Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.86K subscribers
22.1K photos
4.37K videos
9 files
3.89K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Оҕо саҥатынан: кырачааннар аҕа туһунан

Дьокуускай куорат «Туллукчаан» уһуйаанын иитиллээччилэрэ аҕа күнүгэр күндү киһилэрин туһунан кэпсээннэрэ, эҕэрдэлэрэ.

Улус.Медиа оҕо сылыгар анаммыт таһаарыытын сиһилии видеоҕа көр.
Убаастабыллаах Аҕалар!
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Аҕа күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!


Ыал Аҕата дьиэ кэргэҥҥэ тутаах киһи. Киниэхэ сүгүллэр элбэх эппиэтинэс, дьиэ кэргэнин үтүө туруга, харысхаллаах буолуута Аҕаттан тутулуктаах.

Аҕа оҕону иитиитигэр оруола сүҥкэн, уол оҕоҕо көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр өбүгэлэрин сатабылын, тутулун булту, балыктааһыны, хаһаайыстыба үлэтин көрүҥнэрин, сүөһүнү, сылгыны иитээһини тиэрдэн, бу орто дойдуга саха ыала үксээн, саха үгэһэ тэнийэн өбүгэлэрбититтэн кэлбит төрүт дьарыктарбытын сүтэрбэккэ илдьэ сылдьабыт. Уолаттар бары да Аҕаларбытыттан, Эһээлэрбититтэн, Убайдарбытыттан элбэххэ үөрэнэн эрэллээх эр дьон буола улааттыбыт.

Бу күннэргэ 24 төгүлүн Мэҥэ Хаҥалас Майа сэлиэнньэтигэр ыытылла турар Өрөспүүбүлүкэтээҕи "Аҕа уолунаан - 2024" күрэххэ биһиги улуустан кытта сылдьар Петровтар дьиэ кэргэнин Аҕата Айсен үгүс аҕаларга холобур буолар. Уолунаан Арсенныын дьарыктананнар, улуус күрэҕэр кыайан, билигин өрөспүүбүлүкэҕэ кытта сылдьаллар. Бу маннык дьиэ кэргэҥҥэ Аҕа оҕолорун кытта чугас сыһыаннаһара, үүнэр көлүөнэни дьоһуннаахтык иитэрэ хайҕабыллаах!

Ытыктабыллаах аҕалар, Аҕа буолар аналгытын тосхоллоохтук ылынан, бэйэҕит Аҕаларгыт, Эһээлэргит ииппит иитиилэрин, биэрбит билиилэрин салҕыы аныгыс көлүөнэҕэ тиксэрэр курдук оҕолоргутун иитиигэ эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан Айбыт Аҕа сүдү үлэтин толору толороргутугар баҕарабын.
Дьоллоох, доруобай буолун, дьиэ кэргэҥҥитигэр ил-эйэни,  ыччаттаргыт эһигини өрүү үөрдэ турдуннар! Аҕа уускут ууһаатын!

Эҕэрдэни кытта, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев

#АҕаКүнэ
#ҮөһээБүлүү
#СднемОтца

t.iss.one/ValeriNikolaev
Суббота прошла хорошо. III научно-практическая конференция историков и краеведов РС(Я) «История с древнейших времен до современности».
С Днем Отца в Республике Саха (Якутия)!

Отец – глава и защитник семьи, от которого зависит благополучие родных и близких. На примере отца растут дети, сыновья становятся достойными гражданами, защитниками и патриотами Родины. В Якутии всегда так было, и будет всегда. И это особенно чувствуется сегодня, в условиях проведения специальной военной операции. Многие якутяне - отцы встали на защиту Родины и сегодня сражаются за мир и справедливость на планете. Мы гордимся отцами, вырастившими настоящих мужчин, патриотов Родины, Героев России. Ими гордится Якутия и вся наша страна!

Быть отцом – большая ответственность. Желаю всем отцам крепкого здоровья, счастья и благополучия! Пусть ваши дети вырастут достойными людьми и радуют вас успехами и победами в жизни!

t.iss.one/aisen_nikolaev
Команда из Амгинского улуса победила в соревновании «Сылгыhыт күрэҕэ», которое проходило в Верхоянском районе, и стала обладателем приза в размере 2,5 миллиона рублей.
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Куйуур – саха төрүт дьарыга

Саас халлаан сылыйан күөлгэ ойбон алларан, саха киһитэ куйуурдуу киирэр. Маннык булт көрүҥэ сахаларга эрэ баар.
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#дьиэкэргэнсыла #аҕакүнэ #всейсемьей

Үөдүгэй нэһилиэгин олохтооҕо, айар куттаах ырыа айааччы, мелодист Евгений Тихонов кыыһынаан Софиялыын бүгүҥҥү үөрүүлээх бырааһынньыгынан, Аҕа күнүнэн эҕэрдэлээн туран "Прекрасное далеко" ырыаны толороллорун истиҥ😍👏

Санатан эттэххэ, Евгений Тихонов ааспыт нэдиэлэҕэ бастакы айар киэһэтин тэрийэн дьон сэҥээриитин ылла👏👏👏

@uoheebuluu
@ulusmedia
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар, Майа сэлиэнньэтигэр ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи "Аҕа уолунаан - 2024" күрэх түмүктэннэ.

Күрэххэ Саха сирин улуустарыттан барыта 19 хамаанда кыттыыны ылла, ол иһигэр Дьокуускай куораттан 2 хамаанда уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан 2 хамаанда. 

Үөһээ Бүлүү улууһун хамаандата Петровтар Айсен уонна Арсен 6 түһүмэх түмүгүнэн 5-с миэстэҕэ тахсан баран, түмүктүүр 7-с түһүмэх - остуолбаҕа ыттыы тыҥааһыннаах киирсиитин түмүгэр уопсай зачётка Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 8-с миэстэни ыллылар.

"19 хамаандаттан, 11 хамаанданы кэннилэригэр хаалларан, Петровтар Айсен уонна Арсен ситиһиилээхтик, олус таһаарыылахтык кыттыннылар, инникитин өссө күүскэ бэлэмнэннэхтэринэ кыайар кыахтаахтар уонна эһиил өссө төгүл кыттарга бэлэмнэр. Үөһээ Бүлүү улууһун чиэһин үрдүк таһымнаахтык көмүскээтилэр", - диэн Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын социальнай хайысхаҕа уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр солбуйааччы Анна Михайловна Уларова бэлиэтээтэ.

Петровтарга Айсеҥҥа уонна Арсеҥҥа уонна Дүллүкү нэһилиэгин дьаһалтатыгар истиҥ махталы тиэрдэбит. Ону тэҥэ улууспут Аҕаларын түмсүүтүн салайааччытыгар Руфов Алексей Васильевичка, хамаанда тэрээһиннээхтик, ситиһиилээхтик кыттарыгар сыраҕыт иһин, икки күнү супту сарсыардаттан киэһээҥҥэ дылы тэҥҥэ сылдьыһан, тэрээһиҥҥэ көмөҥ, өйөбүлүн иһин махтанабыт.

Күрэх тэрийээччилэригэр маннык дириҥ ис хоһоонноох, суолталаах, Аҕалары өйүүр, Аҕа оҕону иитиигэ сыратын киэҥ эйгэҕэ сырдатар, дьиэ кэргэн олоҕор, туругар саҥаны киллэрэр күрэҕи олохтообуккут олус хайҕабыллаах. Үөһээ Бүлүү дьаһалтатын аатыттан тэрийээччилэргэ махталбытын тиэрдэбит.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи "Аҕа уолунаан-2024" күрэххэ өссө биир улахан ситиһиибит - Үөһээ Бүлүү улууһа сүүмэрдиир түһүмэҕи үрдүк таһымнаахтык ыытан Өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥ тэрийиигэ кыайыылааҕынан тахсан, сыаналаах бирииһинэн наҕараадаланна.

#АҕаУолунаан2024
#ДеньОтца
#АҕаКүнэ
#ҮөһээБүлүү

Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Киэн туттар биир дойдулаахпыт,лиирик бэйиэт,суруйааччы,тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ,Суруйааччылар сойуустарын чилиэнэ Алексеев Василий Андреевич төрөөбүтэ 75 сылын көрсө төрөөбүт-үөскээбит, куорсун анньыммыт Кырыкыйын нэһилиэгэр хоһоон ааҕыыта буолла.Үс бастыҥ хоһоон ааҕааччылар видеонан матырыйаалларынан бэйиэт олорбут Тааттатын Чөркөөҕөр "Эн кэрэҕин,Поэзия!" хоһоон күрэҕэр кыттыахтара.Василий Андреевиһы дойдутун дьоно-сэргэтэ өрүү саныыллар,бэйиэт олоҕу,тапталы туойбут хоһоонноро ыллам ырыа буолан ыллананнар үөрдэ туруохтара.