Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.35K videos
9 files
3.86K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
🔉🔉🔉Воспитанники технопарка - учащиеся 7 класса из Кэнтикской СОШ Филиппов Никита и Наумов Алеша удостоились чести принять участие и помериться силами со своими сверстниками на первом  Чемпионате гонок дронов Республики Саха (Якутия),
💻🎛️прошедшем 29-30 октября 2024 года по дисциплине: Технический симулятор (DCL-The Game). Также педагоги Волков О.И. и Филиппов С.Н. посетили Всероссийский фестиваль беспилотных авиационных систем «Дотянуться до неба!»,
🖥️🚀🛩️увидели мастер-классы и выставку достижений БАС, набрались опыта.
👏👏Надеемся, что во втором Чемпионате гонок дронов Республики Саха  воспитанники выступят результативнее.

Детский технопарк
#профилактика

⭐️ Бүгүн "Баһаартан сэрэхтээх буолуу" идэҕэ үөрэнэр техникум курсаннара нэһилиэк олохтоохторугар баһаартан сэрэхтээх буолары санатар инструктажтары аахтылар.

Ол курдук, улуустааҕы Баһаарынай этэрээт инструктордарын кытта тэҥҥэ аадырыстарынан сылдьан, нэһилиэк 100-чэ ыалыгар сэрэхтээх буолар туһунан иһитиннэриини тириэртилэр. Баһаарынай инструктаж сурунаалыгар олохтоохтор бэйэлэрин, чугас дьоннорун доруобуйаларыгар, олохторугар эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыахтаахтарын туһунан бигэргэтэр илии баттааһыны туруортардылар.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#сонунбырайыак

⭐️ Бүөтүр Тобуруокап аатынан норуот айымньытын дьиэтэ айар үлэтин саҕалаата

Ол курдук, бэлиэ күн ураты түгэнтэн саҕаланна! Айар бөлөх 2022 сыллаахха улахан экраҥҥа тахсыбыт «Спирит» аатырбыт ойуулугу сахалыы тыыннаан, доҕуһуоллаан, көрөөччү кыраҕы дьүүлүгэр туруорда. Бырайыак ураты култуурунай түгэн быһыытынан сыаналанна уонна омуктуу айымньылар төрөөбүт тылбытыгар көҥүл тылбаастанан бэйэлэрин көрөөччүлэрин булар кыахтаахтарын көрдөрдө.

Омук ойуулугун саха тылыгар тылбаастаан уонна муусуканан доҕуһуоллаан көрдөрүүнү Бүөтүр Тобуруокап аатынан норуот айымньытын дьиэтин музыканнара кыайа-хото туттулар. Бырайыак ааптара Дмитрий Дьячковскай бэлиэтээбитинэн, бу коллектив бастакы холонуута буолар. Уустук эрээри, интэриэһинэй тургутууну ситиһиилээхтик толорбуттарын салайааччы махтана, киэн тутта кэпсээтэ.

Ойуулугу ураты тыыннаан көрдөрөр кэмҥэ оҕолор да, улахан да дьон олус сөхтүлэр- махтайдылар. Саха традиционнай музыкальнай инструменнарыгар толоруллубут тыыннаах доҕуһуолу кытта ойуулугу сахалыы саҥардыы уратыта, эпичнайа көрөөччүлэр куттарын тутта.

Туруоруу түмүктэниитигэр кинилэр сылаас махталларын уонна соһуччу үөрүүлэрин ытыс тыаһын уһун доҕуһуолунан биллэрдилэр.

Дмитрий Дьячковскай инникитин хамаанда былаана элбэҕин уонна атын ойуулуктары салгыы сахалыы тыыҥҥа туруорар санаалаахтарын кэпсээтэ. Бу олохтоох култуура эйгэтигэр саҥа саҕахтары арыйар уонна көрөөччүлэр сөбүлүүр ойуулуктарын ураты толоруунан дуоһуйалларыгар кыаҕы үөскэтэр.

Айар коллективка инникитин да ситиһии сиэттиһэ турарыгар, көрөөччүнү соһуччу үөрдэр сонунтан сонун бырайыактары, саха култуурунай нэһилиэстибэтин барҕара сайыннара туралларыгар баҕа санаабытын тиэрдэбит.

Сахалыы тылынан оруоллары саҥартылар:

Спирит - Айан Саввинов, Дмитрий Дьячковскай
Лакота - Афанасий Миронов
Офицер - Борис Титов
Капрал - Андрей Алексеев

Каадыр кэннигэр тиэкис: Дмитрий Дьячковскай

Ырыалары толордулар: Андрей Иванов, Айан Саввинов, Дмитрий Дьячковскай

@ueheebuluu @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#муҥха

⭐️ Дүллүкүлэр бүгүн "Күүлэлээх" эбэҕэ 70 тахса киһилээх муҥхаҕа 7 хоппо балыгы хотордулар.

Олохтоох дьаһалта, баһылык Николай Петрович Романов уонна ытык кырдьаҕаспыт Николай Руфович Руфов, Михаил Иванович Тарасов иилээн-саҕалаан,көҕүлээн тэрийдилэр. Муҥхаҕа мустубут дьону итии чэйинэн, эмис эт миининэн күндүлээтилэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🔊🔊🔊БИЛЛЭРИИ❗️❗️❗️
Оптурунньукка, сэтинньи ый 5 чыыһылатыгар, сарсыарда 10 чаастан күнүс 12 чааска диэри ыарыыны кэтээн көрүү чэрчитинэн, "КамАЗ" мобильнай комплекс базатыгар 50 лет ЯАССР уулусса бүтэр уһугар, "МААППА" маҕаһыын аттыгар🏚 диспансеризацияны бу сылга ааһа илик дьонтон хаан уопсай аналиһын ылыахпыт (аччык искэ) 💉, ЭКГ уһулуохпут❤️, рост вес, талия🕴🏻 кэмнээһинин оҥоруохпут, хаан баттааһынын, харах ис давленияттын👁‍🗨 кээмэйдиэхпит.
Убаастабыллаах Үөһээ Бүлүүлэр❗️ Доруобуйаны кэтээн көрүү хас биирдии киһиэхэ туһалааҕын өйдөөн, кэлэҥҥит доруобуйаҕытын бэрэбиэркэлэнэргитигэр ыҥырабыт. КИМ БУ СЫЛГА ДИПАНСЕРИЗАЦИЯНЫ ААҺА ИЛИК, ТҮГЭНИ МҮЧЧҮ ТУТУМА❗️🧍🏻‍♀️🏃🏼‍♂️🏃🏻🏃🏻🚶🏻‍♀️🚶🏻‍♀️🚶🏻‍♀️
Социальные контракты в Якутии: как господдержка меняет жизни людей

⚡️ На сегодняшний день в Якутии заключено порядка 3 тысяч социальных контрактов на общую сумму более 430 миллионов рублей. Как сообщили в Минтруде Якутии, наибольшее количество господдержки заключено в городе Якутске – 1 291, Нюрбинском улусе – 76, Оленёкском улусе – 32 и Анабарском улусе – 20.

🔹 В статье Улус.Медиа читайте истории жителей республики, которые благодаря заключенным соцконтрактам успешно ведут дело.

↪️ https://ulus.media/2024/11/02/soczialnye-kontrakty-v-yakutii-kak-gospodderzhka-menyaet-zhizni-lyudej/

📲 Подпишись на @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM