Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#кыһа

⭐️ Быйыл оскуолаҕа киирэр оҕолоох төрөппүттэр истиилэригэр!

Госуслуга сыһыарыытын нөҥүө оҕоҕутун 1-кы кылааска суруттарарга эрдэттэн бэлэмнэниҥ.

Сайабылыанньа черновигын сигэтэ - https://www.gosuslugi.ru/600426/1/form

2024 сылга оскуолаҕа ылыы хампаанньа туһунан сиһилии манна көрүҥ - https://yaguo.ru/node/788

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#уһуйаан #кыһа

⭐️ Бүгүн, кулун тутар 28 күнүгэр, «Аленушка» оҕо сайдар киинэ 35 сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт улуустааҕы «Дьиэ кэргэним оонньуур оонньуута» диэн төрөппүттэр оҥорон таһаарбыт дидактическай оонньуурдарын күрэҕэ буолла.

Уопсайа 34 араас көрүҥнээх үлэ киирдэ. Дьүүллүүр сүбэҕэ эбии үөрэхтээһин педагогтара Татьяна Анисимова, Ульяна
Андреева, педагог-психолог Георгианна Афанасьева үөрэх управлениетын информационнай-методическай салаатын сүрүн специалиһа
Сардаана Павлова салайыытынан үлэлээтилэр. Киирбит үлэлэртэн 3 бастыҥы быһаардылар.

Күрэх түмүгүн уһуйаан 35 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһинигэр, муус устар 4 күнүгэр Оҕо искусство оскуолатын дьиэтигэр иһитиннэриэхтэрэ. Хас биирдии киирбит үлэ бу күн быыстапкаҕа туруоруллан дьон көрүүтүгэр тахсыахтара.

Биһиги куонкуруспутугар кыттыбыт төрөппүттэргэ, иитээччилэргэ улахан махталбытын тиэрдэбит.

Сонуннарга анаан Георгианна Афанасьева

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#БКЭ #кыһа

⭐️Төрөппүттэр биир кэлим эксээмэни туттараллар

"Төрөппүттэр БКЭ туттарар күннэрэ" Бүтүн Россиятааҕы акция бүгүн дойду үрдүнэн ыытыллар. Үөһээ Бүлүү улууһун хас биирдии нэһилиэгин оскуолатыгар, оттон улуус киинигэр Д.С.Спиридонов аатынан 4-с нүөмэрдээх оскуолаҕа саҕаланна.

Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин оскуолаларыттан төрөппүттэр, общественность кыттыылаах эксээмэни туттарыыга 15 киһи кэллэ.

Улуус дьаһалтатын дьыалаларын дьаһайар салаа сүрүн специалиһа Евгений Николаев, нэһилиэк дьаһалтатыттан аппарат салайааччыта Александр Бороннуров, улуус Сэбиэтин депутата, култуура департаменын салайааччыта Сардаана Ильинова кыттыыны ылаллар.

Үөрэх управлениетын салайааччытын солбуйааччыта Леонид Огочонов:
- Ааспыт сылга 20-чэ киһи кыттыбыта. Эксээмэн хайдах ааһарын бэйэлэринэн кэлэн билэллэрэ туһалаах дии саныыбын. Киирэр аантан саҕалаан тимири көрдүүр тэрилинэн бэрэбиэркэни ааһан баран төлөпүөннэрин туттаран, суумкаларын хаалларан, паспордарын уонна гелевай уруучуканы эрэ илдьэ киирэллэр. Уруучуканы саппаастаах илдьэ кэлэр ирдэнэр. Хас биирдии эксээмэни туттарааччы иккилии уруускалаах буолуохтаах. Төрөппүттэр БКЭ толорортон толлубакка, Ол оннугар толоруу процедуратын кытта билсиһэ кэлиэхтээхтэр.

Бүгүҥҥү биир кэлим эксээмэҥҥэ история предметин 9 сорудахтаах кылгатыллыбыт тиэһин 40 мүнүүтэ устата толоруохтара. Сорудахтаах лиистэри эксээмэн хаамыытын билиһиннэрэн баран утары бэчээттээн таһааран түҥэтиллэр. Эксээмэни саха тылын уонна литературатын учуутала Герасим Егоров ыытар.

Маннык акцияҕа ОГЭ, БКЭ туттарыахтаах оҕолор төрөппүттэрэ ордук интэриэстээх буолуохтаахтар эбит. Төрөппүт бэйэтинэн БКЭ буолар эйгэтин кытта билсэн, оҕотугар сиһилии быһааран биэрэр түгэнигэр үөрэнээччи эксээмэнтэн долгуйбакка, толлубакка, өй-санаа өттүнэн бэлэмнээх кэлэн туттарарыгар кыах бэриллэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#уһуйаан #кыһа #күрэх #всейсемьей

⭐️ Уһуйааннар төрөппүттэригэр аналлаах күрэх аҕалары түмтэ

Бүгүн 3-с нүөмэрдээх оҕо сайдар киинин "Үрүйэчээн" уһуйаан иитээччилэрин көҕүлээһининэн, Аҕа күнүн көрсө, Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо уһуйааннарын иитиллээччилэрин аҕаларын икки ардыларыгар улууспутугар үһүс төгүлүн "Квест-оонньуу 2024" буолан ааста.

Күрэххэ уопсайа 5 хамаанда кытынна. Биирдии уһуйаантан 4-түү төрөппүт кыттара ирдэниллибитэ.

Күрэхтэһээччилэр 6 станциянан сылдьан сорудахтары толордулар.

Бүлүү эбэҕэ сыал ытыыта, тоҥуу хаарынан сүүрэн тиийэн мууһу буурдааһын, хапсаҕайдааһын, канат тардыһыыта курдук күрэхтэргэ аҕалар күөн көрүстүлэр.

Кыайыылааҕынан Нам нэһилиэгин «Кэнчээри» уһуйааһын аҕаларын хамаандата буолла.

Иккис миэстэни Дүллүкү уһуйаанын "Молния" хамаандата ылла.

Үһүс миэстэ - "Теремок" уһуйаан "Крепкие парни" хамаандата буолла.

Маны таһынан үс көрүҥҥэ аҕаларга анал аат олохтонно. Ол курдук, хапсаҕайга Саввинов Гаврил, "Теремок" уһуйаан, сыалы ытыыга - Петров Сергей , Дүллүкү "Кустук" уһуйаан уонна мууһу буурдааһыҥҥа Романятов Константин, Дүллүкү "Кустук" уһуйаан, муҥутуур кыайыылаахтарынан буоллулар.

Түгэнинэн туһанан, Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин дьаһалтатыгар, үөрэх салалтатын профсойууһун бэрэссэдээтэлигэр Лазарев Леонид Гаврильевичка, Үөһээ Бүлүүтээҕи Ис Дьыала уорганын, ГИБДД управлениетын, Үөһээ Бүлүүтээҕи О. Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотека, оҕо технопарката,
Үөһээ Бүлүүтээҕи баһаарынай этэрээт, Госпожнадзор коллективтарыгар улахан махталбытын тиэрдэбит.

Сонуннарга анаан Вероника Протопопова

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM