хаһыат "Төрөппүт муннуга" рубрикатыгар оҕону сахалыы иитии кыһалҕаларын үгүстүк сырдата сылдьыбыт Вилюяна Никитина о.д.а. киирбиттэр.
Маны сэргэ бырабылыанньаҕа 20 улуустан бэрэстэбиитэллэр талыллыбыттар.
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#Сахакэнгириэһэ

#КК_Анонс
Саха кэнгириэһэ тугу кэпсэттэ?
❇️ Сорох төрөппүттэр – эбэлэр, эһэлэр, кэлэҕэйдии-кэлэҕэйдии, оҕолорун кытта нууччалыы кэпсэтэллэр.
❇️ Сахалыы үөрэнэр оҕолор нэдиэлэҕэ 6-та, нууччалыы үөрэнэллэр - 5-с күн үөрэнэллэр. Маннык таллардахха, төрөппүт өрөбүл күннээх үөрэҕи талар.
❇️ Оҕолорбутугар сөптөөх литэрэтиирэ да суох. Бастакы кылаастан саха тылын учуобунньуктарыгар барыта билбэт эйгэлэрин туһунан: оттуур-мастыыр, куйуурдуур, сүөһү көрөр. Холобура, “Этиини салҕаа: Эбэм Маҕааччыйаны...” диэн сорудах. Билиҥҥи оҕо Маҕааччыйаны хантан билиэй? Эһиги билэргит буолуо, оҕолор билбэттэр. Маҕааччыйаларгытын барытын эһэн баран олороҕут. Математика судургу холобурдартан турар, онтон саха тыла билбэт эйгэлэртэн саҕаланар. Бэл, төрөппүттэр бэйэ-бэйэлэриттэн ыйыталаһаллар.
❇️Хоһоону үөрэтиигэ биир оннук. Тута олоҥхолоон барбакка, оҕоҕо чугас эйгэттэн саҕалыахха наада. Оччоҕуна эрэ оҕо төрөөбүт тылын сэҥээриэҕэ.
Сиһилии #КиинКуорат чэппиэрдээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ.

#КК_Сонун
6000 солкуобайга - #КиинКуорат бастыҥ эрэстэрээннэрэ
Саха сирин эрэстэрээтэрдэрин ассоциацията от ыйын 21 күнүгэр IV өрөспүүбүлүкэтээҕи эргиэн уонна уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэрин форумун чэрчитинэн рестотур тэрийэр.
Бу күн эһиги «Traveler’s Coffee» кофейня, "Сладкие мечты" кондитерскай,
"Аврора" уонна "Зеленый город" эрэстэрээннэр,
"Атласовтар уһаайбалара" этно-комплекс бастыҥ бүлүүдэлэрин сыаналыыр кыахтааххыт.
↘️Рестотур бырагыраамата

✅6000 солкуобайга - #КиинКуорат бастыҥ эрэстэрээннэрэ
👏🏻Саха сирин эрэстэрээтэрдэрин ассоциацията бүгүн, от ыйын 21 күнүгэр, IV өрөспүүбүлүкэтээҕи эргиэн уонна уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэрин форумун чэрчитинэн рестотур тэрийэр.
🔸 «Traveler’s Coffee» кофейня, "Сладкие мечты" кондитерскай,

#КК_СытыыМуннук
✅ Дьокуускай таһынааҕы Маҕан бөһүөлэгин балыыһатыгар Доруобуйа харыстабылын миниистирин эбээһинэһин толорооччу ыалдьыттаабытын туһунан сонуну министиэристибэ ханаалыгар таһаардылар.
Миниистир эбээһинэһин толорооччу үлэтинээҕэр ааҕааччы хараҕа официальнай сирэйдэр хаартыскаларыгар хатанар:
😳АМБУЛАТОРИЯ (сахалыы таба суруйуу тылдьытынан амбылатыарыйа диэн ыйыллар - #КиинКуорат) АМБУЛАТОРЫЙА буолбут.
ВЫЗОВТАРЫ ылыы ЫЛААҺЫН дэммит...
🤷🏻♀️Маннык түгэннэргэ аныгы үөрэхтээх ааҕааччы бэркиһии сатаан баран бэркиһээбэт да балаһыанньата үөскүүр.
Ким хайдах саныырынан, сатыырынан, төһө кыахтааҕынан тылбаастаан судаарыстыбаннай (!) тэрилтэлэр (кэтэх тэрилтэлэри этэ да барыллыбат) ааттарын суруйара көҥүл.
Ийэ тылы тыыннаах хаалларар сыаллаах икки тылынан суруйууну ирдиир буолан баран☝🏻 тоҕо таба уонна сөпкө суруйууну хонтуруоллаабаппытый?
https://t.iss.one/minzdav_sakha/3136

❇️ От ыйын 22 күнүгэр Саха сиринээҕи Арассыыйа почтата Саха АССР 100 сылынан 300 устуука маарка уонна 100 кэмбиэр атыыга тахсыбытын туһунан сонуну иһитиннэрбитэ.
✉️ Өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан тахсыбыт саҥа мааркаларга «Республика Саха (Якутия). 100 лет» диэн суруктаах, Саха сирин гербэтэ, сахалыы орнамент ойуулаах, маарканы Пушкин аатынан Нуучча драматическай тыйаатырын, Ирбэт тоҥ музейын, Национальный художественнай музей, Өлүөнэ очуостарын, АЛРОСА хампаанньа уонна Петр Бекетов пааматынньыгын, алмаас, көмүс ойуулара киэргэтэллэр. Кэмбиэргэ маарка тахсыбыт күнэ-дьыла ыйыллар. Бүгүҥҥү күҥҥэ кэмбиэр атыыга бүппүт; бэлиэтээн эттэххэ, 17 солкуобайга атыыламмыт. Оттон маарка сыаната 100 солк.
✉️ Саха АССР төрүттэммитэ 50 сылынан 1972 сыллаахха эмиэ Саха сирин тиэмэтигэр анал кэмбиэрдэрдээх мааркалар тахсан тураллар.
Ол таһаарыы өйдөммөт түгэннэрин туһунан #КиинКуорат чэппиэрдээҕи нүөмэригэр ааҕыаххыт.

#КК_АйылҕаттанАйдарыылаахтар
❇️ "...Бэйэм үлэбинэн "киирэ-тахса" сылдьан көрдөхпүнэ, өбүгэлэрбит барахсаттар аһары эстибиттэрин, таҥастара-саптара илдьирийбитин көрөбүн. Бэйэлэрин иһиттэххэ, эт сиэхтэрин, амтаннаах ас аһыахтарын баҕаралларын тириэрдэр үгэстээхтэр. Сирдээҕи олохторугар тугу аһаан олорбуттарынан төрүт аһынан күндүлүүр ордук. Кинилэр онтон ордук астыналлар, дуоһуйаллар. Холобурдаан эттэхпинэ, кыра этинэн, үрүҥ аһынан күндүлүөххэ наада...
❇️... Аал уокка кураанахтыы кутуу чэйи биэрэллэрэ үгүс. Бу эмиэ сыыһа. Чэйи чэй курдук, үүттээх биэриэххэ наада.
#КиинКуорат саҥа нүөмэригэр Дьааҥы айылҕаттан айдарыылааҕа Анастасия Картузованы кытта сэһэргэһии тахсыаҕа

✅Быйыл Дьокуускайга федеральнай бырагыраама чэрчитинэн, 11 оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөн бара турар.
🏫 Билиҥҥи кэмҥэ 20 уонна 36 нүөмэрдээх оскуолаларга өрөмүөн түмүктэннэ, атыттарга үлэ 70 % оҥоһулунна. Балаҕан ыйын 1 күнүгэр оҕолор саҥардыллыбыт оскуолаларга кэлиэхтэрэ.
👍🏻Эһиилги сылга федеральнай бырагыраамаҕа #киинкуорат 14 оскуолата хапсар.

#КК_фотофакт
Маяковскай уулуссатыгар суол үлэтэ тэтимирбит👍
Сайсары уокуругун кырачаан олохтоохторо үөрүүлэрэ үксүүр 😎 Самокатынан, бэлисипиэтинэн хатааһылыырга ааттаах үчүгэй! 🛴🚲 Улахан дьон эмиэ хаалсыбаттар, хаартыскаҕа түһэрэр кэммитигэр хас да бэлисипиэттээх киһи сүүрдэн ааста🚲🚲🚲
Бу иннинэ кыһыннары-сайыннары оллур-боллур, саас, сайын, күһүн бадараанынан "көрөр", чалбаҕа "күөлгэ" кубулуйар суоллара күн аайы тупса турарыттан олохтоохтор үөрэллэр 👍😍😊
https://t.iss.one/kiin_kyorat_gazeta
#киинкуорат
#БКД2022
#суол_үлэтэ
#киинкуоратсуоллара