Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.84K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#рецепт

🌞 Өрөбүл күн кырачаан хаһаайка Дайана Долгунова, саҥа рецебы эһигинниин үллэстэр🥰🌷торт ПАНЧО🎂

Рецебы сөбүлээбит буоллаххына сүрэхтэ туруор❤️❤️❤️❤️❤️❤️❤️

Сурутааччы видеота

#Үөһээбүлүүхаһыат
#видеодня🔥

63 саастаах Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин олохтооҕо Николай Николаев Кэлтэгэй түөлбэтигэр 20 сыл тухары бэйэтин баҕатынан, күүһүнэн муус сыыр оҥорор👍🏻🤩👏🏻

Николай Семенович бэйэтэ эмиэ сырылыыр, оҕолуу үөрэрин бу устууга көрүҥ🥰

#сурутааччыустуута🎥
#үөһээбүлүүхаһыата
@uohee
@ulusmedia
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Катокка оҕолор сөбүлээн хаҥкылыыллар👍🏻

#бэйэустуута
#новостьдня🔥
#спорт
Эльдар-Россия чемпиона!🤩👏🏻👏🏻👏🏻👏🏻

Магадан куоракка Россия хотугу многоборье Чемпионата уонна Первенствота ыытылынна👍🏻
Первенствоҕа биһиги улуустан Саха сирин хамаандатын чилиэнэ, биир күүстээх спортсмена Мандаров Эльдар (техникум 2 кууруһун устудьуона) олус ситиһиилээхтик кытынна.
16-17 саастаах уолаттарга барыта 38 оҕо кытынна. Магадан, Красноярскай, ХМАО, ЯНАО, Чукотка, Хабаровскай, Сахалин, Тюмень, Камчатка барыта 10 хамаанда күөн көрүстэ.

Эльдар куобахха 10 м. 17 см. ыстанан 5-с миэстэ буолла. Мастаах 3 км. сүүрүүгэ 4-с миэстэ. 150 м. сүгэ быраҕан 3-с миэстэ. Маамыктаны 5-тэ табан 11-с миэстэ, 409-та нарта ойон 2-с миэстэни ылла. Сууммаҕа 25 очколаах эрэллээхтик, ырааҕынан хааалларан, 1-кы миэстэ буолла🔥🔥🔥
Эльдарга уонна тренеригэр Раиса Григорьеваҕа эҕэрдэ❤️👏🏻👏🏻👏🏻

@uohee
@ulusmedia
#үөһээбүлүөхаһыата
#сурутааччы🎥
🎭ААН ДОЙДУТААҔЫ ТЕАТР күнүнэн!

Сахабыт сиригэр ханнык театрдар
баалларын билэҕит?

🎊 Комментарийга эппиэти күүтэбит
#планерка

Кулун тутар 24 күнүгэр 4-с нүөмэрдээх орто оскуолаҕа тэриллибит "Омук күүһэ - өйүгэр, өйүн күүһэ - тылыгар" нэһилиэнньэ сугулаанын туһунан улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Люция ТОЙТОНОВА иһитиннэрии оҥордо.

Саха тылын харааннааһыҥҥа, оҕолору сахалыы тыыны иҥэрэр туһугар сахалыы эйгэни олохтооһуҥҥа нэһилиэктэр бырайыактарын күрэҕэ ыытыллыбыта. Манна 1-кы миэстэни Үөдүгэй нэһилиэгин бибилэтиэкэрэ Тамара Саввинова көмүскээбит нэһилиэк бырайыага ылла. Иккис миэстэҕэ Харбалаах нэһилиэгэ, үһүскэ Өргүөт нэһилиэктэрэ таҕыстылар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн

⭐️ Театр күнүнэн💐💐💐
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Үөрэх управлениетын салайааччыта Спиридон Борбуев киирии тылыгар кутурҕан тылтан саҕалаата.

Ол курдук, Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэҕин салалтата, педагогическай общественноһа, улууспут биир ытык-мааны Киһитэ, РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, Саха республикатын үөрэҕириитин туйгуна, методиһа, улахан дьиэ кэргэн күн күбэй Ийэтэ, Эбээтэ Лазарева Мария Ильинична ыарахан ыарыыттан орто дойду олоҕуттан барбытынан, тапталлаах кэргэнигэр Леонид Гаврильевичка, оҕолоругар, сиэннэригэр, бары аймахтарыгар, доҕотторугар дириҥ кутурҕаммытын тиэрдэбит.
Мария Ильинична үрдүк библиотечнай үөрэҕи бүтэрэн, ССКП Үөһээ Бүлүүтээҕи райкомун партийнай библиотекатын сэбиэдиссэйинэн, кэлин улуустааҕы үөрэх салалтатыгар методист библиотекарынан үлэлээн, коллегаларын, үөрэх тэрилтэлэрин салайааччыларын истиҥ махталларын ылара. Мария Ильинична манна үлэлиир кэмигэр улуус үөрэҕин үлэһиттэрин туһунан таһааттарбыт "Живая нить" 3 чаастаах дьоһуннаах кинигэтин үгүс киһи үтүө махталынан ахтар.
Мария Ильинична
үтүө аата үйэлэргэ умнуллубат.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Итиэннэ тэрээһин боппуруостарыгар тохтоото. Үөрэх эйгэтигэр үлэһиттэр, оҕолор улуус таһыгар араас быһыылаах тэрээһиннэргэ кытталларын туһугар 68 айан сырыыта оҥоһуллубут.

Бу нэдиэлэҕэ бары оскуолаларга сааскы сынньалаҥ күннэрэ. Бу да күннэргэ туһалаах тэрээһиннэр ыытыллаллар. Сааскы сынньалаҥ кэмигэр тэриллэр оскуола нэһилиэктэр оскуолаларын оҕолоро бэйэ-бэйэлэрин кытта билсэллэрин туһугар тэриллэр.

Сарсыҥҥаттан Бүлүү улууһугар Бүлүү бөлөх улуустарын дириэктэрдэригэр, солбуйааччыларыгар анаммыт "Хаачыстыба форума" быстах куурус саҕаланар.

Кулун тутар 30 күнүгэр 26-с төгүлүн, быйыл Үөһээ Бүлүүгэ М.А.Алексеев аатынан ааҕыылар ыытыллыахтара. Бу иннигэр Дьокуускай куоракка эрэ буолара.

Кулун тутар 31, муус устар 1 күннэригэр Н.Г.Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай колледж 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээри олорор. Бу орто үөрэх кыһатыгар бастакы укулаат таастыы ууруллубут дириҥ, чиҥ билиини ылбыт учууталлары, иитээччилэри барыларын Бүлүүгэ күүтэллэр. Үбүлүөйгэ көхтөөх кыттыыны ылыҥ.

Дьарыктаах буолуу киинин нөҥүө 14-17 саастаах оҕолор 6 тыһыынча солкуобай хамнастаах үлэҕэ сыһыарыллыахтарын сөп. Манна оскуолалар бэйэлэрин үптэриттэн эбии харчы көрөн, хамнастаан үлэлэтиэхтээхтэр. Үгүс оскуола үбүлээһиҥҥэ ыарырҕатар буолан, сыллааҕы былаан туолбат. Оттон быйылгы былаан 140 оҕо. Бу боппуруоска Дьарыктаах буолуу киинин салайааччыта Николай Петров быйыл агро-оскуолалары кытта үлэлииргэ бэлэмин биллэрдэ.

Быйыл сайыҥҥы оҕо саада үлэлиирэ былааннанар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM