#спо #ВервилТех #ссуз
⭐️ Техникумҥа күһүҥҥү куурус
2015 сылтан үгэс курдук күһүн ахсын ыытыллар "Веревочные курсы" Түгэхтэй алааһыгар буолан ааста. Орто анал үөрэххэ олус наадалаах, уопсастыбаҕа туһаны аҕалар идэлэри баһылыан баҕалаах үөрэнэ киирбит устудьуоннары билиһиннэрэр сыаллаах тэрээһиҥҥэ 13 бөлөх барыта кытынна.
Техникумҥа саҥа үөрэнэ киирбит ыччат дьон билсиһэн, алтыһан, бэйэ-бэйэҕэ эрэллээх буолалларыгар, бодоруһан, доҕордуу сыһыаны үөскэтэллэригэр бу оонньуу ньыматынан барар күрэх бигэ тирэх буолар.
Сарсыардаттан сахалыы сиэринэн салама баайан, алгыс түһэрэн, сибиэһэй салгыҥҥа көччүйэ күрэхтэһэн туран биэрбит күһүҥҥү күннээх күнү астына-дуоһуйа атаардылар. Техникум остолобуойун асчыттара итии чэйдээх, минньигэс астаах эбиэтинэн күндүлээтилэр. Педагогическай коллектив бэрт түмсүүлээхтик тахсан, станциянан ыытыллар оонньуу хабааннаах күрэх тэрээһиниттэн биир да үлэһит туора туран хаалбата.
Уопсай түмүгү, хайа хамаанда кыайыылаах буолбутун, кэлэр нэдиэлэ саҕаланыыта линейкаҕа үөрүүлээх быһыыга-майгыга биллэриэхтэрэ.

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM