Жертвоприношение якутов, живущих на реке Мархе. Неизвестный автор. Нач. ХIX века. Бумага верже, акварель, тушь. Фонд ГИМ. Бу этнографическай өртүнэн наһаа үчүгэй уруһуй. Көрөн баран киһи туох санааҕа кэлэрий? 1) Бу туос ураһа иһэ. Ыһыах алгыһа уруһуйдаммыт. Былыргы ыһыахтар саҕаланыылара (алгыһа) ураһа иһигэр буоларын туһунан үһүйээннэргэ да, бастакы чинчийээччилэр суруйууларыгар да баар. Чуолаан номоххо этиллэринэн Эллэй аан маҥнайгы ыһыах алгыһын ураһаҕа оҥорбута үһү. 2) Ураһаҕа онон-манан күөх от, лабаалар анньыллыбыттар, сиргэ күөх от тэлгэммит. Алгысчыт уонна олорор дьон бэргэһэлэрин эргитэн кэппиттэр, күөх от кыбытыммыттар. 3) Алгысчыт, таҥаһыттан-сабыттан көрдөххө, Айыы ойууна буолбатах. ХIX үйэ саҕаланыытыгар "ыһыах ойууннара (үрүҥ ойуун, Айыы ойууна)" номнуо уурайбыт кэмнэрэ эбит. 4) Алгысчыт аал уокка кымыстаах чороону илиитин иһинэн иҥнэри тутан аһата турар. 5) Ураһа ааныгар сөһүргэстээн олорор киһи (дьөһүөлдьүт?) кытыылаах сонноох. Уоннааҕылар хомуһуол (сукуна, тирии) сонноохтор. Этэрбэстэрэ - ыыһаммыт саары. Сорохторо оһуордаах билэлээхтэр уонна көмүс курдаахтар. Билигин тигэллэрин курдук бүтүннүү оһуор, харысхал бөҕөтө (дьахтар сонугар курдук ) буолбатах таҥастаахтар. 6) Ураһа иһигэр барыта эр дьон. Былыргы ыһыах алгыһыгар дьахтары, оҕону, кыра-хара дьону киллэрбэттэрин туһунан суруйууларга баар. Кымыска алгыс түспүтүн кэннэ таһыгар кэтэһэн олорооччуларга таһааран биэрэллэрэ үһү. 6) Марха өрүскэ олорор сахалар диэн суруллубут. Саха сиригэр икки оннук ааттаах өрүс баар, бииргэһэ Өлүөнэ салаата, бииргэһэ Бүлүү салаата. Бу иккиттэн хайата буолла? #ыһыах #алгыс #былыргыыһыах #сахалар #эркиһи #алгысчыт #эркиһитаҥаһа
Үмит Шаһин
SAKHA FEST | ТУРЦИЯҔА ЫЧЧАТ ЫҺЫАҔА | ТҮҺҮЛГЭ
Ханна да сырыттарбын, Сахабын! Ол курдук Саха ханна да баар буоллун. Ыһыах ыһыахтаах, алгыс этиэхтээх.
Ааспыт өрөбүлгэ Турция Өрөспүүбүлүкэтин саамай улахан куоратыгар Истанбул Куоракка ыһыахха сырыттым. Бу ыһыах уратыта диэн бастакынан Турцияҕа олорор эдэр сахалар тэрийбит ыһыаҕа этэ. Түһүлгэ диэн ааттаах бу тэрээһиҥҥэ сахалыы ас-үөл, үҥкүү-битии, хомус тыаһа, алгыс, оһуокай ону таһынан мас тардыһыыта, ойбонтон уулааһын, уһун сүһүөх күрэҕэ, ырыа-тойук баар этэ. Бастакы да диэтэххэ үрдүк таһымнаах тэрээһин буолан ааста. Хайдах эрэ саха сиригэр баарым курдук сананным. Доҕотторбор улаханнык махтанабын. Толору видеону ютуп ханаалбар көрүөххүтүн сөп. #СахаСирэ #ысыах #ыһыах #Турция
umityabgu