Forwarded from Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
#кутурҕан
🕯🕯 Күндү убаастыыр ытык киһибит "Душа России" национальнай бириэмийэ лауреата, "Гражданскай килбиэн" анал бэлиэ хаһаайына, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык сүбэтин бочуоттаах кырдьаҕаһа, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү улууһун Лөкөчөөн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ айылҕаттан айдарыылаах, сахалыы дириҥ толкуйдаах Кирилл Никонович Никифоров суох буолуута, культура үлэһиттэригэр тылынан сатаан этиллибэт ыар аһыыбыт, сүдү сүтүкпүт буолар.
Саха итэҕэлин, сиэрин-туомун, үгэстэрин этигэр-хааныгар иҥэриммит Алгысчыт, тыл сүмэтин баһылаабыт Ийэ олоҥхоһут, көмүс, мас ууһа, Саха АССР норуотун маастара, айдарыылаахтартан уһуйуллубут улуу эмчит буолар.
Киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт култуурнай нэһилиэстибэтин Олоҥхону суруйан "Айдааннаах айаннаах ала буурай аттаах Мохсоҕоллой Боотур", "Хабыр киирсиилээх Хабытта Бэргэн", "Күдэннээх кутуруктаах күдэн кугас аттаах Күн Эрбийэ бухатыыр" олоҥхолору айан бар дьонугар бэлэх ууммута. Кирилл Никонович бу үс айымньытын Үөһээ Бүлүүтээҕи норуот тыйаатыра Саха сиригэр аан бастакынан олоҥхо-испэктээк туруоран, уус-уран киинэ оҥорон үйэтиппиттэрэ.
Кини баай тыллаах-өстөөх олоҥхолоро, алгыстара, тойуктара атын омук дьонун кутун туппут дьиктилээхтэр. Кирилл Никонович Казахстаҥҥа түүр тыллаах омуктар Аан дойдутааҕы симпозиумнарын "Аар Хатыҥ Алгыһа" тойугунан арыйбыта, Япония Токио, Москва, Санкт-Петербург тыйаатырдарын үрдүк сыанатыгар дорҕоонноох тойугун дуораппыта. V Аан дойдутааҕы Альберт Бейст Лорд кэриэһигэр уонна казах аатырбыт ырыаһыта, мусукаана Джамбул Джабаевка аналлаах Евразия дойдуларын мусукааннарын, номохторун толорооччуларын истиигэ Саха сириттэн соҕотоҕун кыттар чиэскэ тиксибитэ уонна үйэ саас бэлиэтэ буолар түөскэ анньыллар казах ытык дьаралыгын туппута. Хотугу эргимтэ олохтоох омуктарын фольклорун толорооччулар Аан дойдутааҕы кэнгириэстэригэр Америка Калифорния штатын 9 куоратыгар олоҥхолоон, туойан араас омуктар талааннаахтарыгар иһитиннэрбит үтүөлээх.
Салгыыта ⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️