ВОЛОНТЕРЫ САХА
1.72K subscribers
4.59K photos
913 videos
48 files
2.3K links
https://t.iss.one/+KUKHozRGCAI3Mjli

ССЫЛКА НА ЧАТ ПОДПИСЧИКОВ⬆️
Download Telegram
🌞Күндүттэн күндү
Күн Күбэй Ийэлэрбитигэр сахаволонтердартан барҕа махтал!

Ас астааһына, отон хомуйан ыытааһына, таҥас тигиитэ, харчынан, эминэн-томунан, аһынан-таҥаһынан көмө, госпиталларга сырыы - бу барыта Саха сирин Ийэлэрин үтүө санааларыттан, болҕомтолоруттан, ис сүрэхтэриттэн тахсар хамсааһын.

Хас биирдии бааһырбыт уол волонтердары Ийэтин, чугас дьонун курдук мэлдьи күүтэр, волонтер кэллэҕинэ сүрдээҕин үөрэр, дойдутун ахтылҕанын таһааран сахалыы төрүт тылынан дуоһуйа кэпсэтэр.

Волонтер волонтеру, уолаттарбыт төрөппүттэрин, кэргэттэрин бастатан туран ийэ-аҕа, аймаҕын, доҕорун курдук өйдүүр уонна ханнык баҕар түгэҥҥэ оҕолорбут тустарыгар өйүүргэ бэлэм✊🏻

#бииргэбит
#вместе
#спасибонашим
#сднемматери
#богхранитебя

https://t.iss.one/volonterysakha