Кэнтик нэһилиэгин олохтоохторун кытта үлэ көрсүһүүтүн ыыттыбыт.
Көрсүһүүгэ Улуус мунньаҕын бэрэсэдээтэлэ Николаев Н.Н., Тыа хаһаайыстыбатын салайааччыта Гаврильев К.В., Үөһээ Бүлүүтээҕи пенсионнай фонда салайааччыта Николаева А. И., Үөһээ Бүлүүтээҕи социальнай харысхал управлениятын салайааччыта Николаева Е. В., Олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба дириэктэрэ Гаврильев А.К. кыттыыны ыллылар.
Олохтоох нэһилиэнньэ иннигэр улуус баһылыгын дуоһунаһыгар ыйтан ордук үлэм түмүгүн, саҥа хамаанда бастакы ситиһиилэрин туһунан сырдаттым.
Пенсионнай фонда салайааччыта Николаева А.И. фонда үлэтин, элбэх оҕолоохторго, үлэлээбэт пенсионердарга көрүллэр көмөлөр тустарынан билиһиннэрдэ.
Үөһээ Бүлүүтээҕи социальнай харысхал управлениятын салайааччыта Николаева Е. В. судаарыстыбаттан көрүллэр көмө көрүннэрин туһунан кэпсээтэ.
Көрсүһүү түмүгэр Кэнтик нэһилиэгин олохтоохторо буолаары турар быыбарга түмсүүлээхтик бэлэмнэрин биллэрдилэр.
#ИннибитХотуБарыБииргэ
#Кэнтик
t.iss.one/ValeriNikolaev

Кэнтик нэһилиэгэр "Биир Ньыгыл Россия" партияттан туруммут кандидат, 2009 сылтан Кэнтик нэһилиэгин дьаһалтатыгар сир үлэтин исписэлииһинэн үлэлээбит Федотов Сергей Петрович 257 куолаһы ылан эрэллээхтик кыайда.
Саҥа талыллыбыт Кэнтик нэһилиэгин Аҕа баһылыгын биир дойдулаахтарын эрэлин ылан кыайбыккынан эҕэрдэлиибин.
#Кэнтик
#Выборы2024
t.iss.one/ValeriNikolaev
Саҥа талыллыбыт Кэнтик нэһилиэгин Аҕа баһылыгын биир дойдулаахтарын эрэлин ылан кыайбыккынан эҕэрдэлиибин.
#Кэнтик
#Выборы2024
t.iss.one/ValeriNikolaev
Саҥа талыллыбыт Кэнтик нэһилиэгин баһылыгын Федотов Сергей Петровиһы кытта көрсөн бастакы үлэ кэпсэтиитин ыыттым. Сергей Петрович өр сылларга Кэнтик нэһилиэгин дьаһалтатыгар үлэлээбит киһи быһыытынан Кэнтик нэһилиэгэ сайдарыгар элбэх бэйэтэ көрүүлэрдээҕин, былааннааҕын үллэһиннэ.
Кэнтик нэһилиэгин саҥа талыллыбыт баһылыгын Сергей Федотову үгүс дьон эрэлин ылан кыайбытынан эҕэрдэлээн ситиһиилэри баҕардым.
#Кэнтик
#ҮөһээБүлүү
#ЕдинаяРоссия
#ИннибитХотуБарыБииргэ
t.iss.one/ValeriNikolaev
Кэнтик нэһилиэгин саҥа талыллыбыт баһылыгын Сергей Федотову үгүс дьон эрэлин ылан кыайбытынан эҕэрдэлээн ситиһиилэри баҕардым.
#Кэнтик
#ҮөһээБүлүү
#ЕдинаяРоссия
#ИннибитХотуБарыБииргэ
t.iss.one/ValeriNikolaev
Кэнтик нэһилиэгэр элбэх хайысхалаах киин (многофункциональный центр) хапытаалынай өрөмүөнэ оҥоһулла турар.
