#Кыайыыкүнэ
Үс Хоһуун стадиоҥҥа оскуола үөрэнээччилэрин байыаннай хаамыылара буолла. Хаамыыны байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Бүлүү бөлөх улуустарга быыһыыр-көрдүүр сулууспа салайааччыта Михаил Ан салайда.
Улуус баһылыга Валерий Николаев Улуу Кыайыы күнүнэн эҕэрдэлээтэ уонна байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Иван Сагайдак "Хорсунун иһин" уордьанынан өлбүтүн кэннэ наҕараадаламмытын тапталлаах кэргэнигэр туттарда.
Байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, бэтэрээнэ Александр Семенов эҕэрдэтин эттэ уонна Кыайыы хайаан да кэлэрин баҕарда.
Ким дa умнуллубат, туох да умнуллубат!
@uoheebuluu

Аҕа дойду уоттаах сэриитигэр Өргүөт нэһилиэгиттэн 128 күүстээх - уохтаах уолаттар ыҥырыллан барбыттарыттан 104 киһи уоттаах сэриигэ, 13 киһи араас обьектары харабыллааһыҥҥа, 11 киһи үлэ фронугар Тиксиинэн, Үөһээ Дьааҥыннан, Киренскэйинэн сылдьыбыттарын кэриэстээн, бһиги көҥүл олоххо олорорбут туһугар олохторун олук ууралларын кэрэйбэккэ сэриилэспит эһээлэрбитигэр, хос эһээлэрбитигэр махтанан Кыайыы памятнигын иннигэр митинг буолла.
"Туллукчаан" дьааһыла сад үлэһиттэрэ полевой кухня тэрийэн саллаат хааһытынан, итии чэйинэн күндүлээтилэр. Түмүгэр тэрилтэлэринэн военизированнай эстафета -куоталаһыы буолбутугар бастакы миэстэни администрация "Сардаҥа" хамаандата, иккиһи
оскуола "Мохсоҕоллор" хамаандалара,
үсүһү "Катюша" оҕо саадын хамаандата ыллылар.
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат.
Өргүөттэн Лариса Николаева

#Бессмертныйполк
Эһээбит Васильев Николай Петрович 1942 сыллаахха Аҕа дойдутун көмүскүү сэриигэ барбыта.
Ол сыл Сталинград уоттаах кыргыһыытыгар хорсуннук сэриилэһэ сылдьан ыараханнык бааһыран госпиталга быстыбыта.
Кини Волгоград Оленье диэн дэриэбинэтигэр братскай могилаҕа көмүллүбүтэ, аата көмүс суругунан суруллубута.
Хорсун эһээбитинэн киэн туттабыт, өйдүүбүт, умнубаппыт.