OnnukKrdk
5.14K subscribers
22.9K photos
5.9K videos
43 files
18K links
Download Telegram
#Repost @sakha_street
• • • • • •
Оччоттон баччаҕа диэри илдьэ кэлбит, өбүгэбит оһуохайын кыратык умнубут да буоллар, оһуохай тула бэккэ мустабыт.
Кэтээн көрөрбүнэн сорох дьон сиэттиһэн "хороводтуу" сылдьар курдук буолааччылар, сорох дьон олох да төттөрү күн эргиирин утары бараары гыналлар, сорохтор атахтарын сыыһа үктүүллэр. Ол түмүгэр түҥ-таҥ хамсаныы баар буолааччы. Маннык "оһуохайга" сөптөөх тэтим үөскээбэтэ чахчы. Онтон барыта сөпкө бардаҕына, дьэ бу нуучча дьахтара этэрин курдук киһи атын эйгэҕэ холбонор.
Дьиҥэр оһуохайга хайдах тутуһан, хайдах үктээн, этээччи тэтимигэр сөп түбэһэри быһааран биэрэр биир киһи баара буоллар, кини сүүс киһини салайыан сөп, аныгыскыга ол сүүс киһи тыһыынча киһини көннөрөн, сааһылаан биэриэн сөп. Оччоҕуна эйгэҕэ холбоһор элбиэ этэ. Ону хомойуох иһин оһуохай иннинэ быһаарар дьон олус аҕыйахтар.
Аныгыскыга оһуохай туһунан лентабар таһаарыам.
Туох диэн санаалааххытый? Суруйан хаалларын.
Сүрэҕи баттаан, дьоҥҥо тарҕатын, суруттарын.

#оһуохай #өбүгэ #өбүгэүгэһэ #итэҕэл #төрүттыл #үрүҥаартойон #намскийулус #намнар #намцы #олоҥхо #сахамдьоно #тыадьоно #дойдумдьоно #тыасирэ #республикасаха #намулууһа #сахадьоно #сахасирэ #якт #дьокуускай #якутск #yakutsk
https://www.instagram.com/p/CG2Krb4K-Fe/?igshid=fnd73ihr5iyo
#өбүгэүгэһэ

🦆Баартаах булчут бирииһин тутта


Саас кус кэлиитин булчут хааннаах элбэх саха кэтэһэр. Уһун кыһын кэнниттэн күүтүүлээх саас айылҕаҕа көччүйэр, ону кытта бултуур олус абылаҥнаах буоллаҕа.

Муус устар 24 күнүттэн ыам ыйын 23 к. диэри иитиэх кустаах (подсадной) бултааһын саҕаланна. Ону кытта тута даҕаспытынан социальнай ситимнэринэн Ньурбаҕа бастакы көҕөнү өлөрдүлэр диэн хаартыскалаах суруктар тарҕаннылар. Булчуттар бэйэлэрэ быйыл бастакы көҕөнү өлөрбүт киһиэхэ бириис туруорбуттар.

13400 солк., 100 ботуруон хаһаайынынан Күндээдэттэн төрүттээх байанайдаах сааһыт Андрей Варламов буолла.

🦆Оттон көннөрү бултааһын ыам ыйын 14-23 кк. көҥүллэнэр, андыны бултааһын болдьоҕо – бэс ыйын 1-4 кк. Тыаҕа, булка бука диэн бары ирдэбиллэри тутуһан сылдьыахтааххытын санатабыт.

"Ньурба" хаһыат.

Манна эмиэ аах: https://огнинюрбы.рф/article/95812

@gazetanyurba @ulusmedia