Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.35K photos
247 videos
661 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Кэнтик нэһилиэгэр уулуссалар суолларын асфальтынан бүрүйүү үлэтэ түмүктэнэн эрэр.

РИК "Автодор" хампаанньыйа атырдьах ыйын 11 күнүттэн суолу өрөмүөннээһин асфальтынан бүрүйээһин үлэтин саҕалаабыта.

Кэнтик нэһилиэгин иһинээҕи суоллары өрөмүөннээһин, асфальтынан бүрүйээһин үлэтэ «Тыа сирэ биир кэлимник сайдыыта» Российскай Федерация судаарыстыбанай бырагыраамматын «Тыа сиригэр тыраанспар, суол-иис сайдыыта» федеральнай бырайыак чэрчитинэн оҥоһуллар.

Бырайыак көмөтүнэн Кэнтик нэһилиэгэр 5 уулусса (ул. им. Героя Советского Союза Миронова А.А., Советская, Харыялахская, Кентикская) уопсайа 2,25 км уһуннаах суол оҥоһуллар.

Кэнтик нэһилиэгин дьаһалтатын хамаандата хас да сыллаах сыралаах үлэтин түмүгэр былырыын 2023 сылга федеральнай конкурска кыайан, суол өрөмүөнүгэр уопсайа 91 033 550 солк., ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн - 55 741 000 солк., өрөспүүбүлүкэ бүддьүөттүттэн - 25 374 060 солк., Кэнтик нэһилиэгин бүддьүөттэн - 720 000 солк., эбии үбүлээһининэн - 9 198 390 солк. көрүлүннэ.

Бүгүн суол оҥоһуллуутун хаачыстыбатын көрдүм, сорох сирдэргэ туох ситэри оҥоһуллуохтааҕын бэлиэтээн эттим.

#СтроительствоДорог
#АсфальтированиеДорог
#Кэнтик
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Харбалаах нэһилиэгэр Исидор Бараахап аатынан уулусса асфальтынан бүрүллээһинин көрдүбүт.

Бэдэрээтчиттэр түргэн тиэмпэлээхтик үлэни түмүктээн эрэллэрин Харбалаах нэһилиэгин баһылыга Константин Данилович бэлиэтээн эттэ.

Уопсайа 675 м. уһуннаах суол асфальтынан бүрүлүннэ. Салгыы суол кытыытынан тратуар ууруута, суол знактарын оҥоруу, күрүөлээһин, разметкалары оҥоруу үлэтэ бара турар.

Былырыын И.Н. Барахов 125 сылын көрсө Саха Өрөспүүбүлүкэтин суол-иис, тыраанспар министиэристибэтин конкуруһун түмүгүнэн суолу оҥорууга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлээһин көрүллүбүтэ.

Исидор Барахов аатынан уулусса саҥа асфальтаммыт суолун бу сыл балаҕан ыйын 26 күнүгэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйыахпыт.

#СтроительствоДорог
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүн көрсөр бэлиэ түгэҥҥэ Харбалаах нэһилиэгэр Исидор Бараахап аатынан уулусса асфальт суола арылынна.

Исидор Барахов 125 сылын үбүлүөйүн бэлиэтиир сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтин суол-иис, тыраанспар министиэристибэтин конкуруһун түмүгүнэн уопсайа 671 м. уһуннаах суолу асфальтынан бүрүйүүгэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлээһин көрүллүбүтэ.
Исидор Барахов аатын сүгэр уулусса тупсаҕай көстүүлээх асфальт суолламмыта Харбалаах нэһилиэгин олохтоохторугар, Үөһээ Бүлүү улууһугар бэлиэ түгэн буолар.

Бу үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ СӨ бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччыта Георгий Михайлов, СӨ тыраанспарга уонна суол-иис хаһаайыстыбатыгар миниистирэ Владимир Сивцев кыттыыны ыллылар.

Тыа сиригэр маннык хаачыстыбалаах, аныгылыы быһыылаах асфальт суоллар улууспутугар элбии туруохтара диэн эрэллээхпит. Саҥа суол үйэлээх, айана алгыстаах буоллун.

#СтроительствоДорог
#ИсидорБарахов
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Бүгүн, балаҕан ыйын 27-с күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбыннаһын бэлиэтиир өрөгөйдөөх күммүтүгэр Кэнтик нэһилиэгэр 4 уулусса асфальт суола үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна!

Бү үөрүүлээх түгэҥҥэ Кэнтик нэһилиэгин олохтоохторун СӨ тыраанспарга уонна суол-иис хаһаайыстыбатыгар миниистирэ Владимир Сивцев эҕэрдэлээтэ.

Кэнтик нэһилиэгэ бүтүн Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бастакы уонна соҕотох асфальт суолунан бүрүллүбүт элбэх уулуссалаах нэһилиэк буолла.

Бу сыалы ситиһиигэ «Тыа сирэ биир кэлимник сайдыыта» Российскай Федерация судаарыстыбанай бырагыраамматын «Тыа сиригэр тыраанспар, суол-иис сайдыыта» федеральнай бырайыак көмө, тирэх буолла.

Бырайыак көмөтүнэн Кэнтик нэһилиэгэр 4 уулуссаҕа (ул. им. Героя Советского Союза Миронова А.А., Советская, Харыялахская, Кентикская), уопсайа 2,25 км уһуннаах суол оҥоһулунна.

Кэнтик нэһилиэгин дьаһалтатын хамаандата хас да сыллаах сыралаах үлэтин түмүгэр былырыын 2023 сылга федеральнай конкурска кыайан, суол өрөмүөнүгэр уопсайа 91 033 550 солк., ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн - 55 741 000 солк., өрөспүүбүлүкэ бүддьүөттүттэн - 25 374 060 солк., Кэнтик нэһилиэгин бүддьүөттэн - 720 000 солк., эбии үбүлээһининэн - 9 198 390 солк. көрүллэн суол оҥоруутун үлэтэ быйыл саҕаламмыта.

РИК "Автодор" хампаанньыйа атырдьах ыйын 11 күнүттэн суолу өрөмүөннээһин асфальтынан бүрүйээһин үлэтин саҕалаан бу күннэргэ түмүктээтэ.

Бүгүҥҥү бэлиэ күҥҥэ - Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбыннаһын күнүгэр Кэнтик нэһилиэгэр 4 уулусса асфальтынан бүрүллэн оҥоһуллубута Сахабыт Сирэ балысхан сайдыытын биир бастыҥ ситиһиитэ уонна көрдөрүүтэ буолар.

Оҥоһуллубут суоллар үйэлээхтик, Кэнтик нэһилиэгин олохтоохторун үөрүүтүгэр алгыстаах айаны хааччыйа турдуннар!

#СтроительствоДорог
#АсфальтированиеДорог
#Кэнтик
#ВерхневилюйскийУлус
#ДеньГосударственностиРСЯ

t.iss.one/ValeriNikolaev