Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.86K subscribers
22.1K photos
4.37K videos
9 files
3.89K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#быыбар

Балаҕаннаах нэһилиэгин 88 нүөмэрдээх быыбардыыр учаастак чилиэннэрэ үлэлэрин лоп курдук сарсыарда 8 чаастан саҕалаан, билигин үлэ үөһүгэр олороллор.

Билиҥҥи туругунан Балаҕаннаах нэһилиэгин 125 куоластааччытыттан хайы-үйэ 72 быыбардааччы ытык иэһин толорон, бэйэтин куолаһын биэрдэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#быыбар

Боотулуу нэһилиэгин дьаһалтатын үлэһиттэрэ күргүөмүнэн тахсан, дойду баһылыгын талар ураты күҥҥэ бэйэлэрин куоластарын биэрдилэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#быыбар

Самодеятельный композитор Георгий Никифоров кыыһа, уран уус тыллаах хоһоонньут Евдокия Георгиевна Иванова көхтөөх гражданскай позициятын биллэрэн, бүгүҥҥү күҥҥэ биир бастакынан дойдутун, республикатын, улууһун туһугар бэйэтин куолаһын биэрдэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#быыбар

Төһө да ытык саастарыгар сырытталлар, үрдүк гражданскай позицияларын өрүү үрдүктүк тутар дьон биһиги улууска элбэхтэр.

Кинилэртэн биирдэстэринэн 92 саастаах ытык ийэ, хос-хос
эбээ Екатерина Егоровна Лукина буолар. Бэйэтин
быыбардыыр быраабын туһанан, Екатерина Егоровна бүгүн дойду Президенин талар суолталаах быыбарга дьиэтиттэн олорон бэйэтин куолаһын биэрдэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#быыбар

Бу маннык быраабынан 93  саастаах ытык киһибит Мария Тимофеевна Иванова туһанан, сахалыы кэрэтик таҥнан, дьиэтигэр олорон эрэн ураты суолталаах, быһаарыылаах быыбарга бэйэтин ытык иэһин төлөөтө, эдэр дьоҥҥо үтүө холобур буолла.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#быыбар

Татьяна Семеновна, Пантелеймон Михайлович Борисовтар - улуус ытык мааны ыала.

Бүгүҥҥү күҥҥэ кинилэр дойдуларын, республикаларын, улуустарын инникитин туһугар куоластарын биэрэн, дьиэлэригэр олорон быыбардаатылар.

Санатар буоллахха, Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн биллэрбит бырайыагар күн бүгүн Саха сириттэн 1000 тахса дьиэ кэргэн кыттар.

Бырайыак саайта: https://всейсемьей.рф/

#всейсемьей #всейсемьей14
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#быыбар

1942 сыллаахха төрөөбүт ытык киһибит Дмитрий Иванович Харабаев бүгүҥҥү быыбартан туора турбата.

Элбэх көлүөнэ быыбардааччыларга кэрэхсэбили үөскэтэн, кини дойду Аҕа баһылыгын талар ытык күҥҥэ дьиэтиттэн олорон быыбардыыр уурунаҕа бэйэтин бүллүтүөнүн укта.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#быыбар

Дьиэҕэ олорон эрэ быыбардыыр куолаһын туһанан, 81 нүөмэрдээх быыбардыыр учаастак куоластааччыта, Үөдүгэй нэһилиэгин олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, 83 саастаах Луиза Дмитриевна Софронова дойдубут инникитин туһугар быыбардыыр бүллүтүөнүн уурунаҕа укта.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#быыбар

Маҥаас нэһилиэгин олохтооҕо, Саха Республикатын культуратын туйгуна Степанида Ивановна бэйэтин гражданскай ытык иэһин толорон, дойду Президенин талар бэлиэ күҥҥэ санаатын түмэн, бэйэтин куолаһын биэрдэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#быыбар

Дойду Президенин быыбарыттан эдэр ыччат
дьоммут эмиэ туора турбаттар.

Ол  курдук, 81 нүөмэрдээх быыбардыыр учаастакка 18 саастаах Андрей Антонов гражданскай иэһин толору өйдөөн, биир бастакынан куолаһын биллэрдэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
В Республике Саха (Якутия) продолжается голосование на выборах Президента Российской Федерации.
Явка избирателей на 15:00 часов 15 марта 2024 года составила 28,2%.

#цикякутииинформирует
#цикякутии_выборыПрезидентаРоссии
#быыбар

Оҥхой нэһилиэгин ытык-мааны олохтоохторо Полина Платоновна, Анатолий Николаевич Гаврильевтар төрүкү да көхтөөх гражданскай позициялаах ыалынан биллэллэр.

Бүгүҥҥү эппиэттээх күҥҥэ ытык иэстэрин биир бастакынан толорон, быыбардыыр учаастакка кэлэн, бэйэлэрин куоластарын биэрдилэр, нэһилиэк олохтоохторугар бастыҥ холобурунан буоллулар.

Санатар буоллахха, Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн биллэрбит бырайыагар күн бүгүн Саха сириттэн 1000 тахса дьиэ кэргэн кыттар.

Бырайыак саайта: https://всейсемьей.рф/

#всейсемьей #всейсемьей14

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат