"РИК Автодор" акционернай уопсастыба генеральнай директорыгар Сидоров Ариан Калиновичка суол-иис, тыраанспар хаһаайыстыбатын боппуруоһугар сүбэ мунньахтаатыбыт.
Быйыл күһүн суоллар алдьанан элбэх моһоллору үөскэппит кэмнэригэр "РИК Автодор" АО техникалара тахсан суоллары тэҥнээһиҥҥэ, буорунан кутууга, батыллыбыт массыыналары таһаарааһыҥҥа үлэлээбиттэрэ.
Ол кэмҥэ суолу тэҥниир техникалар эргэрэн, алдьанар түгэннэрэ баар этилэр. Онон "РИК Автодор" Үөһээ Бүлүүтээҕи салаатыгар саҥа грейдер көрүллэрэ биһиэхэ ирдэнэр буолбутун бэлиэтээн эттибит.
Мунньах түмүгэр, Ариан Калинович "РИК Автодор" Үөһээ Бүлүүтээҕи салаатыгар саҥа грейдер көрүллэрин бигэргиирин биллэрдэ.
Ону таһынан мунньахха, муниципальнай тэриллиилэр суолларын көрүүнү-истиини, хааччыйыыны кэпсэттибит.
#АсфальтированиеДорог
#ВерхневилюйскийУлус
t.iss.one/ValeriNikolaev

Ростовскай уобаласка кэллибит.
Үөһээ Бүлүүтээҕи 100 миэстэлээх "Кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интэрнээт дьиэлэрин" бырайыагын оҥоро сылдьар тэрилтэ бэрэстэбиитэллэрин кытта Ростов куоракка көрүстүбүт.
Ростов уобалаһыгар үлэлиир "СпецКомплексПроект" тэрилтэ бырайыагы 2021 сыллаахтан оҥорон саҕалаабыта.
Быйыл бырайыакка РФ социальнай сайдыытын министиэристибэтин сүбэтинэн элбэх уларыйыылар киирбиттэрэ. Билигин бырайыактааһын заданиятын РФ үп министиэристибэтигэр уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр сөбүлэһиннэриигэ үлэ бара турар.
2021 сыллаахтан саҕаламмыт бырайыактааһыны тиһигэр тиэрдэргэ үлэни ыытабыт.
#Строительство

Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Ростов уобалаһыттан гуманитарнай баһыылкаларбытын тиэнэн анал байыаннай дьайыы зонатыгар айаннаатыбыт.
Суолбут этэҥҥэ буоллун!
#СВОихНеБросаем
#ГуманитарнаяПомощь
#ВерхневилюйскийУлус
t.iss.one/ValeriNikolaev
Суолбут этэҥҥэ буоллун!
#СВОихНеБросаем
#ГуманитарнаяПомощь
#ВерхневилюйскийУлус
t.iss.one/ValeriNikolaev
Анал байыаннай дьайыы зонатыгар Запорожье уонна Херсон уобаластарыгар, ону сэргэ Донецк республикатыгар гуманитарнай сырыыбытын түмүктээтибит.
5 күн иһигэр, сибээскэ тахсыбыт байыастарбытын кытта, уопсайа 51 биир дойдулаахтарбытын көрүстүбүт, баһыылкалары туттартаатыбыт.
Байыастар дойдуларын аһын тутан үөрүүлэрэ, биир дойдулаахтарыгар махталлара үгүс.
Үгэс быһыытынан, улууспут бүддьүөт үлэһиттэриттэн киирбит үбүнэн сэриигэ байыас олоҕун быыһыыр, харыстыыр кыахтаах техникалары: дрон утары тэриллэри, беспилотник утары тэриллэри (радиоэлектронная безопасность), квадрокоптердары, матаһыыкыллары, түүҥҥү прибордаты, тепловизордары ылан тиксэрдибит.
Сибээскэ кыайан тахсыбатах хоһууттарбытыгар баһыылкалары Новоазовск куоракка Саха Өрөспүүбүлүкэтин опорнай пуунугар хааллардыбыт. Опорнай пуун эппиэтинэстээх үлэһиттэрэ байыастары кытта биирдиилээн сибээскэ тахсан, бэрт сотору кэминэн баһыылкалары тиксэртиэхтэрэ.
Байыастар настарыанньалара бойобуой, дойдуларын сонунун истэн, баһыылкалары тутан санаалара көтөҕүллэн, олус сэргэх, сүр көтөҕөр көрсүһүүлэр аастылар.
Гуманитарнай көмөнү хомуйбут, ыыппыт бар дьонноругар махталларын биллэрэллэр.
Үөһээ Бүлүү улууһун делегациятын гуманитарнай сырыыта салҕанар.
#СВОихНеБросаем
#ГуманитарнаяПоездка

Ахсынньы 5 күнүгэр, Дьокуускай куораттан өрөспүүбүлүкэтээҕи уйулҕа киинин салайааччыта, психолог Скрябин Владимир Борисович, солбуйааччыта - уйулҕа киинин төрүттэһээччи, психолог Туприна Октябрина Ксенофонтовна уонна Бүлүүтээҕи уйулҕа киинин филиалыттан психолог Иванова Саргылана Николаевна үлэ сырыытынан Үөһээ Бүлүүгэ кэллилэр.
Сарсыарда өттүгэр нэһилиэнньэ психологическай харысхаллаах буолуутугар, чуолаан анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын психологическай туруктарыгар анаммыт нэһилиэк баһылыктара кыттыылаах Семинар ыытылынна.
Бу ый бүтүүтэ Үөһээ Бүлүүгэ өрөспүүбүлүкэтээҕи уйулҕа киинин филиала Сбербанк дьиэтигэр арыллара билиннэ. Филиалга икки психолог үлэлиэҕэ.
Ахсынньы 9-с күнүгэр бастакы психолог үлэтигэр тахсыаҕа.
Билигин киһи ис туруга, уйулҕата сатарыыр кыахтаах кэмигэр хас биирдии улууска үөрэхтээх психолог баар буолара ирдэнэр. Психологтар анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна дьиэ кэргэттэригэр эрэ буолбакка нэһилиэнньэҕэ психологическэй өҥөнү оҥоруохтара. Өрөспүүбүлүкэтээҕи уйулҕа киинин филиалын психологтара дьиэ кэргэн боппуруоһугар, улаатан эрэр оҕолорго, ыарахан түгэҥҥэ түбэспит дьоҥҥо өйөбүл, көмө буолуохтара.
#ЦентрПсихологическойПомощи

Дьокуускайдааҕы медицинскэй колледж директорын Дмитрий Афанасьевич Алексеевы кытта көрүстүбүт.
Улууспутугар медицинскэй үлэһиттэр тиийбэттэринэн сибээстээн, Үөһээ Бүлүүгэ Дьокуускайдааҕы медколледж салаатын арыйарга сыал-сорук туруоруммуппут.
Дмитрий Афанасьевич быйыл Үөһээ Бүлүүгэ иккис төгүлүн кэллэ. Бу сырыыга үөрэх кыһаларын, медицинскэй кылаастары, киин балыыһаны көрдө, үлэлэрин билистэ.
Бүгүҥҥү кэпсэтиигэ эһиилги 2025-2026 үөрэх сылыгар Дьокуускайдааҕы медицинскэй колледж салаатын Үөһээ Бүлүүгэ арыйарга сөбүлэстибит.
Медколледж салаата икки хайысханнан: фельдшерскай уонна сестринскэй үөрэхтэринэн үлэлиирэ былааннанар. Үөһээ Бүлүүтээҕи медколледж салаатыгар уопсайа 50 үөрэх миэстэтэ, ол иһигэр 34 бюджетнай, 16 төлөбүрдээх, үлэлиирэ былааҥҥа турда.
Билигин медколледж салаата арыллыытыгар бэлэмнэнии үлэтин саҕалыыбыт. Улуус өттүттэн ирдэнэр өйөбүлү, материально-техническай базаны оҥорууга үбүлээһини толору хааччыйарга бэлэммит, онно эбии Үөһээ Бүлүүтээҕи киин балыыһа бэйэтин өттүттэн эбии көмө буоларын сүрүн быраас Сардана Николаевна Павлова биллэрдэ.
Дьокуускайдааҕы медколледж салаата Үөһээ Бүлүүгэ арыллыыта билигин баар кыһалҕабытын - тыа сиригэр фельдшер тиийбэт боппуруоһун быһаарыа диэн эрэлбит улахан.
#Медколледж
#Верхневилюйскийулус

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыытыластыбатын бэрэсэдээтэлин бастакы солбуйааччытыгар Джулустан Анатольевич Борисовка миниистирдэр кыттыылаах сүбэ мунньахха кыттыыны ыллым.
Мунньахха быйылгы Бырабыыталыстыба отчуотугар Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэктэриттэн киирбит этиилэри толорууга, ыйыллыбыт кыһалҕалары быһаарааһыҥҥа туһаламмыт үлэ толоруутун тула кэпсэтии ыытылынна.
Сүбэ мунньахха тутаах министиэристибэлэр миниистирдэрэ бу сылга быланнаммыт үлэ хайдах баран иһэрин иһитиннэрдилэр, Үөһээ Бүлүү нэһилиэнньэтиттэн киирбит этиилэри толорууга ыытыллар үлэ туһунан дакылааттаатылар.
Джулустан Анатольевич кэлэр Бырабыыталыстыба отчуотугар диэри быйылгы былааннаммыт үлэлэри тиһэҕэр тириэрдэргэ сорудахтаата.
#ОтчетПравительстваРСЯ
#ВерхневилюйскийУлус
#РабочаяПоездка

"Мин Сахам Сирэ ХХI үйэҕэ" үтүө дьыала хамсааһын 25 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх сүбэ мунньаҕар кыттыыны ыллым.
"Мин Сахам Сирэ ХХI үйэҕэ" үтүө дьыала хамсааһын 25 сыл устата бүтүн Саха Сирин бары тыалара сайдалларыгар улахан көмөнү уонна өйөбүлү оҥорор бырайыак буолар.
Үтүө дьыала чэрчитинэн Үөһээ Бүлүү улууһун үрдүнэн 44 эбийиэк тутуллан үлэҕэ киирбитэ.
Быйыл улууспутугар Үтүө дьыала хамсааһын чэрчитинэн тутуллубут 2 эбийиэк үлэҕэ киирэрэ былааннанар. Ол курдук, Нам нэһилиэгэр СССР норуодунай артыыскатын Анегина Ильина аатынан норуот айымньытын дьиэтэ уонна Быракаан нэһилиэгэр "Култуура уонна спорт комплекса" бу ыйга үлэҕэ киирэллэрин кэтэһэбит. Маны сэргэ, "Мин Сахам Сирэ ХХI үйэҕэ" үтүө дьыала хамсааһын өйөбүлүнэн быйыл исписэлиистэргэ анаммыт 4 служебнай бары өттүнэн хааччыллыылаах квартиралары ылары ситиспиппит.
Үтүө дьыала хамсааһын салайааччытын Алексей Дмитриевич Петрову уонна кини хамаандатын, бастакы салайааччылары Бочкарев Иннокентий Васильевиһы, Емельянов Иван Софроновиһы уонна ветеран үлэһиттэри 25 сыллаах үбүлүөйгүтүнэн итиитик-истиҥник "Үөһээ Бүлүү улууһа" муниципальнай оройуон аатыттан уонна тус бэйэм ааппыттан эҕэрдэлиибин.
Сыралаах, бэриниилээх уонна олус туһалаах үлэҕитигэр истиҥник махтанабыт! Инникитин да сайда-үүнэ, чэчирии туруҥ! Саха Сирэ, тыа сирэ сайдарыгар таһаарыылаах үлэни, үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.
#МояЯкутия21Век
#ДвижениеДобрыхДел

Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Үөһээ Бүлүүтээҕи тыа хаһаайыстыбатын салалтатын кытта саҥа киирэр механизымнар туһунан сүбэ мунньахтаатыбыт.
Быйыл сайын Үөһээ Бүлүүгэ Саха Сирин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев кыттыылаах Бүлүү түбэтин улуустарын кытта тыа хаһаайыстыбатыгар саҥа киирэр механизымнарга стратегическай сессия ыытыллыбыта. Сессияҕа улуустартан этиилэрбитин, көннөрүүлэрбитин киллэрбиппит.
СӨ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ Ил Дархан Айсен Николаев Анал этиитигэр ыйыллыбыт соруктары олоххо киллэрэн, манна сыһыаннаах сокуон барылын оҥорон киллэрбитин Ил Түмэн депутаттара бу дьыл сэтинньи 27 күнүгэр уочараттаах онус пленарнай мунньахха ылынан бигэргэппиттэрэ. Сокуоҥҥа уларытыы 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киириэхтээх.
Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы судаарыстыбаннай бырагыраамата өрөспүүбүлүкэҕэ 15,3 млрд солкуобай харчынан үбүлэнэриттэн баһыйар өттө – 8,8 млрд солкуобай субвенция быһыытынан олохтоох салайыныы уорганнарыгар тиийиэҕэ. Ол аата быйылгы кээмэйтэн 13 бырыһыанынан элбэх үп улуустарга тиийэрэ былааннанар. Эһиилги сылга 355 мөлүйүөн 307 тыһ солкуобай Үөһээ Бүлүүгэ кэлэрин кэтэһэбит.
Субвенция үбэ 34 улууска уонна 2 куораттааҕы уокурукка 14 хайысханан 3 тус сыаллаах ыстатыйанан ыытыллыахтара:
1. Тыа хаһаайыстыбатын үлэтин чопчу хайысхаларын өйөөһүҥҥэ субвенция кээмэйэ;
2. Кыра кыамталаах тыа хаһаайыстыбатын эбийиэктэрин тутууга (саҥалыы сөргүтүүгэ) субвенция кээмэйэ;
3. Судаарыстыба сорох боломуочуйаларын толорууну матырыйаалынай-тэхиньиичэскэй өттүнэн хааччыйыыга, ону тэҥэ ыйыллыбыт боломуочуйалары толорор үлэһиттэр хамнастарыгар көрүллэр субвенция кээмэйэ.
#сельскоехозяйство

Оҥхой нэһилиэгэр саха ынахтарыгар аныммыт 50 төбөлөөх хотон тутуллан үлэҕэ киирдэ.
"Саха ынаҕа" СӨ генофоднай тэрилтэтин Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалыгар билиҥҥи туругунан уопсайа 51 төбө иитиллэр. Манна эбии бүгүн Горнай улууһун Маҕарас нэһилиэгиттэн 15 сүөһү кэллэ, сарсын Ньурба улууһун Акана нэһилиэгиттэн 10 сүөһү уонна эһиил 5 сүөһү Горнай улууһуттан кэлэрин кэтэһэбит.
Бырайыак быһыытынан хотон 50 төбөлөөх диэн да буоллар, саха ынаҕа атын боруода ынахтартан ураты дьүһүннээх буолан, уопсайа 80 саха сүөһүтэ батар хотоно тутулунна.
Хотон үөрүүлээх арыллыытыгар "Якутский скот" өрөспүүбүлүкэтээҕи генофоднай тэрилтэ салайааччыта Артемьев Александр Еремеевич үөрүүлээх түгэнинэн эҕэрдэлээтэ уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи филиал салайааччытыгар Пантелеймон Михайлович Дмитриевка хобо чуорааны үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Эҕэрдэ тылыгар Александр Еремеевич инникитин 120-130 сүөһүгэ тиийиэхтээхпит диэн сыал-сорук туруорда.
Оҥхойго тутуллубут хотон 5 сыл иһигэр саха ынахтарыгар анаммыт 10-с хотон буолла.
Саха ынаҕа инникитин биһиги улууспутугар өссө элбиэ, кэҥиэ диэн эрэлбит улахан.
"Якутский скот" өрөспүүбүлүкэтээҕи генофоднай тэрилтэ салайааччытыгар Артемьев Александр Еремеевичка өйөбүлгүт иһин истиҥ махталбытын тиэрдэбит. Саха ынаҕын харыстыыр, элбэтэр сырдык сыаллаах тэрилтэҕит өссө сайда чэчирии турдун, үлэҕит таһаарыылаах, ситиһиилээх буоллун!
#ТыаХаһаайыстыбата
#СахаЫнаҕа
#ЯкутскийСкот