Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#бэлиэкүн #Бүлүүэбэкүнэ

О.Д.Федорова аатынан киин модельнай библиотекаҕа СӨ үтүөлээх суруналыыһа, бэйиэт, суруйааччы, "Кэрэтэ суох олох туругурбат" музыкальнай испиктээк "Сюзанна" айымньы ааптара Борис Иванович Павловы кытары истиҥ-иһирэх көрсүһүү буолла.

Көрсүһүүгэ Борис Павлов "Сахалар дьылҕа - хаан ыйааҕынан", "Кэм" сурунаал 1-кы нүөмэрин бэлэх уунна. Бу сурунаалга Үөһээ Бүлүүттэн муусука учуутала Наталья Ильина ыстатыйата киирбит.

Автор "Сюзанна" айымньытын хайдах суруйбутун сиһилии кэпсээтэ.

Ол курдук, Борис Иванович: "Рок-музыканы сөбүлүүбун, "Чолбон" группаҕа сүгүрүйэбин. Бу айымньыбар "Чолбоннор" музыкаларын киллэрбитим. Спектаклы долгуйа кэтэһэбин", - диэн санаатын үллэһиннэ.

Кэпсэтии кэмигэр улуустааҕы культура департаменын салайааччыта Айталина Мойтохонова - Сахаайта: "Борис Иванович, биһиги ыҥырыыбытын ылынан кэлбиккэр истиҥник махтанабыт. Бүгүн көстөр "Сюзанна" спектаклы автор быһыытынан көрүөҥ, сыаналыаҥ диэн эрэнэбит", - диэн сылаас махталын тириэртэ.

Онтон улууска ураты харыстанар сирдэргэ старшай инспектор
Василий Титов: "Эн суруйууларгын республика ааҕааччылара бары улаханнык сэҥээрэн ааҕабыт, кэтэһэбит", - диэн Борис Ивановичка туһаайан, ааҕааччы быһыытынан санаатын тириэртэ.

Түмүккэ улуус ветераннарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иван Чычахов: "Борис Иванович кэмигэр ааттамматах биллиилээх дьоннору хасыһан булан суруйар үтүөлээх-өҥөлөөх. Биһиги, Бүлүү сүнньүн олохтоохторо, эйиэхэ улахан махталлаахпыт. Сахалар дьоно эйигинэн киэн туттабыт", - диэн улуус олохтоохторун аатыттан барҕа махталын, үтүө баҕарыылары эттэ.

Бу эриэккэс көрсүһүүттэн мустубут дьон ураты астынан, дуоһуйан тарҕастыбыт.

Тамара Саввинова
@uohee_buluu