OnnukKrdk
5.13K subscribers
22.9K photos
5.91K videos
43 files
18.1K links
Download Telegram
#сахатыла

*ЭРГЭРБИТ ТЫЛЛАР*

*ЫНТАКА - Чомпой бэргэһэҕэ маарынныыр ичигэс таба бэргэһэ.*

"Саха тылыгар кылгас көмө тылдьыттан" бэчээттэннэ.
#сахатыла

*ЭРГЭРБИТ ТЫЛЛАР*

*ЫРБА - айа оноҕоһо, төбөтүгэр уһуктаах ачаахтаах тимирдээх оноҕос.*

Холобур: Манна эн аҕаҥ киэнэ куобах ырбата хаалан хаалбыт. А. А. СК. 263.

"Саха тылыгар кылгас көмө тылдьыттан" бэчээттэннэ.
#сахатыла

*ЭРГЭРБИТ ТЫЛЛАР*

*ЫРКЫЙ, ЫЧЧЫК, ЫЧЫКЫЫН - титирик мастаах хойуу ойуур.*

Холобур: Куобах мунна баппат ыркый ойуурдары үөһэ-аллара сыыйарым. Н.З.КУ. 283.

"Саха тылыгар кылгас көмө тылдьыттан" бэчээттэннэ.
#сахатыла

*ЭРГЭРБИТ ТЫЛЛАР*

*ЫЫСПА - кыра, куһаҕан балаҕан.*

Холобур: Аны сотору бу ыыспабыттан үүрүөхтэрэ. М.Д.КС. 97.

"Саха тылыгар кылгас көмө тылдьыттан" бэчээттэннэ.
#сахатыла

*ЭРГЭРБИТ ТЫЛЛАР*

*ЭБИЭННЬЭ - аҕыйах ынах сүөһүнү бас билии.*

Холобур: Эбиэнньэтэ эстибит.

"Саха тылыгар кылгас көмө тылдьыттан" бэчээттэннэ.
#сахатыла

*ЭРГЭРБИТ ТЫЛЛАР*

*ЭҔЭҺЭ - сир кыылын бултуурга айаны иитэн туруорар сир.*

"Саха тылыгар кылгас көмө тылдьыттан" бэчээттэннэ.
#сахатыла

*СҮӨҺҮНҮ СААҺЫНАН АРААРЫЫ.*

*Ньирэй* – сүөһү төрүөҕэ үс ыйыгар диэри итинник ааттанар.

*Торбос* – Бороохтуйбут ньирэй. О.э. 4-5 ыйданнаҕына, торбос буолар.

*Борооску, бороон*  – хаар түһэн, долборукка аһыыр буолбут торбос – 6 ыйыттан 1 сааһыгар диэри саастаах сүөһү ааттанар.

*Тыһаҕас* – кыстаабыт, сайыҥҥа тиийбит икки сааһыгар сылдьар сүөһү – 2-х «годовалый теленок».

*Тиҥэһэ* – иккис кыһынын туораан, үһүгэр сылдьар буоллаҕына – «3-х годовалый теленок».

*Өҕүрүмэр* – 3-4 саастаах ынах сүөһү.

*Туҥуй бургунас* – аан бастаан төрүүр тиҥэһэ, түөртээх ынах – корова первого отела.

*Туҥуй ынах* – бастаан төрөөбүт сүөһү.

*Бургунас* – эдэр ынах.

*Атыыр оҕус* – бык производитель (пороз)

*Ат оҕус* – аттаммыт, көлүүр оҕуһа – холощеный бык.

*Үтүрүм ынах* – ыанар, төрөөбүт ынах.

*Субан сүөһү (сорохтор субай дииллэр)* ыаммат сүөһү – яловый скот.

*Кур оҕус* – көлүллүбэтэх, мэччирэҥҥэ сылдьар, уотуллубут оҕус – откормленный для убоя бык.

*Кунан* – 3-4 саастаах атыыр (ат) оҕус.

*Буос ынах* – иһигэр оҕолоох ынах – стельная корова.

*Кытарах ынах* – быйыл төрөөбөтөх буолан баран, ыанар ынах – яловая (стародойка)

*Туҥуй ынах*– аан бастаан оҕоломмут ынах.

*СЫЛГЫНЫ СААҺЫНАН АРААРЫЫ.*

*Кулун (кулунчук)* – төрүөҕүттэн 6-7 ый туолуор диэри.

*Убаһа* – 6-7 ыйыттан биир сааһын туолуор диэри.

*Эмньик кулун* – 4-12 ыйыгар диэри ийэтин эмэ сылдьар кулун.

*Тый* – 1 сааһын толору туолан, 2-с хаарыгар үктэммит сылгы. Ийэтин эмэ сылдьар буоллаҕына, эмньик тый (эскэл тый). Ийэтиттэн араардахха, ханчааһын тый.

*Атыыр* – жеребец – аттамматах сылгы. Үөр сылгыны баһылаан-көһүлээн илдьэ сылдьар. Сиэлэ, кутуруга сэлбиллибэт буолан, олус уһуннар.

*Ат* – аттаммыт сылгы, көлүнэргэ, миинэргэ эрэ аналлаах.

*Соноҕос* – эдэр сылгы.

Сылгыны икки сааһын туолан, үһүс хаарыгар үктэннэҕинэ кутуругун сарбыйан, сиэлин сэнээн ыыталлар. Онуоха атыырын *тиҥэһэ соноҕос, тыһытын – тиҥэһэ кытыт (тиҥэһэ биэ)* дииллэр.

*Кытыт* – эдэр биэ.

Үһүн туолар сааһыгар эмиэ сиэлин сэлээн, кутуругун сарбыйан ыыталлар. Онуоха атыыра түөртээх *соноҕос, тыһыта түөртээх кытыт* диэн буолар.

*Биэстээх соноҕос* – биэһин туолар сылгы.

*Биэстээх кытыт* – биэһин туолар сылыгар тыһы сылгы.

Сылгы алта сааһын туоларыгар атыырын *алталаах ат эбэтэр алталаах атыыр дэнэр. Тыһытын алталаах биэ* дииллэр.

*Кур эримэх* – төрөөбөтөх биэ.

*Үтүрүм биэ* – оҕоломмут биэ.

*Миҥэ биэ* – көлүллэ, мииниллэ үөрүйэх. (Ездовая кобыла).

Сылгы алтатын үөһэ сааһыттан сааһа этиллибэт буолар: *аты –ат, биэни – биэ, атыыры – атыыр дэнэр.*

*Кырдьан эрэр аты кырдьаҕас ат, кырдьаҕас биэ (аҕам биэ), кырдьаҕас атыыр дииллэр.*

*_Сылгы хайдах айанныырыттан көрөн, тус-туһунан ааттыыллар._*

*Дьоруо ат* – уҥа илин, кэлин, хаҥас илин, кэлин атахтарын бииргэ уочаратынан сыҕарытан айанныыр сылгыны этэллэр. (Иноходь).

*Сэлиик ат* – рысак.

*Ахсым ат* – соруйтарыыта суох бэйэтэ түргэтиир, сыыдам сырыылаах сэргэх ат.

*Нэс ат* – таһыйдахха да соччо кыһаллыбат, бытаан айаннаах наҕыл ат.
#сахатыла

*ЭРГЭРБИТ ТЫЛЛАР*

*ЭЙИМ - өрүскэ, үрэххэ түргэн сүүрүктээх таас түгэхтээх сир, харгы (кыһын хойукка диэри сиикэй сытааччы).*

Холобур: Бииргэ сөтүөлүүбүт өрүс эйимигэр. С.Д.ХП.223.

"Саха тылыгар кылгас көмө тылдьыттан" бэчээттэннэ.
#сахатыла

*ЭРГЭРБИТ ТЫЛЛАР*

*ЭРКЭЭЙИ, ЭККЭЭЙИ - суолу ыйар бэлиэ, холобур, маһы суора охсон эбэтэр мас анньан.*

Холобур: Ыллык устун баран истэххэ... ханнык эмэ эккээйилэр көстөн кэлэллэр. М.Д.КС.86.

