#сахатыла
*ЭРГЭРБИТ ТЫЛЛАР*
*ЫЛАҔАН - боруу арааһа. Үксүн ойуурга, симилэххэ уонна күөл кыламаннарыгар сөбүлээн үүнэр (нууч. хвощ топяной).*
Холобур: Табалар ылаҕан хаппыт умнастарын уонна силиргэхтэрин бэркэ сөбүлээн сииллэр. ЭК. 1966.3.20.4.
"Саха тылыгар кылгас көмө тылдьыттан" бэчээттэннэ.

ЭРГЭРБИТ ТЫЛЛАР
*ЫМЫЙАХ (БЫТА УГА) - элбэх сыллаах от үүнээйи, төрдүгэр силиргэхтээх, сибэккитэ хараҥа кыһыл. Ходуһаҕа талах иһигэр, ойуур саҕатыгар, саҥа оҥоһуллубут бурдук сиригэр үүнэр. Силиргэҕин үүккэ холбуу ытыйан былыр аска тутталлара (нууч.кровохлебка лекарственная).*
Холобур: Онон ый аҥарын быһа ымыйах угунан аһаан сылдьыбыттара. И. Ф. ХХ. 77.