Харыйа туруора илик дьоҥҥо анаан🙋♀🙋♀🙋♀
Улахан да, кыра да бантиктары араас матырыйаал тобоҕуттан, атлас лиэнтэтиттэн оҥорон харыйаны киэргэтиэххэ сөп😍😍😍 дьэрэкээн оонньуурдары кытары олус уратытык көстөр👍👍👍
Хаартыскалар интэриниэт ситимиттэн
@uoheebuluu

Почта России перейдёт на специальный график работы, чтобы оказывать услуги клиентам в новогодние праздники. https://верхневилюйск-газета.рф/pochta-rossii-soobshhaet-o-rabote-v-novogodnie-prazdniki/
#планерка
⭐️ Ахсынньы 23 күнүнээҕи улуус дьаһалтатын нэдиэлэтээҕи былаанныыр сүбэ-мунньаҕа үөрүүлээх түгэнтэн саҕаланна.
Ол курдук, анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар өйөбүлү оҥорууга баҕа санааларынан кыттыһан, барса сылдьыбыт холобур буолар хоһуун дьоҥҥо махтанан туран улуус баһылыга Валерий Николаев Махтал суруктары туттарда.
Ол курдук, Үөдүгэй нэһилиэгин баһылыга Альберт Иванов, Үөдүгэй дьаһалтатын суоппара Иван Федоров, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Кирилл Гаврильев, Авиапорт салайааччыта Дмитрий Иванов бэлиэтэннилэр.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка
⭐️ СӨ Бэйэни салайыныы Ассоциациятын Сэбиэтин 4-с уочарата суох съеһин түөскэ кэтиллэр бэлиэтинэн уонна Бочуот грамотатынан Роспотребнадзор ТО кылаабынай специалиһа Айталина Корякина улуус социальнай сайдыытыгар кылаатын иһин наҕараадаланна.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка
⭐️ Кыайыылаах бырайыактар биһирэннилэр
Бары билэрбит курдук, ахсынньы 16 күнүгэр улуустааҕы Култуура уонна духуобунай сайдыы департаменын көҕүлээһининэн улуус сынньалаҥын кииннэрин үлэһиттэрин икки ардыларыгар "Бастыҥ айар бырайыак" күрэҕэ биллэриллибитэ.
Маныаха үс хайысханан, ол эбэтэр Улуу Кыайыы 80 сылыгар, Үөһээ Бүлүү улууһун 90 сылыгар уонна Фольклор сайдыытыгар анаммыт бырайыактар оҥоһуллан киирбитттэриттэн Балаҕаннаах нэһилиэгин сынньалаҥ киинин "Сырдык сайын" диэн бырайыага бастакы миэстэни ылан, 100 тыһ. солк. суумалаах сертификатынан наҕараадаланна. Бырайыак салайааччыта Туяра Андреева аатыттан сынньалаҥ киин дириэктэрэ Михаил Жендринскэй сертификаты тутта.
Иккис миэстэни Оҥхой нэһилиэгин култууратын киинин "Өксөкүлээх үс сэргэтэ" бырайыага ылла. Салайааччы Мария Барахова 80 тыһ. солк. суумалаах сертификатынан наҕараадаланна.
Уонна үһүс бочуоттаах миэстэни "Норуот айымньытын киинэ" МАТ специалиһа Кэрэчээнэ Николаева "Ытык мэҥэ сирдэр" бырайыага ылан, 50 тыһ. солк. сертификаты тутта.

✅ Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын салайааччыта Кирилл Гаврильев салайан олорор эйгэтин үлэтин-хамнаһын билиһиннэрдэ.
Улууска быйыл сылгынан, сүөһүнэн дьарыктанар 16 потребительскай кооператив, 2 бюджетнай тэрилтэ подсобнай хаһаайыстыбата, 2 соҕотуопка тэрилтэтэ, 74 хаһаайыстыба уонна мелиорация өҥөтүнэн хааччыйар СӨ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин мелиорацияҕа управлениета үлэлээтэ.
Бу сылга ахсынньы 1 күнүнээҕи көрдөрүүнэн, улууска уопсайа 9395 төбө сүөһү, ол иһигэр 3843 ыанар ынах, 8096 сылгы (ол иһигэр 5152 биэ), 280 сибиинньэ, 853 дьиэ көтөрө баара учуоттаммыт.
Оту бэлэмнээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэттэн бэриллибит былаанынан 26 тыһ. туонна быһыллыбыта. Оттон улууска уопсайа 24 тыһ. 702 туонна от бэлэмнэммит. Уопсай былаан 5%-нан туолбата. Ону таһынан 1205 туонна сенаж, 300 туонна сиилэс бэлэмнэммит.
Улууска уопсайа 69 279 га иэннээх тыа хаһаайыстыбатын сирэ баар. Ол иһигэр 2 160 га бааһына, 25 811 га ходуһа, 39 249 га мэччирэҥ сир уонна 2 059 га туһаҕа тахсыбакка баҕарылла сытар сирдээх.
Быйыл улууска 70 т сылгы эбии аһылыга кэллэ, ол эбэтэр 35 т комбикорм уонна 35 т эбиэс.
Үүтү туттарыыга 1469 туонна былаан быһыытынан бэриллибитэ. Маныаха 1530 т 439 кг үүт туттарыллан былаан туолбут.

✅ РФ Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин Үөһээ Бүлүүтээҕи кэтээн көрөр, силиэстийэлиир салаатын үлэтин туһунан салайааччы, ис сулууспа майора Андрей Александров иһитиннэрдэ.
Ааһан эрэр 2024 сыл кулун тутарыттан саҕалаан 21 муниципальнай тэриллии сиригэр-уотугар ойуур баһаардарыттан уонна да атын айылҕа баһаардарыттан сэрэхтээх буолуу бастакы миэрэлэрин толорууга туһуламмыт бэрэбиэркэлэр ыытылыннылар.
Бэрэбиэркэ түмүгүнэн 9: Боотулуу, Мэйик, Оҥхой, Харбалаах, Дүллүкү, Хомустаах, Туобуйа, Нам, Балаҕаннаах нэһилиэктэригэр баһаарынай ирдэбили кэһии көстүбүт.
Хос бэрэбиэркэ түмүгүнэн 6: Мэйик, Оҥхой, Харбалаах, Дүллүкү, Хомустаах, Туобуйа нэһилиэктэрэ ыйыллыбыт кэһиилэри туората иликтэрэ бэлиэтэммит.
Маныаха үп-харчы, сөптөөх тиэхиньикэ суоҕуттан туоратыллыбакка хаалбыт итэҕэстэри көннөрөргө 2025 сыл ыам ыйыгар диэри болдьох бэриллибит.
Итиэннэ тэрилтэ салайааччыларыгар туһаайан, Саҥа Дьыллааҕы бырааһынньыктар, өрөбүллэр бириэмэлэригэр тэрилтэ иһигэр уоту-күөһү көрүнэллэригэр, эппиэттээх сирэйдэри анаан дьуһуурустабалары олохтуулларыгар, дьуһуурунайдары хонтуруоллуулларын күүһүрдэллэригэр, пиротехникаттан сэрэхтээх буолалларыгар ыҥырда.