️МР "Верхневилюйский район" - admvervil
2.73K subscribers
17.6K photos
3K videos
9 files
2.22K links
с.Верхневилюйск ул. Г.Васильева д.2
8(41133)4-12-37
[email protected]

Наши ссылки:

ТГ: https://t.iss.one/admvervil

ВК: https://vk.com/club201228726

Сайт: https://mr-verhneviljujskij.sakha.gov.ru/
Download Telegram
Үөһээ Бүлүүгэ ахсынньы ый 14-15 күннэригэр Хапсаҕай Федерациятын Кубога оонньонуоҕа.

Бүгүн "Үс хоһуун" спорт комплексыгар Хапсаҕай бырааһынньыгар бэлэмнэнии хайдах баран иһэрин билистим. Үөһээ Бүлүүтээҕи спорт салалтатын салайааччыта Егор Алексеевич Николаев тэрээһин үөрүүлээх арыллыытын сценарийын билиһиннэрдэ, Үөһээ Бүлүү улууһун хамаандата күүстээх бэлэмнээҕин этиннэ. Маны тэҥэ, быйылгы Хапсаҕайга саҥа сүүрээн киирэн, 3 абсолютнай күрэх ыытылларын иһитиннэрдэ. Ол курдук, 75 кг диэри, 75 кг үөһэ уонна бэтэрээннэргэ диэн хайысхаларынан арахсан бириистээх миэстэлэр оонньонуохтара.

Хапсаҕайга уопсайа 10 улуустан 17-лии хапсаҕайдьыттаах хамаанда улахан көбүөргэ күөн көрсүөҕэ.

Хапсаҕай федерациятын Кубогар уопсайа 600
тыһыынча солкуобай оонньонуоҕа.

#КубоФедерацииБорьбы
#КубокФедерации
#Хапсаҕай
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev