Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22.1K photos
4.37K videos
9 files
3.89K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#быыбар

Өргүөттээҕи 83-с нүөмэрдээх быыбардыыр учаастакка нэһилиэкпит кырдьаҕас Далбар Хотуна, элбэх оҕо амарах ийэтэ, эбээтэ Омукчанова Клара Дмитриевна кыыһынаан Анжелика Владимировалыын, сиэнинээн Володялыын кэлэн куоластаатылар.

Омукчановтар дьиэ кэргэттэрэ үлэҕэ, сынньалаҥҥа бииргэ сылдьар үгэстээхтэр. Нэһилиэк олоҕор мэлдьи көхтөөх кыттыыны ылаллар.

Санатар буоллахха, Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн биллэрбит бырайыагар күн бүгүн Саха сириттэн 1000 тахса дьиэ кэргэн кыттар. Бырайыак саайта: https://всейсемьей.рф/

#всейсемьей #всейсемьей14
#быыбар

Өргүөт кырдьаҕас олохтооҕо Афанасьев Петр Васильевич бэйэтин гражданскай иэһин толорон, эрдэттэн сайабылынньа биэрэн, Дьокуускай куоракка куоластаата.

Өргүөттэн Лариса Николаева

@uoheebuluu
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#быыбар

83-с нүөмэрдээх Өргүөттээҕи быыбардыыр учаастакка "Үмүлүүн" эбээлэр түмсүүлэрэ сахалыы таҥастарын сайбаччы таҥнан кэлэн, эдэр ыччаттарга холобур буолан бэйэлэрин быыбардарын дойдубут чэчирии сайдарын туһугар биэрдилэр🇷🇺🇷🇺🇷🇺

Өргүөттэн Лариса Николаева

@uoheebuluu
#быыбар

⭐️ Дойду Президенин быыбарын сүрүн күнүгэр Тамалакаан быыбардааччылара 100% быыбарга тахсан, нэһилиэк үс бастыҥ көрдөрүүлээх нэһилиэк иһигэр киирдэ👏👏👏

Санатар буоллахха, бэҕэһээ киэһээҥи көрдөрүүнэн Балаҕаннаах - 103,43% уонна Хомустаах нэһилиэгэ 100%
көрдөрүүнү ситиспиттэрэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#быыбар

Күндү 79 нүөмэрдээх быыбардыыр учаастак быыбардааччылара!
🇷🇺🇷🇺🇷🇺🇷🇺🇷🇺

Бүгүн, кулун тутар 17 күнүгэр кыайан кэлэн быыбардаабат буоллаххытына, 14:00 чааска диэри биллэрэн, дьиэҕитигэр ыҥыран куоластыаххытын сөп.

Билсэр нүөмэргит:
89142388270

Дойдубут туһугар, сайдыы туһугар бары сомоҕолоһон, И.Н.Барахов аатынан 1-кы нүөмэрдээх оскуолаҕа, Школьнай уул. 1-гэр киэһэ 20:00 ч. диэри быыбардыы кэлэргитин күүтэбит!
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#быыбар

Күндү 75 нүөмэрдээх быыбардыыр учаастак быыбардааччылара!
🇷🇺🇷🇺🇷🇺🇷🇺🇷🇺

Бүгүн, кулун тутар 17 күнүгэр кыайан кэлэн быыбардаабат буоллаххытына, 14:00 чааска диэри биллэрэн, дьиэҕитигэр ыҥыран куоластыаххытын сөп.

Билсэр нүөмэргит:
+7 (914) 224-05-68

Дойдубут туһугар, сайдыы туһугар бары сомоҕолоһон, Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгин дьаһалтатыгар киэһэ 20:00 ч. диэри быыбардыы кэлэргитин күүтэбит!
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#быыбар

⭐️Хоро нэһилиэгин кырдьаҕас олохтооҕо Прасковья Максимовна Москарова Дойду сүрүн быыбарын күнүгэр сахалыы симэнэн кэлэн бэйэтин куолаһын биэрдэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#быыбар

⭐️ 81 нүөмэрдээх Үөһээ Бүлүүтээҕи быыбардыыр хамыыһыйа чилиэттэрэ улуустааҕы киин балыыһаҕа сытар ыарыһахтарга тиийэн быыбардата сылдьаллар.

Күнүс 12 чугастааҕы туругунан, Үөһээ Бүлүү улууһун быыбардааччытын уопсай ахсааныттан 73,75% куоластаан олорор.

100% быыбарга тахсыыны хааччыйбыт үс нэһилиэккэ Ороһу нэһилиэгэ эбилиннэ.

Ороһу олохтоохторо бу чааска 100% куоластаатылар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#быыбар

⭐️ "Земскэй фельдшер" бырагырааманан өйөбүл ылан улуустааҕы киин балыыһаҕа фельдшеринэн үлэлиир Александра Стручкова үлэтин быыһыгар 79 нүөмэрдээх быыбардыыр учаастакка кэлэн гражданин быһыытынан ытык иэһин толордо.

Санатар буоллахха, Дойду Президенэ Владимир Путин быһаччы сорудаҕынан үлэлиир "Здравоохранение" национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар бырагыраама тыа сиригэр медиктэр үлэлии кэлэллэригэр бигэ тирэх буолар.

#нацпроект
#Здравоохранение
#ВместеТолькоВперед
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#быыбар #дьаарбаҥка

⭐️ "Сааскы кэм сандалыта" дьаарбаҥка улуус олохтоохторун крестьянскай ырыынакка күүтэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#быыбар

⭐️ Үөһээ Бүлүүтээҕи территориальнай быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Семен Семенович Миронов кэргэнинээн Ирина Георгиевналыын быыбары түмүктүүр күн куоластаатылар.

Санатар буоллахха, Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн биллэрбит бырайыагар күн бүгүн Саха сириттэн 1000 тахса дьиэ кэргэн кыттар.

Бырайыак саайта: https://всейсемьей.рф/

#всейсемьей #всейсемьей14
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#быыбар

⭐️Быракаан нэһилиэгин 84 нүөмэрдээх быыбардыыр учаастагар крестьянскай- фермерскэй хаһаайыстыбалаах эдэр ыал - Мироновтар дойду инникитин санаан туран куоластаатылар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#быыбар

⭐️ Ия, Владимир Ивановтар Үөһээ Бүлүүтээҕи 75 нүөмэрдээх быыбардыыр учаастакка куоластаатылар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#быыбар

⭐️ Харбалаах нэһилиэгин быыбардыыр хамыыһыйатын чилиэттэрэ бүтэһик киһинэн куоластаабыт биир дойдулаахтарын кытта Дойду историятыгар суолталаах быыбар күнүн хаартыскаҕа түһэн үйэтиттилэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#быыбар

⭐️ Анна уонна Спартак Ксенофонтовтар улуус эдэр урбаанньыттара күүстээх үлэ кэнниттэн, быыс булан, 79 нүөмэрдээх быыбардыыр учаастакка, быыбар түмүктэниэ 10 мүнүүтэ хаалбытын кэннэ кэлэн, бэйэлэрин куоластарын биэрдилэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#быыбар

Өргүөттээҕи быыбар хамыыһыйата республика үрдүнэн ыытылла турар саха литературатын төрүттээччи, поэт, наука араас көрүҥнэригэр оҥкулу оҥорбут чинчийээччи, гуманист - философ А.Е.Кулаковскай - Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүт күнүгэр аналлаах "Свеча памяти" аахсыйаҕа кытынныбыт.

Өргүөттэн Лариса Николаева

@uoheebuluu
#быыбар

⭐️ Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэктэринэн быыбар түмүгэ маннык.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#быыбар

Балаҕан ыйын 8 күнүгэр Кэнтик уонна Харбалаах нэһилиэктэригэр баһылыктары, 18 нүөмэрдээх Кырыкый-Дүллүкү биир мандаттаах быыбардыыр уокуругар депутаттары талар быыбардар буола тураллар.

Миэстэтигэр общественнай наблюдательлэр, полиция үлэһиттэрэ быыбар хаамыытын көрөллөр, бэрээдэги көрөллөр-истэллэр.

@uoheebuluu
#быыбар

Бүгүн күнүс 3 чаастааҕы дааннайынан, Кэнтиккэ 210 киһи быыбардаата, Харбалаахха 146, Кырыкый-Дүллүкү биир мандаттаах быыбардыыр уокуругар уопсайа 168.

Учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйалар киэһэ 8 чааска диэри үлэлииллэр.

@uoheebuluu
#быыбар

Бүгүн киэһэ 5 чаастааҕы дааннайынан, Кэнтиккэ 273 киһи быыбардаата, Харбалаахха 194,  Кырыкый-Дүллүкү биир мандаттаах быыбардыыр уокуругар уопсайа 235.

Учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйалар киэһэ 8 чааска диэри үлэлииллэр ол кэннэ боротокуол ааҕыыта саҕаланыа.

@uoheebuluu