"Саха тылыгар кылгас көмө тылдьыттан" бэчээттэннэ.
#сахатыла

*ЭРГЭРБИТ ТЫЛЛАР*

*ЭЛГЭЭН - өрүс таһыгар баар уһун синньигэс уу.*

Холобур: Дулҕалаах элгээн уутугар тумустаан киирбит үрдүк арҕастаах үрүҥ буруо... субурус гынна. А.А.КСХ. 360.

"Саха тылыгар кылгас көмө тылдьыттан" бэчээттэннэ.
#сахатыла

*ЭРГЭРБИТ ТЫЛЛАР*

*ЭЛИТИЭПКЭ - собуокка оҥоһуллубут илиинэн охсор хотуур (нууч.литовка).*

Холобур: Ол баһан ылыы окко... элитиэпкэ эрэ киирэр. КМ. 1974.IX.12.3.

"Саха тылыгар кылгас көмө тылдьыттан" бэчээттэннэ.
#сахатыла

*ЭРГЭРБИТ ТЫЛЛАР*

*ЭННЬЭ - эргэ сүктэр кыыска дьоно биэрэн ыытар маллара, баайдара.*

Холобур: Кини халыым төлүүр баайа суох, онон энньэ да эрэйэр кыаҕа суох. А.А.СК.208.

"Саха тылыгар кылгас көмө тылдьыттан" бэчээттэннэ.
#сахатыла

ЭРГЭРБИТ ТЫЛЛАР

*ЭРБИЙЭ - 1) Кыра, намыһах, бытархай.*

Холобур: Кылгас эрбийэ талахтар өҕүллүбэккэ, биир сиргэ холкуҥнууллар. А.А. КСХ. 311.

*2) Бөтүүк тэбэр тыҥыраҕа, тэбэрэ.*

Холобур: Бөтүүк ситэ баттаан, эрбийэтинэн тэптэ. И.Д.ӨХ.117.

"Саха тылыгар кылгас көмө тылдьыттан" бэчээттэннэ.
#сахатыла

*ЭРГЭРБИТ ТЫЛЛАР*

*ЭРГЭНЭ - 1) Үрдүккэ ыттарга аналлаах кэрдиистээх эбэтэр быа үктэллэрдээх уһун мас (кирилиэс). Эргэнэнэн тиит кумалааныгар, кэбиһиилээх окко эҥин ытталлара.*

*2) Үрдүк, бөдөҥ мастаах.*

Холобур: Киэҥинэн эҥсиллибит улуу күөллээҕин эргэнэ хара тыатын хонноҕор кыбынан, аҥар эрэ муннугун быктарбыт. А. А. СК. 204.

"Саха тылыгар кылгас көмө тылдьыттан" бэчээттэннэ.
#сахатыла

*ЭРГЭРБИТ ТЫЛЛАР*

*ЭРИДЬИЭС - үп-ас, мал-баай испииһэгэ (нууч.реестр).*

Холобур: ...Баайдарга ону-маны эридьиэстээн кытыйа-хамыйах саласпыт киһи. Н.З.КУ. 69.

"Саха тылыгар кылгас көмө тылдьыттан" бэчээттэннэ.
#сахатыла

*ЭРГЭРБИТ ТЫЛЛАР*

*ЧҮӨЧЧЭР - 1) Туохтан эрэ быһыллыбыт кыра төгүрүк. 2) Түөл. Киһи баттаҕар кыра тараҕай.*

Холобур: Баттахпын имэрийэн көрөбүн, ханан да...чүөччэр биллибэт. Н.З.КУ. 148.

*Саха киһитэ, умнуллубут тыллар суолталарын өйдөөн, күннээҕи олоххор туттан, тилиннэр, тылгын байыт, төрүт тылбыт сир кырсыттан сүппэтигэр бэйэҥ сэмэй кылааккын киллэр.*

"Саха тылыгар кылгас көмө тылдьыттан" бэчээттэннэ.