Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
2.27K subscribers
1.51K photos
266 videos
1 file
800 links
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга.
Глава Верхневилюйского района.
Download Telegram
Бүгүн, алтынньы 7 күнүгэр Дьокуускай куоракка тыа хаһаайыстыбатын миниистиригэр Артем Александрович Александровка Үөһээ Бүлүү улууһун саха ынахтарыгар саҥа хотону тутууга сүбэ мунньах ыытылынна.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин иһинэн үлэлиир "Саха ынаҕа" генофоднай тэрилтэ филиала Үөһээ Бүлүү улууһун Оҥхой нэһилиэгэр 2015 сылтан үлэлиир.

2017 сыллаахтан филиалы СӨ тыа хаһаайыстыбатын туйгуна Дмитриев Пантелеймон Михайлович салайар.

2016 сыл алтынньы ыйыгар Нам Таастааҕыттан уонна Горнай Маҕараһыттан 13 ынах, 4 атыыр оҕус, 11 эдэр бургунастар уонна 4 кыра оҕустар кэлбиттэрэ. Онтон кэлин өссө эбии 18 сүөһү эбиллибитэ.

Билиҥҥи туругунан "Саха ынаҕа" Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалыгар 28 улахан сүөһү, 10 борооску, 20 тарбыйах, 2 атыыр оҕус иитиллэр. Ынахтары көрүүгэ-истиигэ 1 бостуук уонна 1 ыанньыксыт үлэлиир.

Хас сылын ахсын Саха Өрөспүүбүлүкэтин араас муннуктарыгар 20-лии сүөһүнү кэлэн ылан бараллар. Онон саха сүөһүтүн ахсаана сыллата элбии турар.

Быйылгы сылга Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалга 20 тарбыйах төрөөтө. Сыл аайы үүт туттарыыга 2-3 тоннаҕа хантыраак баттаһаллар.

Саха ынаҕын ахсаана сыллата элбиир буолан саҥа хотон тутуута булгуччулаах буолла.
Билиҥҥи туругунан, 25 төбө батар хотонугар 50 саха ынаҕа кыстаары турар.

Бу кыһалҕаны суох оҥорорго тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин өйөбүлүнэн 50 төбөлөөх хотону Оҥхой нэһилиэгэр тутуута саҕаланна. Бэдэрээтчит, олохтоох урбаанньыт Семенов Александр Николаевич, хотон тутуутун бэйэтин суотугар саҕалаата. Салгыы СӨ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин өйөбүлүнэн үп көрүллэн бу сыл бүтүөр диэри хотон тутуута түмүктэнэн саха ынахтара кыстыкка саҥа хотоҥҥо киириэхтэрэ диэн кэтэһэбит.

#ТыаХаһаайыстыбата
#СахаЫнаҕа
#ЯкутскийСкот
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Алтынньы 16-с күнүттэн Оҥхой нэһилиэгэр саха ынахтарыгар анаммыт хотон тутуута саҕаламмыта.

Бүгүн сарсыарда, сэтинньи 1-кы күнүгэр үлэ тэтимэ хайдах баран иһэрин бэдэрээтчит иһитиннэрдэ. Сир буора тоҥон, акылааты буорунан сабыы үлэтэ 10 хонукка уһаабытын бэлиэтээн эттэ. Хотон акылаатын икки эргиирдээннэр, буор кутан, остуолбалары туруоруу үлэтэ бүгүҥҥэннэн түмүктэнэн, салгыы өһүөлэри таһаарар үлэҕэ киирдилэр.

Санатан этэр буоллахха, алтынньы 7 күнүгэр Дьокуускай куоракка тыа хаһаайыстыбатын миниистиригэр Артем Александрович Александровка Үөһээ Бүлүү улууһун саха ынахтарыгар саҥа хотону тутууга сүбэ мунньах ыытыллыбыта.

Билиҥҥи туругунан "Саха ынаҕа" Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалыгар 28 улахан сүөһү, 10 борооску, 20 тарбыйах, 2 атыыр оҕус иитиллэр.

