Никифоров Сергей Валерьевич АО "РИК Автодор" генеральнай дириэктэрин солбуйааччы "Вилюй" федеральнай суол өрөмүөнүн үлэтэ хайдах баран иһэрин туһунан бүгүн иһитиннэрдэ.
Быйыл балаҕан ыйыттан алтынньы ыйга диэри 30 күн иһигэр бүтэһик 10 сыл статистическай архивын даннайынан тэҥнээн көрөн, 12 төгүл элбэх самыыр-ардах түспүтүн туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин гидрометеостанцията иһитиннэрдэ.
Күүстээх самыырдар, ардахтар, хаардар кэнниттэн федеральнай суол мэһиллэн, айгыраан айан суола бу күннэргэ олус ыарыы сырытта. "РИК Автодор" суолу оҥорор тэрилтэ бастакы кэрдииһинэн батыллыбыт массыыналары таһаарааһыҥҥа, суолу анньааһыҥҥа үлэ ыыппыта. Билигин иккис кэрдииһинэн, тэҥнээһин, көннөрөөһүн, кыстыкка суолу бэлэмнээһин үлэтэ ааспыт нэдиэлэттэн саҕаланна.
Үөһээ Бүлүү улууһуттан 2 грейдер тахсан Чыбыыда үрэхтэн Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр диэри суолу көннөрүү, тэҥнээһин үлэтин саҕалаатылар.
Ону сэргэ, суолу оҥорор техникалар (грейдер, погрузчик, 3 самосвал) Чаллыртан Марха өрүскэ диэри суол өрөмүөнүгэр үлэлииллэр.
Үллэрээ кун Марха өрүс муостатыттан суолу анньыы, тэҥнээһин, гравийынан кутуу үлэтэ саҕаланна. Аны икки хонугунан, алтынньы 17 күнүгэр Хоро нэһилиэгиттэн Бүлүү өрүс биэрэгэр диэри уонна Оҥхой-Түүкээн суолугар суол өрөмүөнэ саҕаланарын күүтэбит.
#РемонтДорог
#АвтодорогаВилюй
t.iss.one/ValeriNikolaev

Бүгүн Дьокуускай куоракка Упрдор "Вилюй" суол-иис тэрилтэтигэр бастакы солбуйааччыбын Егор Дмитриевич Иванову кытта Үөһээ Бүлүү улууһугар киирэр федеральнай суоллар хапытаалынай өрөмүөннэрин боппуруоһугар сүбэ мунньахтаатыбыт.
Чыбыыда -Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ, Чаллыр-Хоро суолун өрөмүөннээһин кыһалҕата билигин сытыытык турар.
Быйыл күһүн Чыбыыда үрэхтэн Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр, Чаллыртан Хороҕо тиийэр суоллар күүскэ сатарааннар элбэх моһоллору үөскэппиттэрэ.
"Вилюй" Упрдор тэрилтэ салайааччытын солбуйааччы Марианна Револьевна Никифорова Чыбыыда үрэх муостаттын Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр тиийэр уонна Чаллыр-Хоро суол хапытаалынай өрөмүөнүгэр федеральнай бүддьүөттэн үп көрүллэригэр сайаапка түһэрбиттэрин, ону сэргэ Түүкээн үрэххэ диэри 10 км федеральнай суол оҥоһулларыгар үп көрүллэн турарын биллэрдэ.
Федеральнай суол хапытаалынай өрөмүөнүн үлэтэ ыытыллыан иннэ син биир массыыналар тохтоло суох айанныыллар, онон айан суола куттала суох буоларын курдук билигин сатараан турар суолларбыт дьаамаларын өрөмүөннээһини, суол болотунатын чөлүгэр түһэрэри туруорустубут. Ону тэҥэ өрүһү туоруур паром переправатыттан, Чаллыр-Хоро федеральнай суолун эппиэтинэскэ ылан өрөмүөн үлэтин былааҥҥа киллэрэллэрин туһунан кэпсэтии ыыттыбыт.
#ВилюйУпрдор
#АвтодорогаВилюй
#ВерхневилюйскийУлус