"Тобуруокап көмүс күһүнэ" өрөспүүбүлүкэтээҕи 8-с төгүлүн ыытыллар көҥүл хоһоон түһүлгэ бүгүн, балаҕан ыйын 7-с күнүгэр түмүктэннэ.
Тэрээһиҥҥэ уопсайа 15 улуустан 223 киһи кыттыыны ылла. Ол курдук, Дьокуускай куораттан, Нам, Таатта, Орто Халыма, Хаҥалас, Чурапчы, Үөһээ Дьааҥы, Уус Алдан, Өлүөхүмэ, Абый, Кэбээйи, Сунтаар, Ньурба, Амма, Үөһээ Бүлүү улуустарыттан
74 кыттааччы, 29 ыалдьыт, 71 истээччи, 49 тэрийээччи кытыннылар.
Түһүлгэ иккис күнүгэр 4 строка хоһооҥҥо уонна хоһуйууга күөн күрэх тэрилиннэ.
4 строкалаах хоһоону тута айыыга Үөһээ Бүлүү улууһун хоһоонньута Харыйалаах уола кыайан 10.000 солкуобай харчыннан наҕараадаланна.
Хоһуйуу күрэҕэ 3 түһүмэххэ арахсан ыытылынна. Уопсайа 14 хоһоонньут күрэхтэстэ. Бастакы түһүмэххэ көҥүл хоһуйууга талбыт киһилэрин көрөн туран тута хоһуйдулар. Иккис түһүмэххэ 6 хоһоонньут талыллан "телефон" диэн тиэмэни арыйдылар. Үһүс түмүктүүр киирсиигэ 3 күрэхтэһээччи "орон" диэн тиэмэҕэ хоһоону тута хоһуйан аахтылар.
Тыҥааһыннаах киирсии түмүгэр Муҥутуур кыайыылааҕынан биллэрилиннэ Таатта улууһуттан "Иэйии" түмсүү бэтэрээнэ Жулеева Александра - Суһума. Кыайыылаахха 50.000 солкуобай уу харчыннан туттардылар.
"Тобуруокап көмүс күһүнэ" түһүлгэҕэ "Дани-Алмас" бэчээттиир хампаанньыйа хоһоонньуттарга анал күрэхтэһии тэрийбитэ. Хоһооннору көрүү түмүгэр Ньурба улууһуттан Стручкова Саргылана кыайыылааҕынан тахсан "Дани-алмас" типографияттан 100 экземплярдаах кинигэни бэчээттэтэргэ туоһу суругу тутта. Иккис миэстэни ылбыт Үөһээ Бүлүү улууһуттан Хобусарова Антонина 75 экземплярдаах кинигэни бэчээттэтэргэ туоһу сурук тутта. Үһүс бочуоттаах миэстэни Чурапчы улууһуттан Корякина Римма - Хотууна ылан 50 экземплярдаах кинигэни бэчээттэтэргэ туоһу суругу тутта. Ону тэҥэ улуус түмсүүлэрэ 20% чэпчэтиилээх бэчээттэтиигэ туоһу суруктарынан наҕараадаланнылар.
Тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ыытылынна, дьон-аймах кэрэһэбилин ылла. Аныгыс 9-с өрөспүүбүлүкэтээҕи хоһоон түһүлгэтэ аны икки сылынан - 2026 сылга ытык Нам сиригэр, Тобуруокап тэлгэһэтигэр ыытыллыаҕа. Бары тэрийээччилэргэ, кыттааччыларга, ыалдьыттарга умнуллубат үтүө түгэннэр иһин махтанабыт уонна айар-тутар үлэҕитигэр ситиһиилэри, саҥа иэйиилэри баҕарабыт.
#ТобуруокапКөмүсКүһүнэ
#КөмүсКүһүн
#ҮөһээБүлүү
Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс сулууспата.

Forwarded from Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
Саҥа талыллыбыт Кэнтик нэһилиэгин баһылыгын Федотов Сергей Петровиһы кытта көрсөн бастакы үлэ кэпсэтиитин ыыттым. Сергей Петрович өр сылларга Кэнтик нэһилиэгин дьаһалтатыгар үлэлээбит киһи быһыытынан Кэнтик нэһилиэгэ сайдарыгар элбэх бэйэтэ көрүүлэрдээҕин, былааннааҕын үллэһиннэ.
Кэнтик нэһилиэгин саҥа талыллыбыт баһылыгын Сергей Федотову үгүс дьон эрэлин ылан кыайбытынан эҕэрдэлээн ситиһиилэри баҕардым.
#Кэнтик
#ҮөһээБүлүү
#ЕдинаяРоссия
#ИннибитХотуБарыБииргэ
t.iss.one/ValeriNikolaev

This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Улуус дьаһалтатыгар үлэ нэдиэлэтин түмүктүүр сүбэ мунньах чэбдигирдэр сэрээккэннэн саҕаланна.
#ЧөлОлох
#ҮөһээБүлүү
Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс сулууспата.
#ЧөлОлох
#ҮөһээБүлүү
Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс сулууспата.
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүн, балаҕан ыйын 15 күнүгэр Дьокуускай куоракка Исидор Никифорович Барахов скверыгар "Ураан" Үөһээ Бүлүү улууһун устудьуон ыччатын түмсүүтэ суббуотунньук тэрийдилэр.
Улуу убайбыт Исидор Барахов мэҥэ тааһын ыраастыырга ыччаттарбыт күргүөмнээх үлэ тэрийбиттэрэ Үөһээ Бүлүү улууһун ыччата күүстээх түмсүүлээҕин көрдөрөр.
Маннык көхтөөх, түмсүүлээх ыччаттардаахпытынан киэн туттабыт✊️
#ТүмсүүСыла
#ҮөһээБүлүү
#Ураан
Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс сулууспата.
Улуу убайбыт Исидор Барахов мэҥэ тааһын ыраастыырга ыччаттарбыт күргүөмнээх үлэ тэрийбиттэрэ Үөһээ Бүлүү улууһун ыччата күүстээх түмсүүлээҕин көрдөрөр.
Маннык көхтөөх, түмсүүлээх ыччаттардаахпытынан киэн туттабыт✊️
#ТүмсүүСыла
#ҮөһээБүлүү
#Ураан
Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс сулууспата.
Forwarded from Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
Сэтинньи ыйга анал байыаннай дьайыы сиригэр Үөһээ Бүлүү улууһун делегацията бу сылга үһүс төгүллээх гуманитарнай сырыытыгар бэлэмнэнэр.
Хас биирдии тэрилтэ үлэһиттэригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр пуондаҕа кылааткыт иһин махтанабын. Ону тэҥэ байыас уолаттарбыт биир дойдулаахтарыгар ис сүрэхтэн махтаналларын өрүү биллэрэллэр.
Бүгүҥҥү сүбэ мунньахха баһыылкалары, көмө харчыны хомуйааһын саҕаланарын иһитиннэрдим. Биир дойдулаах анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыттан сайаапкалар киирэ тураллар.
Анал байыаннай дьайыы уоттаах киирсиилэригэр байыастарбыт олохторун харыстыыр, быыһыыр кыахтаах тэриллэр: тепловизордар, антидроннар, РЭП радиоэлектронный подавителлэр, дроннар, БПЛА-лар, матаһыыкыллар олус наадалаахтар.
Үһүс сырыыбытын сэтинньи ый ортотугар, идэһэ кэмэ саҕаламмытын кэннэ, уолаттарбытыгар дойдуларын этиттэн, аһыттан илдьэ тиийэр курдук былааннанныбыт.
Байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар ананар көмөнү тэрийэр пуондаҕа харчы киириитигэр баҕа өттүнэн күн бүгүн улуус 51 тэрилтэтэ үлэлэһэ олорор. Итиэннэ биирдиилээн биэнсийэлээх аҕам саастаах дьон ый ахсын биэнсийэлэриттэн бу пуондаҕа көмө киллэрэ тураллар олус хайҕаллаах.
Байыастарга ананар гуманитарнай сырыы Саха сирин киинин кытта былааннаан оҥоһуллар. Бу сырыыга улуус дьаһалтатын аатыттан 4 киһи барара былааннанар. Онон нэһилиэктэр баһылыктарыттан бу сырыыга кыттыһыан баҕалаах дьонтон сайаапка күүтэбит. Биир дойдулаах уолаттарбытыгар көмө буолар, олус наадалаах тэриллэрин атыылаһан ылан илдьэргэ үлэһит нэһилиэнньэттэн көмө киирэрэ наада. Барыта кыайыы туһугар диэн санаанан салайтаран көмөҕүтүн түргэтэтиэххит диэн эрэнэбин.
#СВОихНеБросаем
#ҮөһээБүлүү
#ВсеДляПобеды
#ВерхневилюйскийУлус

Алтынньы ый 23 күнүгэр, Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатыгар оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын тула мунньах тэрилиннэ.
Манна улуус баһылыгын социальнай хайысхаҕа солбуйааччы А. М. Уларова, үөрэх салалтатын улэhиттэрэ уонна улууспут тэрилтэлэрин салайааччылара, межведомственнай хамыыһыйа буолан үлэлээтилэр.
Анна Михайловна киирии тылыгар оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын тэрийиитэ улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ. Арассыыйаҕа кэлэр 2025 сыл үөрэх салаатыгар “Оҕо сынньалаҥын сыла” бэриллибитэн улууска араас тэрээһиннэр ыытыллаллара күүтүллэр. Ол курдук, оҕону лааҕырынан хабыы 40% үрдүүрүгэр сыал-сорук турда, “Трудовой-81” уонна “Эһэлээх маар” стационарнай лааҕырдар өрөмүөннэнэр бырайыактара ылыналларыгар былаан туруорулунна. Военно-патриотическай, туристическай уонна доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору хабааһыннаах лааҕырдары Грант нөҥүө көҕүлээһин буолуохтаах.
Онтон 2023-2024 сылга улууспутугар үлэлээбит лааҕырдар үлэлэрин туһунан үөрэх салалтатын иитии уонна эбии үөрэхтээһин салаатын исписэлииһэ Элина Эрнстовна Христофорова сырдатта. Уопсайа 12 лааҕыр, ол иһигэр 10 лааҕыр күнүнэн сылдьыы, 1 лаа5ыр стационарнай уонна 1 палаточнай лааҕыр үлэлээн 1005 оҕо хабыллыбыт. Ону таһынан, Арассыыйаҕа уонна Саха сирин лааҕырдарыгар 1077 оҕо, ол эбэтэр 33,6% о5о хабыллыбытын бэлиэтээтилэр.
Кылгас кэмҥэ дьарыктаах буолууга 14-18 саастарыгар дылы оҕолору хабааһын туһунан “Нэһилиэк дьарыктаах буолуу” киинин салайааччыта Петров Николай Константинович кэпсээтэ. Ол курдук, быйылгы сылга уопсайа 120 оҕо хабыллан араас үлэҕэ киирэннэр хамнас ыллылар.
Мунньахха лааҕыр үлэтигэр туох ыарахаттар үөскүүллэрин ырыттылар. Ол курдук, эбии 5 оскуола базатыгар лааҕыр арыллыыта наадалааҕын эттилэр.
Мунньах түмүгэр, улуус баһылыгын В. В. Николаев аатыттан Махтал суругунан лааҕыр тэрийиитигэр көмөлөрүн иһин наҕараадаланнылар:
1) Александров А.П. – Үөһээ Бүлүүтээҕи ОНД уонна ПР салайааччыта;
2) Петров Н.К. - Үөһээ Бүлүүтээҕи “Нэһилиэк дьарыктаах буолуу” киинин салайааччыта;
3) Мачахтыров В.В. – Үөһээ Бүлүүтээҕи ветеринария салалтатын салайааччыта;
Ону таһынан, оҕо сынньалаҥын тэрийэргэ аһылык боппуруоһугар бэриниилээхтик үлэлээбитин иһин:
1) Тимофеева С.С. уонна Тарасова А.И – Үөһээ Бүлүүтээҕи И. Бараахап аатынан орто оскуолатын “Бараховец” лааҕырын повардара;
2) Егорова Л.Н. – Далыр орто оскуолатын “Трудовой-81” лаа5ырын повара.
#үөһээбүлүү #оҕосынньалаҥа #ЛОК2024 #годлетнейзанятости

Сахаларга былыр былыргыттан муҥха тэрээһинэ бэйэтэ улахан бырааһынньык буолар.
Сэтинньи 4-с күнүгэр норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө "Үөһээ Бүлүү улууһа" муниципальнай оройуон дьаһалтата Ороһу нэһилиэгин Өтөхтөөх күөлүгэр улууспутугар Түмсүү сылын чэрчитинэн "СОМОҔОЛОҺУУ МУҤХАТЫН" тэрийдибит.
Бу күн уопсайа эр киһилиин, дьахтардыын, кырдьаҕастыын, оҕолуун барыта 380-ча киһи сырытта.
Кэлбит дьону барыларын итии миининэн, чэйинэн Ороһу нэһилиэгин дьаһалтатын үлэһиттэрэ көрүстүлэр.
Муҥха иннигэр Алгыс тылы эттэ - Үөһээ Бүлүү улууһун бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэсэдээтэлэ Иван Егорович Чычахов. Алгыс кэннэ кэлбит бар дьон кытыан от буруотунан ыраастаннылар.
Муҥхаҕа кэлбит дьон ким тугу сатыырынан үөрэ-көтө, сытыытык, сымсатык туттан көхтөөхтүк үлэлээтилэр. Улахан дьону кытта оскуола саастах оҕолорбут эмиэ тэбис-тэҥҥэ сылдьыспыттара улахан хайҕабыллаах. Оҕолорбутун эр дьон көмүс хатырыктаах хайдах бултанарын үөрэттилэр. Ыччаттарбыт аҕа көлүөнэни кытта тэҥҥэ сылдьан, саха омук сатабылыгар үөрэнэллэрэ, бултка, балыкка сысталлара элбэҕи эрэннэрэр.
Муҥха түспүт эбэтэ кэлбит дьону маанылаата, Күөх Боллох тойон “мичик” гынна, бэрткэ диэн көмүс хатырыктааҕыттан бэристэ.
Бу муҥхаттан ирээт балык Үөһээ Бүлүү улууһуттан анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарбытыгар ыытарга анаан Кыайыы пуондатыгар туттарылынна.
Улуус дьаһалтатын муҥхатыгар кэлэн кыттыыны ылбыт биир дойдулаахтарбытыгар көхтөөх, түмсүүлээх үлэҕит иһин махтанабыт!
#Муҥха2024

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сэтинньи ый 25 күнүттэн Олоҥхо декадата саҕаланар. Улуустааҕы культура уонна дуохуобунай сайдыы департамена (сал. Мойтохонова А.М.), И.С.Семенов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи Олоҥхо норуот тыйаатыра (сал. Босикова А.К.) уонна Н.И.Бойлохов аатынан оҕо искусство оскуолата (дир. Иванов А.В.) түмсэн биир дойдулаахпыт Ф.Н.Тимофеев – Биэчэрэ «Түмэн Түүрэй бухатыыр» олоҥхотунан Бурхалей Степанович Макаров суруйбут сценарийыгар олоҕуран 4 оонньуулаах, 7 хартыыналаах, түмүктээх Н.Бойлохов аатынан оҕо искусство оскуолатын уонна Олоҥхо оскуолатын үөрэнээччилэрэ кыттыылаах олоҥхо-спектакль туруоруутун репетицията бу күннэргэ тиһигин быспакка ыытылла тураллар.
Олоҥхо сүрүн туоруорааччыта - СӨ культуратын уонна үөрэҕириитин туйгуна Оҕо искусство оскуолатын театр кылааһын учуутала Яковлева Дария Ивановна, сүрүн худуоһунньук - СӨ культуратын уонна үөрэҕириитин туйгуна, Оҕо искусство оскуолатын уруһуй кылааһын учуутала Саввина Майя Васильевна, хореографтар СӨ культуратын уонна үөрэҕириитин туйгуна, Оҕо искусство оскуолатын үҥкүү кылааһын учуутала Иванова Сардана Ивановна, Павлова Уйгулана Анатольевна, оҕо оркестрын салайааччыта СӨ культуратын туйгуна, баян кылааһын учуутала Афанасьев Никифор Никифорович. Фольклор кылааһын учууталлара СӨ культуратын туйгуна Хобусарова Марианна Владимировна, Герасимов Кондратий Федотович уонна Оҕо искусство оскуолатын преподавателлара бары оҕо олоҥхотун туруоруутугар үлэлэһэ сылдьаллар.
Олоҥхо–спектакльга барыта 91 оҕо искусство оскуолатын үөрэнээччилэрэ: фольклор, хореография, театр кылааһын, оркестр талааннаах үөрэнээччилэрэ кыттыыны ылыахтара. Билиҥҥи туругунан сүрүн оруоллар талыллан, сценарийдарын, тыллара-өстөрө түҥэтиллэн, үөрэтиллэн бэлэмнэнии барар.
«Түмэн Түүрэй бухатыыр» олоҥхо-спектаклга уус тыллаах олонхоһут оҕолор орто дойду бухатыырдарын охсуһууларын, саха нарын килбик кэрэ куоларын, кубулуҥ-дьибилиҥ абааһылары, үс дойдунан айанныыр удаҕаттары, үөһээ халлаан олохтооҕо Үрүн Айыыны ыллаан-туойан, дьүһүйэн көрдөрөн дьон-сэргэ кэрэхсэбилин ылыахтара.
Оҕо олоҥхото сэтинньи 25 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Олоҥхо дьиэтигэр киэһэ 17:00 ч. дьон-сэргэ сэҥээриитигэр тахсыаҕа.
#ДекадаОлоҥхо
#ҮөһээБүлүү
#Олоҥхо

Анал байыаннай дьайыы сиригэр биир дойдулаах байыастарбытын көрсө бу сылга үһүс гуманитарнай сырыыбытыгар бэлэмнэнии бара турар.
Байыастарга дойдуларыттан саха амтаннаах балыгын, этин тоҥорон илдьэрдии, бу сырыыбытын анаан-минээн муҥха, идэһэ кэмин кэннэ былааннаабыппыт.
Ол курдук, быйылгы улуус дьаһалтатын муҥхатыттан соболор, МУП "Булунское" тиксэрбит балыктара айаҥҥа бэлэмнэр.
Ону таһынан, Ороһу нэһилиэгиттэн Семен уонна Николай Захаровтар биир убаһаны уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи тыа хаһаайыстыбатын салалтата эбии биир убаһаны фондаҕа туттардылар.
Убаһа этин, иһин Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын үлэһиттэрэ астаан айаҥҥа бэлэмнээтилэр.
Икки эрдэтээҕи сырыыларбытыгар байыастар дойдуларын аһын ахталларын этиммиттэрэ. Онон бу сырыыга сэриигэ туһалаах техниканнан эрэ буолбакка дойду аһыттан кэһиилээх тиийэрбит олус долгутуулаах.
Анал байыаннай дьайыы байыастарыгар өйөбүл фондаҕа көмөлөспүт биир дойдулаахтарбытыгар истиҥ махталбытын этэбит.
Кыайыыга - бары бииргэ!
#СВОихНеБросаем
#ҮөһээБүлүү
t.iss.one/ValeriNikolaev
Байыастарга дойдуларыттан саха амтаннаах балыгын, этин тоҥорон илдьэрдии, бу сырыыбытын анаан-минээн муҥха, идэһэ кэмин кэннэ былааннаабыппыт.
Ол курдук, быйылгы улуус дьаһалтатын муҥхатыттан соболор, МУП "Булунское" тиксэрбит балыктара айаҥҥа бэлэмнэр.
Ону таһынан, Ороһу нэһилиэгиттэн Семен уонна Николай Захаровтар биир убаһаны уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи тыа хаһаайыстыбатын салалтата эбии биир убаһаны фондаҕа туттардылар.
Убаһа этин, иһин Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын үлэһиттэрэ астаан айаҥҥа бэлэмнээтилэр.
Икки эрдэтээҕи сырыыларбытыгар байыастар дойдуларын аһын ахталларын этиммиттэрэ. Онон бу сырыыга сэриигэ туһалаах техниканнан эрэ буолбакка дойду аһыттан кэһиилээх тиийэрбит олус долгутуулаах.
Анал байыаннай дьайыы байыастарыгар өйөбүл фондаҕа көмөлөспүт биир дойдулаахтарбытыгар истиҥ махталбытын этэбит.
Кыайыыга - бары бииргэ!
#СВОихНеБросаем
#ҮөһээБүлүү
t.iss.one/ValeriNikolaev
Forwarded from Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
Сэтинньи 16-17 күннэригэр Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт, улуу спортсмен Алексей Никифоров аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи 23 саастарыгар диэри эдэр бөҕөстөр чемпионаттарыгар Үөһээ Бүлүү улууһа үһүс төгүлүн бастаата!
Хапсаҕай уйата - Үөһээ Бүлүү буоларын өссө төгүл улахан көбүөргэ тахсан биһиги бөҕөстөрбүт биллэрдилэр!
Чемпионатка уопсайа 25 хамаанда кытынна.
Улууспут аатын чиэстээхтик көмүскээбит Чемпионнарбытыгар үрдүк ситиһиигитинэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
#Хапсаҕай