#олоҥходекадата
⭐️ Кэнтик нэһилиэгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүнэн Олоҥхо күнүгэр аналлаах «Олоҥхо дойдута» диэн бэртээхэй тэрээһин буолла.
Даҕатан эттэххэ, олоҥхо күнүгэр аналлаах тэрээһин манна сыллата далааһыннанан, сэргэхсийэн иһэр. Күүтүүлээх дьоро күн мустубут ыалдьыттары "Сайдам" түмсүү ийэлэрэ арыылаах алаадьынан айах туттулар. Дьэ ол кэннэ, "Арылы Хотун" ийэлэрин үҥкүү бөлөҕө, " Кылыһах" оҕо норуодунай ансаамбыла хомуһуннаах хомус дьүрүһүтэр тыаһынан саҕалаата.
Бу күн нэһилиэкпит уран тарбахтаахтарын быыстапката, Н.И.Бойлохов аатынан оҕо ускуустубатын Кэнтиктээҕи филиалын уруһуй кылааһын оҕолорун үлэлэрэ уонна "Олонхо Дойдутун оҕотобун" уруһуй күрэҕин кыттыылаахтарын быыстапката турда.
Василий Алексеев - Бааһынай Баһылай "Аан Дайды айыллыыта...Орто дойду олохтонуута..." олоҥхотун тэрилтэ салайааччылара, үлэһиттэрэ, " Сайдам " түмсүү уһун тыынынан күргүөмнээхтик аахтылар. "Олоҥхо Дойдута" кинигэ быыстапката турда.
Кэлэр 2024 сылга Кэнтик нэһилиэгэ төрүттэммитэ 125 сылын көрсөргө бэлэмнэнии үлэлэрэ бу күнтэн саҕаланан барыахтара диэн эрэнэбит.
Сонуннарга анаан Майя Ушницкая
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#олоҥходекадата
⭐️ Сэтинньи 25 күнүгэр Күөх Ньурба куоратыгар "Оҕо Дьулаах" олоҥхону туруордулар. Манна биир дойдулаахпыт Арылхан Мойтохонов Үрүҥ Кыыртык оруолун олус бэрткэ толордо.
Арылхаҥҥа, чаҕылхай, олус табыллыбыт олоҥхо дьоруойун дьиҥ уобараһын дьоҥҥо-сэргэҕэ дириҥ өйдөбүл тириэрдибиккинэн эҕэрдэ!
Инникитин өссө үрдүк ситиһиилэри, өссө үрдүк дабайыылары-чыпчааллары! Доруобай, чөл-чэгиэн олоҕу! Саха улуу олоҥхото, этигэн хомуһа сүппэккэ, симэлийбэккэ кɵлүɵнэттэн-кɵлүɵнэҕэ бэриллэн истин.
Майя Ушницкая
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Арылхаҥҥа, чаҕылхай, олус табыллыбыт олоҥхо дьоруойун дьиҥ уобараһын дьоҥҥо-сэргэҕэ дириҥ өйдөбүл тириэрдибиккинэн эҕэрдэ!
Инникитин өссө үрдүк ситиһиилэри, өссө үрдүк дабайыылары-чыпчааллары! Доруобай, чөл-чэгиэн олоҕу! Саха улуу олоҥхото, этигэн хомуһа сүппэккэ, симэлийбэккэ кɵлүɵнэттэн-кɵлүɵнэҕэ бэриллэн истин.
Майя Ушницкая
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ОлоҥхоДекадата
⭐️ Түгэхтэйгэ - күннүктээх олоҥхо дьикти эйгэтэ
Улахан балаҕаҥҥа киэһэ 18:00 чааска диэри Олоҥхо тыйаатырын артыыската Василина Баланова олоҥхолуу олорор.
Киэһэ 19:00 чаастан 24:00 чааска, түүн оройугар диэри Саха сиригэр биллэр-көстөр уһуйааччы, 93 саастаах олоҥхоһут Никандр Прокопьевич Тимофеев уһуйуллааччыта, Үөһээ Бүлүү улууһугар ыытыллыбыт Олоҥхо Ыһыаҕар ыччат ортотугар "Кылаан кыайыылаах" аатын ылбыт Яна Ньургусова олоҥхолуоҕа.
Оттон киэһэ 24:30 чаас кэннэ, истиэн баҕалаахтар баар буоллахтарына, тоҕус саха тойугун сарсыарда тыҥ хатыыта түмүктүүрдүү Үөһээ Бүлүүлэргэ анаан олоҥхолуохтара.
Кэлиҥ, сылдьыҥ, сэҥээриҥ, истэ-билэ сэргэҕэлээҥ.
Кулгаах-харах иччитэ буолан саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын, култууратын, үгэһин, сиэрин-туомун иҥэриммит муҥутуур чыпчаал айымньыны - Олоҥхону истэ кэлэргитин күүтэбит🙌

⭐️ Үөһээ Бүлүүлэр түүн үөһүгэр диэри олоҥхо иһиттибит
Киэһэ үлэ чааһын кэннэ Яна Ньургусова өрөбөлүүссүйэ кэннэ суруллубут олоҥхону 4 чаас устата толордо.
Үс олоҥхоһуту биирдэ тутан, Үөһээ Бүлүү сиригэр ыалдьыттата ыҥыран, тирии тэнийиэр диэри маанылаах тойуктаах олоҥхо тылын-өһүн дуоһуйа иһиттибит.
Улуустааҕы култуура уонна духуобунай сайдыы департаменын, улуус салалтатын аатыттан саха киһитэ эрэ үөрэр тоҥ ас бастыҥын атах соболоҥо илии тутуурдаан, өттүк харалаан, өссө кэлээриҥ диэн үлэһэ хаалан, аныгыс сырыыга диэри арахсарга күһэлиннибит.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
@uoheebuluu @ulusmedia

Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#ОлоҥхоДекадата
⭐️ Үөһээ Бүлүүгэ эрэ дуоһуйа олоҥхолоотубут
- диэтэ олоҥхоҕо уһуйааччы Никандр Прокопьевич Тимофеев.
Олоҥхону толорууну туохха тэҥнээн эппитин истиҥ эрэ☝️
"Олоҥхоһуттарга мэлдьи чаас аҥаара, иһэ үллүбүтэ чааһы эрэ анаан биэрэллэр. Мэлдьи олоҥхоттон быһа тардан толоттороллор. Толору олоҥхону үөрэнээччибин Янаны кытта утары көрсөн олорон эрэ толорор этибит. Оттон бүгүн Үөһээ Бүлүүгэ кэлэн тириим тэнийиэр диэри иһиттим. Яна толорор олоҥхотун бүгүн эрэ аан бастакытын толору аахта. Манна кэлэн чахчы дуоһуйдум, астынным", - диэн Никандр Тимофеев олус долгуйан туран санаатын эттэ.

⭐️ Олоҥхо декадатын чэрчитинэн кытыы сытар нэһилиэктэргэ олоҥхо истиитин бырайыага үлэтин саҕалаата.
Ол курдук, Боотулуу уонна Сургуулук нэһилиэктэригэр "Айан олоҥхото" бырайыак иитинэн Иван Данилов "Хаан Дьааһын" олоҥхотун бастакы бөлөх - Норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ ыалларынан сылдьан толороллор.
Оттон иккис бөлөх - Айталина Мойтохонова-Сахаайта, Никита Аянитов буолан Быракааҥҥа уонна Өргүөккэ "Ыалынан олоҥхолуубут" бырайыагынан ыалларынан сылдьан олоҥхолоотулар.

https://www.youtube.com/watch?v=1W9PzJJgijw&t=2823s - Кирилл Никонович - Лөкөчөөн, "Мохсоҕоллой боотур" олоҥхото Боотулуу культуратын дьиэтигэр 1998 с.
https://www.youtube.com/watch?v=men17Ya4H_E - К.Н.Никифоров - Лөкөчөөн туһунан биэриилэр, архыып
https://www.youtube.com/watch?v=JbCkwhhLgzk&t=3532s - Кирилл Никифоров "Мохсоҕоллой Боотур" олоҥхотун матыыбынан киинэ-испэктээкил
https://www.youtube.com/watch?v=ZwTLZnBf03Y&t=1107s - Сүгүрүйэр сүдү киһибит К.Н.Никифоров - Лөкөчөөн төрөөбүтэ 82 сааһынан эҕэрдэ биэрии
https://www.youtube.com/watch?v=mP8z1nZVTjE - Кирилл Никонович - Лөкөчөөн "Мохсоҕоллой Боотур" гастроли Боотулуу 1998 с.
https://www.youtube.com/watch?v=41K38oJ0yYQ&t=417s - Кирилл Никонович Никифоров - Лөкөчөөн Олоҥхо "Хабытта Бэргэн"

⭐️ Оҕолорго аналлаах региональнай "Ноо" олоҥхо толоруутун күрэҕэ
Уһуйаан саастаах оҕолортон саҕалаан оскуола үөрэнээччилэрэ олоҥхону толорорго холонуулара саха төрүт култууратын ыкса билиһиннэрэр, өйгө хатыыр дьоҕуру сайыннарар аналлаах.
И.Н.Бойлохов аатынан оҕо искусство оскуолатын дириэктэрэ Анатолий Иванов эҕэрдэ тылын анаата.
Өрөспүүбүлүкэ Дархан этээччитэ, олоҥхоһут, тойуксут Валентина Семенова "Куоппат-туойбат, куттаҕаһа суох Күн Дибилийэ бухатыыр" олоҥхоттон быһа тардан толорон күрэҕи арыйда.
Дьүүллүүр сүбэҕэ Норуот айымньытын киинин фольклорга специалиһа Людмила Гурьева, Оҕо искусство оскуолатын методиһа Анастасия Данилова уонна художественнай кылаас үрдүкү категориялаах преподавателэ Анна Адамова үлэлииллэр.
Комментарийга киирэн оҕолор хаартыскаларын көрүҥ⬇️⬇️⬇️