Өрөмүөнү оҥорууга "Тыа сирин аныгылыы көстүүтэ" диэн федеральнай бырагыраамма чэрчитинэн федеральнай бүддьүөттэн 34 мөл 698 тыһыынча солкуобай, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 350 тыһыынча солкуобай, олохтоох бүддьүөттэн 715 тыһыынча солкуобай үбүлэммитэ.
Бу эбийиэккэ сүрүн үлэ дьиэни көтөхтөрөн акылаатын уларытыы, сваяны түһэрии буолар. Билиҥҥи туругунан 81 сваяттан 34 свая түстэ. Эбийиэк көтөҕүллэн аллараа өттүгэр свая киирэр дьаамалара хаһыллаллар.
Ирбэт тоҥ хаһарга кытаанах буолан үлэ тэтимэ графиктан хаалан иһэрин Кэнтик нэһилиэгин саҥа талыллыбыт баһылыга Сергей Петрович Федотов иһитиннэрдэ.
Үлэ тиэмпэтин түргэтэтэргэ, улахан тымныылар түһэ иликтэринэ сваяны түһэриигэ 3 сменаннан үлэлииллэрин сорудахтаатым.
Бастакы смена - сваялары түһэриигэ, иккис смена - сваркаҕа үлэлиэхтэрэ.
Ону таһынан түүҥҥү сменаннан эмиэ үлэ ыытылларын туһунан Кэнтик нэһилиэгин баһылыга Сергей Петрович бэдэрээтчиттэри кытта сүбэлэспит.
#Строительство
#Кэнтик
#ВерхневилюйскийУлус

Кэнтик нэһилиэгэр уулуссалар суолларын асфальтынан бүрүйүү үлэтэ түмүктэнэн эрэр.
РИК "Автодор" хампаанньыйа атырдьах ыйын 11 күнүттэн суолу өрөмүөннээһин асфальтынан бүрүйээһин үлэтин саҕалаабыта.
Кэнтик нэһилиэгин иһинээҕи суоллары өрөмүөннээһин, асфальтынан бүрүйээһин үлэтэ «Тыа сирэ биир кэлимник сайдыыта» Российскай Федерация судаарыстыбанай бырагыраамматын «Тыа сиригэр тыраанспар, суол-иис сайдыыта» федеральнай бырайыак чэрчитинэн оҥоһуллар.
Бырайыак көмөтүнэн Кэнтик нэһилиэгэр 5 уулусса (ул. им. Героя Советского Союза Миронова А.А., Советская, Харыялахская, Кентикская) уопсайа 2,25 км уһуннаах суол оҥоһуллар.
Кэнтик нэһилиэгин дьаһалтатын хамаандата хас да сыллаах сыралаах үлэтин түмүгэр былырыын 2023 сылга федеральнай конкурска кыайан, суол өрөмүөнүгэр уопсайа 91 033 550 солк., ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн - 55 741 000 солк., өрөспүүбүлүкэ бүддьүөттүттэн - 25 374 060 солк., Кэнтик нэһилиэгин бүддьүөттэн - 720 000 солк., эбии үбүлээһининэн - 9 198 390 солк. көрүлүннэ.
Бүгүн суол оҥоһуллуутун хаачыстыбатын көрдүм, сорох сирдэргэ туох ситэри оҥоһуллуохтааҕын бэлиэтээн эттим.
#СтроительствоДорог
#АсфальтированиеДорог

Бүгүн, балаҕан ыйын 27-с күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбыннаһын бэлиэтиир өрөгөйдөөх күммүтүгэр Кэнтик нэһилиэгэр 4 уулусса асфальт суола үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна!
Бү үөрүүлээх түгэҥҥэ Кэнтик нэһилиэгин олохтоохторун СӨ тыраанспарга уонна суол-иис хаһаайыстыбатыгар миниистирэ Владимир Сивцев эҕэрдэлээтэ.
Кэнтик нэһилиэгэ бүтүн Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бастакы уонна соҕотох асфальт суолунан бүрүллүбүт элбэх уулуссалаах нэһилиэк буолла.
Бу сыалы ситиһиигэ «Тыа сирэ биир кэлимник сайдыыта» Российскай Федерация судаарыстыбанай бырагыраамматын «Тыа сиригэр тыраанспар, суол-иис сайдыыта» федеральнай бырайыак көмө, тирэх буолла.
Бырайыак көмөтүнэн Кэнтик нэһилиэгэр 4 уулуссаҕа (ул. им. Героя Советского Союза Миронова А.А., Советская, Харыялахская, Кентикская), уопсайа 2,25 км уһуннаах суол оҥоһулунна.
Кэнтик нэһилиэгин дьаһалтатын хамаандата хас да сыллаах сыралаах үлэтин түмүгэр былырыын 2023 сылга федеральнай конкурска кыайан, суол өрөмүөнүгэр уопсайа 91 033 550 солк., ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн - 55 741 000 солк., өрөспүүбүлүкэ бүддьүөттүттэн - 25 374 060 солк., Кэнтик нэһилиэгин бүддьүөттэн - 720 000 солк., эбии үбүлээһининэн - 9 198 390 солк. көрүллэн суол оҥоруутун үлэтэ быйыл саҕаламмыта.
РИК "Автодор" хампаанньыйа атырдьах ыйын 11 күнүттэн суолу өрөмүөннээһин асфальтынан бүрүйээһин үлэтин саҕалаан бу күннэргэ түмүктээтэ.
Бүгүҥҥү бэлиэ күҥҥэ - Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбыннаһын күнүгэр Кэнтик нэһилиэгэр 4 уулусса асфальтынан бүрүллэн оҥоһуллубута Сахабыт Сирэ балысхан сайдыытын биир бастыҥ ситиһиитэ уонна көрдөрүүтэ буолар.
Оҥоһуллубут суоллар үйэлээхтик, Кэнтик нэһилиэгин олохтоохторун үөрүүтүгэр алгыстаах айаны хааччыйа турдуннар!
#СтроительствоДорог
#АсфальтированиеДорог
#Кэнтик
#ВерхневилюйскийУлус
#ДеньГосударственностиРСЯ

Үөһээ Бүлүү улууһугар "Мин Сахам Сирэ - ХХI үйэҕэ" үтүө дьыала хамсааһын салайааччыта Алексей Дмитриевич Петров үтүө дьыала чэрчитинэн тутулла турар эбийиэктэр үлэлэрин билсэ, хонтуруоллуу кэллэ.
Кэнтик нэһилиэгэр элбэх хайысхалаах култуура киинин (многофункциональный культурный центр) хапытаалынай өрөмүөнэ 80% оҥоһуллан түмүктүүр түһүмэххэ чугаһаата.
Өрөмүөнү оҥорууга "Тыа сирин аныгылыы көстүүтэ" диэн федеральнай бырагыраамма чэрчитинэн федеральнай бүддьүөттэн 34 мөл 698 тыһыынча солкуобай, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 350 тыһыынча солкуобай, олохтоох бүддьүөттэн 715 тыһыынча солкуобай үбүлэммитэ.
Хапытаалынай өрөмүөн түмүгэр, элбэх хайысхалаах култуура киинин дьиэтэ өрө көтөҕүллэн, 81 свая түһэн муостата бетонунан бүрүлүннэ. Билигин бетонунан стяжка үлэтэ түмүктэнэн, ис оҥоһугун (кырааска, истиэнэни тэҥнээһин, муостаны бүрүйээһин) үлэтэ саҕаланна.
Ирбэт тоҥ буору хаһар техника мэһэйдэри көрсөн үлэ тэтимэ графиктан хаалан, 3 сменанан үлэ ыытылынна.
Хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ быйыл ахсынньы ый саҕаланыытыгар түмүктэнэрин кэтэһэбит.
#Кэнтик
#МояЯкутия21Век
#ДвижениеДобрыхДел