Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.5K photos
265 videos
1 file
795 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүн улууспутугар "Молодёжный десант. Движение Путина" диэн волонтёрскай хамсааһын эдэр ыччата үлэтин саҕалаата. Ол курдук, Үөдүгэй, Харбалаах, Тамалакаан, Мэйик, Кэнтик, Дүллүкү, Ороһу, Нам нэһилиэктэригэр Аҕа дойду сэриитин кырдьаҕастарыгар, анал байыаннай дьайыыга сылдьар буойуттар дьиэ кэргэннэригэр сылдьан хаһаайыстыба үлэтигэр көмөлөһөллөр. Сааскы үлэни оҥорон, хаар түһэрэн, хаар күрдьэн, муус таһан соҕотох хаалбыт ийэлэргэ, кэргэннэргэ төһүү күүс буоллулар.

Кэнтик нэһилиэгэр бастакы отряд үлэтин түмүктээтэ:
Николаева Кэскилээнэ, Маҥаас, медколледж устудьуона, Стручкова Аина, Булун улууһуттан, Нам педколледжын устудьуона, Лукин Эрхан Горнай улууһуттан автодорожнай техникум устудьуона, Алексеев Валентин, Үөһээ Бүлүү, АГАТУ устудьуона, Дмитриев Оскар, Кэнтик, АГАТУ устудьуона, Чымыева Саргылана, Кэнтик, медколледж устудьуона кэлэннэр 3 ыалга үлэлээн, оскуола оҕолорун кытта көрсөн, профориентационнай кэпсэтиини ыытан бардылар.

Эдэр ыччаттар маннык үлэни ыыталлара, көхтөөхтөрө хайҕабыллаах. Киэн туттабыт сахабыт эдэр ыччатынан.

#Zema
#ДвижениеПутина
#Волонтеры
#ИннибитХотуБарыБииргэ

t.iss.one/ValeriNikolaev