Мунньах түмүгэр Оҥхой нэһилиэгэр тутуллар 50 төбөлөөх хотон үбүлээһинин СӨ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ өйүүрүн биллэрбитэ.

Бэдэрээтчит, олохтоох урбаанньыт Семенов Александр Николаевич, хотон тутуутун бэйэтин суотугар саҕалаата. Салгыы СӨ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин өйөбүлүнэн үп көрүллэн бу сыл бүтүөр диэри хотон тутуута түмүктэнэн саха ынахтара кыстыкка саҥа хотоҥҥо киириэхтэрэ диэн кэтэһэбит.

#ТыаХаһаайыстыбата
#СахаЫнаҕа
#ЯкутскийСкот
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Оҥхой нэһилиэгэр тутулла турар саҥа хотон үлэтэ хайдах бара турарын билсэ кэллибит.

Бу сыл алтынньы 7 күнүгэр Дьокуускай куоракка тыа хаһаайыстыбатын миниистиригэр Артем Александрович Александровка Үөһээ Бүлүү улууһун саха ынахтарыгар саҥа хотону тутууга сүбэ мунньах ыытыллыбыта.

Билиҥҥи туругунан "Саха ынаҕа" Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалыгар 28 улахан сүөһү, 10 борооску, 20 тарбыйах, 2 атыыр оҕус иитиллэр.

Оҥхой нэһилиэгэр Артемьев Александр Еремеевич салайар "Якутский скот" өрөспүүбүлүкэтээҕи генофоднай тэрилтэ үбүлээһининэн 50 төбөлөөх хотон алтынньы 16 күнүттэн тутуута саҕаланан түмүктүүр кэрдиискэ кэлбит.

Тутуу үлэтэ ахсынньы ый ортотугар түмүктэнэрэ былааннанар.

#ТыаХаһаайыстыбата
#СахаЫнаҕа
#ЯкутскийСкот
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev
Оҥхой нэһилиэгэр саха ынахтарыгар аныммыт 50 төбөлөөх хотон тутуллан үлэҕэ киирдэ.

"Саха ынаҕа" СӨ генофоднай тэрилтэтин Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалыгар билиҥҥи туругунан уопсайа 51 төбө иитиллэр. Манна эбии бүгүн Горнай улууһун Маҕарас нэһилиэгиттэн 15 сүөһү кэллэ, сарсын Ньурба улууһун Акана нэһилиэгиттэн 10 сүөһү уонна эһиил 5 сүөһү Горнай улууһуттан кэлэрин кэтэһэбит.

Бырайыак быһыытынан хотон 50 төбөлөөх диэн да буоллар, саха ынаҕа атын боруода ынахтартан ураты дьүһүннээх буолан, уопсайа 80 саха сүөһүтэ батар хотоно тутулунна.

Хотон үөрүүлээх арыллыытыгар "Якутский скот" өрөспүүбүлүкэтээҕи генофоднай тэрилтэ салайааччыта Артемьев Александр Еремеевич үөрүүлээх түгэнинэн эҕэрдэлээтэ уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи филиал салайааччытыгар Пантелеймон Михайлович Дмитриевка хобо чуорааны үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Эҕэрдэ тылыгар Александр Еремеевич инникитин 120-130 сүөһүгэ тиийиэхтээхпит диэн сыал-сорук туруорда.

Оҥхойго тутуллубут хотон 5 сыл иһигэр саха ынахтарыгар анаммыт 10-с хотон буолла.

Саха ынаҕа инникитин биһиги улууспутугар өссө элбиэ, кэҥиэ диэн эрэлбит улахан.

"Якутский скот" өрөспүүбүлүкэтээҕи генофоднай тэрилтэ салайааччытыгар Артемьев Александр Еремеевичка өйөбүлгүт иһин истиҥ махталбытын тиэрдэбит. Саха ынаҕын харыстыыр, элбэтэр сырдык сыаллаах тэрилтэҕит өссө сайда чэчирии турдун, үлэҕит таһаарыылаах, ситиһиилээх буоллун!

#ТыаХаһаайыстыбата
#СахаЫнаҕа
#ЯкутскийСкот
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev