Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22.1K photos
4.37K videos
9 files
3.89K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
📣 🏗 «Герои-строители». Первый выпуск: «Строители для строителей» на луганской земле

Представьте, что вы смотрите вдаль, где раскинулись бескрайние просторы новых регионов нашей страны.
Там, где еще недавно кипели бои, уже возрождается мирная жизнь. И за всем этим стоит титанический труд людей, которые не побоялись бросить вызов судьбе.
Проект «Герои-строители» – это истории о таких людях.

👉 В первом выпуске мы отправимся в Северодонецк и познакомимся с Максимом Зинаковым, руководителем проекта крупной строительной компании.
Он приехал сюда, оставив позади привычную жизнь, чтобы стать частью чего-то большего.

Это очень сильно: здесь, буквально на руинах и из руин строители строят для будущих строителей.
Заинтриговал? Посмотрите фильм – и поймете, что я имел в виду.

А еще вместе с героем мы ощутим бесконечную силу круга жизни, когда одно поколение заботится о следующем. Не на словах, а на деле. Мы увидим, как осознание этой ценности помогает герою справиться со всеми трудностями.

Но главное, что мы увидим – это несокрушимую веру в людей и в то, что вместе мы можем сделать мир лучше.

📺 Смотрите первый выпуск проекта «Герои-строители» – это история, которая не оставит вас равнодушными!
Проект создан при поддержке Института развития интернета и Строительного комплекса России.
В России начался весенний призыв. Но родителям новобранцев беспокоиться не стоит: служить в зоне СВО молодые люди не будут, не отправят их и в новые регионы. Подробная информация – в карточках.

🖖 Подпишись, Правда за нами
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#саҥакинигэ

Историческай наука дуоктара, ытык киһибит, «Үөһээ Бүлүү» хаһыат эрэллээх доҕоро, сүбэһитэ Никита Деевич Архипов бу сылга үктэнээт, номнуо иккис кинигэтин «Үөһээ Бүлүү» хаһыат редакциятыгар бэчээттиир отделыгар бэчээттэтэн таһааттарда.

Бүгүн иккис кинигэтин – «Ранний железный век Якутии» тутан үөрдэ-көттө. Кинигэ 50 экземплярдаах. Бэрт соторунан, Никита Деевич бу кинигэтин илдьэ Дьокуускай куоракка историктар уонна кыраайы үөрэтээччилэр конференциятыгар илдьэ барыахтаах, биир идэлээхтэригэр билиһиннэриэхтээх.

Онтон биһиэхэ бэчээттэммит бастакы кинигэтэ – «Проект возрождения сельскохозяйственного пала в Якутии» Саха сиринэн тарҕанан, ааҕааччы киэҥ биһирэбилин ылла. Никита Деевич кэпсииринэн, бу кинигэни Тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарынан дьарыктанар дьокутааттар үлэлэригэр туһаналлар эбит.

Бэлиэтээн эттэххэ, биһиги типографиябытыгар араас кинигэлэри, брошюралары, буклеттары бэчээттээн таһаарабыт. Билигин «Аленушка» оҕо саадын үбүлүөйдээх кинигэтин бэлэмнии сылдьабыт.

@uoheebuluu
#сурутуу
Дойду үрдүнэн 2024 сыл иккис аҥарыгар сурутуу саҕаланна. Бу туһунан «Почта России» иһитиннэрдэ. Сурутууну анал сыһыарыы нөҥүө, почта бары отделениеларыгар уонна дьиэҕэ почтальону ыҥыран оҥотторуохха сөп.

«Үөһээ Бүлүү» улуус хаһыатыгар дьиэттэн олорон суруттарар олус табыгастаах диэн санатабыт. Бу сыл иккис аҥарыгар сурутуу сыаната баара-суоҕа 619,32 солк. Аҕыс ыйга сурутуу, ол эбэтэр ыам ыйыттан ахсынньыга диэри – 823,34 солк.

https://podpiska.pochta.ru/press/%D0%9F%D0%98976 бу аадырыһынан киирэн «Үөһээ Бүлүү» улуус хаһыатыгар онлайн сурутаргытыгар ыҥырабыт!

@uoheebuluu
Арктик телеком интернет сибээс операторын бэрэстэбиитэллэрэ кэлэн Үөһээ Бүлүү улууһугар түргэн интернет ситимин холбооһуҥҥа үлэлэһэргэ бэлэмнэрин биллэрдилэр.

Билиҥҥи кэмҥэ улууска соҕотох интернет оператор "Ростелеком" үлэлиир. Интернет тарифа улууска үрдүгүнэн сибээстээн, атын конкуренцияны оҥорор хампаанньыйа Бүлүү эҥээр улуустарыгар үлэтин саҕалаабыта хайҕабыллаах.

Арктик телекомнар тэйиччи сытар нэһиликтэргэ интернет холбуохтарын сөбүн эттилэр, онон сибээстээн Туобуйа нэһилиэгэр интернет ситимин хайдах киллэриэххэ сөбүн толкуйдаан, былааннаһыах буоллулар.

Түргэн, чэпчэки, быстала суох үлэлээх интернет тыа сирэ сайдарыгар улахан суолталааҕынан сибээстээн түөрт Бүлүү  улуустарыгар сибээс өттүгэр саҥа хампааньыйалар, оператордар кэлэн үлэлииллэрин өйүүбүт.

t.iss.one/ValeriNikolaev
Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын салалтата кэлэр ыйга анал байыаннай дьайыы хонуутугар уолаттарбытын кытта көрсө барарыгар бэлэмнэнии саҕаланна.

Бүгүн мунньахха Луганск, Донецк, Запорожье, Херсон уобаластарыгар дойдуларын көмүскүү сылдьар уолаттарбытыгар көмө тиийэрин курдук былааннаан, сибээскэ тахсан, туох көмө наадатын билсэн баран күүскэ үлэлиэхтээхпит диэн сыал сорук туруордубут.

Сотору кэминэн анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөнү, өйөбүлү ыытыан баҕалаахтарга анал биллэрии тахсыаҕа.

#ИннибитХотуБарыБииргэ

t.iss.one/ValeriNikolaev
Улууска социальнай эбийиэктэри, суоллары тутуу туһунан мунньах тэрилиннэ.

Быйылгы сылга Көтөрдөөх-Багадя суолун реконструкциятыгар 64 мөл. 150тыс, Боотулуу-Харбала (Тыалаччыма үрэхтэн Чонороҕо диэри) 36 мөл. 256 тыс. көрүллүбүтэ.
Ону таһынан улуус киинигэр:
Үөдүгэй нэһилиэгэр Ю.М. Максимов аатынан уулусса уонна П. П. Андреева аатынан переулок өрөмүөнүгэр 3 мөл. 712 тыс., В.В. Васильев уонна Е.В. Адамова аатынан уулуссалар өрөмүөннэригэр 3 мөл. 534 тыс. көрүллэн, сотору кэминэн үлэ саҕаланарын кэтэһэбит. Нам нэһилиэгэр: Комсомольскай, Хомустаах, Механизатор уулуссаларын өрөмүөнүгэр 5 мөл. 204 тыс. көрүллэр буолла.
Бу көрүллүбүт үптэр, улууспутугар суол кыһалҕатын кыралаан быһаарарбытыгар улахан көмө буолаллар. Суол диэн сайдыы тирэҕэ буоларын өйдөөн туран, хаачыстыбалаах үлэ барарын ситиһиэхпит.

Оскуолалар тутууларыгар: Харбалаах нэһилиэгэр 90/40 миэстэлээх оскуола-оҕо уһуйаана тутуутун урукку бырайыагын көннөрөн, саҥа бырайыак үлэтэ бара турар.

Үөдүгэй нэһилиэгин, Андреевскай сэлиэнньэтигэр «Универсальный комплекс спортивных единоборств" тутуута 2022 сылтан үбүлээһинэ тохтоон турбутун, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталстыбатын, Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич өйөөһүнүнэн уонна Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын туруорсуутунан өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан - 102,7 мөл. солк., оройуон бюджетыттан - 3,1 мөл.солк, уопсайа 105,8 мөл. 2024 сылга үбүлэнэрин ситиспиппит. Билигин смета оҥорооһунугар үлэ бара турар.

Дойду Президиэнэ Владимир Путин биллэрбитинэн, национальнай бырайыактар тиһиктэрин быспакка салҕаналлар. Ону таһынан үөрэх тэрилтэлэрин хапытаалнай өрөмүөннэрин оҥорууга национальнай бырайыак нөҥүө көмө көрүллэринэн сибэстээн улуус оскуолаларын өрөмүөннээһиҥҥэ үлэлииргэ сүбэлистибит.

Хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамматынан дьиэлэри тутууга былааннаһыы үлэтин саҕалыырга үлэ хамыыһыйатын тэрийэн ыытары сорудахтаатым

#ҮөһээБүлүү
#ИннибитХотуБарыБииргэ

t.iss.one/ValeriNikolaev 
#сылаас #Kitjah

⭐️ Көрүҥ, Үөһээ Бүлүүгэ Киджа фаната - Дьулус Колесов

Уол сыанаҕа тахсан харса суох ыллаһан барда😎

Дьулус тустуунан дьарыктанан ситиһиилэннэҕинэ бастакы мэтээлин Киджаҕа хаартыска түһэрэн ыытыах буолла.

Уолга ❤️ туруоруҥ эрэ

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#сылаас #Kıtjah

⭐️ Киджа кэнсиэригэр кэлбит оҕолор оһуохайы оройуттан туттулар. Улахан дьон да олорон хаалбата.

Оҕолоргутун булан көрдүгүт да? Көрбүт буоллаххытына ❤️ баттааҥ😉

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#көмүскэл

Бүгүн Хомустаах нэһилиэгэр «Социальный десант» үлэлээтэ. Олохтоох дьаһалта дьиэтигэр Хомустаах нэһилиэгин баһылыга Яков Семеновы кытта кэпсэтии кэн культура дьиэтигэр нэһилиэнньэни кытта керсүһүү, профилактическай бэсиэдэ буолла. Улуустааҕы социальнай көмүскэл управлениетын салайааччыта Екатерина Николаева сүрүннүүр специалиһын Мира Роменскаяны кытта олохтоохторго социальнай харалтаттан ханнык өҥөнү туһаныахтарын сөбүн, социальнай контракт балаһыанньатын, о.д.а. боппуруостары кэпсээтилэр.

Дьарыктаах буолуу киинин специалиһа Мойтохонова З. М. нэһилиэнньэҕэ информациятын иһиттибит. Кэлбит дьон бэйэлэригэр наадалаах боппуруостарыгар эппиэт ылан астына хааллылар. Н.А.Габышев аатынан Хомустаах орто оскуолатын спортивнай саалатыгар сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго хамыыһыйа специалиһа Алексеева Н.И., дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитиигэ көмөнү оҥорор киин специалиһа Салашина Н.Н., опека отделын специалиһа Алексеева В.В. 5-9 кылаас оҕолоругар кылаас салайааччыларын, оскуола социальнай педагогун кытта эрдэҕэс оҕолорго олус наадалаах темалары таарыйдылар. Оҕолор да, учууталлар да интэриэһиргээн иһиттилэр, бэсиэдэ кэмигэр боппуруостар киирэ турдулар.

Социальнай көмөҕө наадыйааччыларга дьиэлэринэн сылдьан рейдэ оҥордубут, олохтоох дьаһалта социальнай үлэһитэ, Хомустаах нэһилиэгин дьаһалтатын сүрүннүүр специалиһа, баһылык солбуйааччыта сылдьыстым. Рейдэҕэ соҕотох, социальнай харалта көрүүтүгэр олорор ытык кырдьаҕаска киирэн сэһэргэһэн, күннээҕи сонунун истэн таҕыстыбыт. Төрүөҕүттэн инбэлиит ыал ийэтигэр, олоххо уустук балаһыанньаларынан учуокка турар элбэх оҕолоох эдэр ыалга сылдьан хайдах олороллорун билистибит уонна социальнай контракка киирсэр кандидат, дьиэтин-уотун көрдүбүт, бэйэтин кытта билистибит.

Хомустаах нэһилиэгэр кэлэн барбыт «социальнай десант» үлэтин олус сэргээтибит, Хомустаахпыт туһунан кэпсээтибит, нэһилиэкпитин көрдөрдүбүт. Маннык социальнай десант нэһилиэнньэҕэ олус наадалаах диэн түмүккэ кэллибит.

А.А.Михайлова, олохтоох дьаһалта сүрүннүүр специалиһа

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM