Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.84K subscribers
21K photos
4.16K videos
9 files
3.66K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
Улуу Кыайыы 79-с сылыгар анаммыт Кыайыы параадыгар 9000 киһи, 75 техника уонна авиация кыттыыны ылла.

Параады билиҥҥи кэм геройдара, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара арыйбыттара.

Кинилэр быыстарыгар биһиги биир дойдулаахпыт, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Алексей Тарасов кыттыыны ылла.

Алексей Үөһээ Бүлүү улууһун, Сургуулук нэһилиэгиттэн төрүттээх.

Параадка 150-с Гвардейскай дивизия, 68-с «Железный» полк аатыттан кытынна.

Кинилэр кыайыыга күүстээх дьаныардарын иһин, хаһан да бэриммэккэ иннин диэки кыайардыы кимэн киирэр күүстэх куттаахтарын иһин полктарын «Железный» диэн укронацистар ааттаабыттар.

150-с дивизия саллааттара герой эһээлэрин туйахтарын хатараллар. Бары билэрбит курдук, лейтенант А.П. Берест, сержант М.А. Егоров уонна младший сержант М.В. Кантария 150-с стрелковай дивизия штурмовой былааҕын Кыайыы Знамята гынан Рейхстаг үрдүгэр иилбиттэрэ.

#ПарадПобеды
#КраснаяПлощадь
#9мая
#ДеньПобеды

t.iss.one/ValeriNikolaev