Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.35K videos
9 files
3.86K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#Ийэтыл

Улуустааҕы "Сомоҕо" оҕо хамсааһынын оҕолоро, өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интернат үөрэнээччилэрэ Милана Егорова уонна Пелагея Ким санааларын истиҥ.

Кыргыттар төрөөбүт тылы харыстыырга оҕолор тэрийбит түмсүүлэрэ улууспутугар эмиэ үлэлиэҕин баҕараллар.

@uoheebuluu
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#Ийэтыл #Сахатыла

Кэнтик орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Айыына Усова саха тылын харыстыыр туһугар суруйбут бырайыагын билиһиннэриэхтээх, бу туһунан санаатын истиҥ.

@uoheebuluu
#Ийэтыл #сахатыла

Оҕолор саха тылын хайдах харыстыырга хамаанданан бырайыак көмүскүүргэ бэлэмнэнэ сылдьар түгэннэрэ.

@uoheebuluu
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#Ийэтыл #сахатыла

Ийэ тылларын сүөгэйин- сүмэтин сүрэхтэригэр иҥэриммит оҕолор оһуокайы оройуттан тутан эрэллэр 👍👍👍😍😍😍

Истиэххэ кэрэтиин, сүрэҕи, дууһаны ортотунан сайан киирэрэ ....

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#ийэтыл #сахатыла

⭐️ Бүгүн Хороҕо Дьокуускайтан кэлбит "Күн" оҕо хамсааһына өрүс уҥуоргу нэһилиэктэр оскуолаларын оҕолорун кытары көрсүһүүтүн саҕалаата 👫👭👬

Оҕолор бары сахалыы сайбаччы таҥнан, ох курдук оҥостон, сир курдук симэнэн кэлбиттэр. Ийэ тылы туругурдар үлэлэри ыытар туһунан үгүс кэпсэтиилэр, бырайыак көмүскээһиннэрэ, дьыалабыай оонньуулар буолуохтара 🤩🤩🤩💫💫💫

Туругурдун, төрөөбүт төрүт тылбыт👏👏👏

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#ийэтыл #сахатыла

Хороҕо "Күн" түмсүү оҕолорунаан оһуокай түһүлгэтэ төрүттэннэ. Саха таптыыр оһуокайа дьиэрэйдэ 👍👍👍👏👏
#ийэтыл #сиэртуом

Бүгүн Кыырт Далын ортоку балаҕаныгар " Эйгэ" культурнай- этнографическай комплекс уонна улуустааҕы " Ийэ тыл" түмсүү тэрийиилэринэн, " Алгыс аалы көтөҕөр" диэн " төгүрүк остуол" буолла 👏👏💫💫💫

Үөһээ Бүлүү алгысчыттарын түмэр, алгыс сиэрин- туомун билиһиннэрэр, нэһилиэктэр бэйэлэрэ алгысчыттаах буолалларыгар көмөлөһөр туһунан кэпсэттилэр.

Бу " төгүрүк остуолга" улуус алгысчыттара Трофим Миронов, Иван Чычахов кыттыыны ыллылар 👍👍👍
Хаһыаппыт кэлэр нүөмэригэр бу түмсүү туһунан сиһилии ааҕаарыҥ 🙌🙌🙌

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#ийэтыл #сахатыла

⭐️ Намҥа - чабырҕах ааҕар дьоро күн

"Кэнчээри" уһуйаан иитиллээччилэрэ, П.Тобуруокап аатынан орто оскуола үөрэнээччилэрэ, "Көмүлүөк", "Намыына" түмсүүлэрэ, биирдиилээн ааҕааччылар көхтөөхтүк кытыннылар.

Үлэ бэтэрээнэ Варвара Гаврильева эрэллээхтик бастакы миэстэни ылла. Розалия Тарасова норуодунай бэйээт П.Тобуруокап ханна да ааҕыллыбатах "Мунньахтар" диэн чабырҕаҕын ааҕан дьону үөртэ. Дьоруой Ийэ Елена Попова бэйэтэ суруйбут чабырҕаҕын билиһиннэрдэ.

Барыта 43 киһи кыттыыны ылан, бары астынан, үөрэн- көтөн тарҕастылар.

Ийэ тылы хараанныыр түмсүү ахсынньы 1 күнүгэр улуус таһымнаах күрэҕи былаанныыр.

Сонуннарга анаан Нина Саввинова

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ийэтыл #олоҥхо

Олоҥхо күнүн көрсө Үөһээ Бүлүүтээҕи 1 -кы нүөмэрдээх И.Н.Барахов аатынан орто оскуолаҕа " Үнүгэсчээн" фольклорнай бөлөх оҕолоро олоҥхолоон иһитиннэрдилэр. Салайааччы - төрүт култуура учуутала Розанна Герасимова.

Бу күн саха тылын учууталларын, сүбэһиттэр уонна "Күн" түмсүү оҕолорун көҕүлээһиннэринэн, 5-стэн 11- с кылааска диэри саастаах оҕолор төрөппүттэрин кытары Эрчимэн Бэргэн олоҥхону аахтылар.
Олоҥхо дьоруойдарын таҥаһын тиктэн, оҥостон кэлэн  ыалдьыттарга көрдөрдүлэр. Олоҥхоҕо аналлаах уруһуй күрэҕэ буолла 🌈🌈🌈

Бу курдук саха фольклорун муҥутутуур чыпчаалын - олоҥхону ааҕыыга, тарҕатыыга, ийэ тылга тапталы иҥэриигэ элбэх оҕону, төрөппүтү кытыннаран дьоһуннаах хамсааһыны оҥорбут оскуола холобур буолуох тустаах 👍👍👍👏👏👏

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#олоҥхо #үбүлүөй #ийэтыл

Талааннаах артыыстар толорууларыгар бүгүн киэһэ Үөһээ Бүлүүлэргэ олоҥхо дьоро киэһэтэ буолла 👍👍👍

Олус интэриэһинэй, таһымнаах туруорууну олохтоохтор улаханнык сэҥээрэн, сотору- сотору " ноо" диэн сэргээн, биһирээбиттэрин биллэрэн ытыс тыаһынан доҕуһуоллаан олоҥхо омуннаах, умсулҕаннаах эйгэтигэр киирэн олороллор 🙌🙌🙌

" Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#Олоҥхо #ийэтыл #хомускүнэ

Бүгүн С.П.Федотов аатынан Оҥхой оскуола-саадыгар олоҥхо, хомус түһүлгэтэ буолан ааста. Эбээлэр, оскуола оҕолоро олоҥхолоотулар, хомустаатылар. Бэл, 3 саастаах кырачааннар кытта олоҥхолоон төрөппүттэрин үөртүлэр 👏👏👏😍😍😍

Үс көлүөнэ түмсэн инникини түстээһинэ маннык тэрээһиннэртэн саҕаланар! Төрүт тылбыт төлкөлөнө, сахабыт тыла сатарыы, сайда туруохтун

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#ийэтыл #сахатыла

⭐️ Ахсынньы 1 күнүгэр Нам нэһилиэгэр "Чоргуй, чобуо чабырҕах" диэн улуустааҕы чабырҕах күрэҕин тэрийдилэр.

Уһуйаан иитиллээччилэрэ, оскуола оҕолоро, улахан дьон, түмсүүлэр көхтөөхтүк кытыннылар. Бастыҥнар ааспыт үйэ аатырбыт чабырҕахсыттара Петр Николаев, Иона Николаев, Мария Алексеева, Александр Тойтонов дьиэ кэргэттэрэ туруорбут бириистэрин тутан үөрдүлэр- көттүлэр. Олохтоох тэрилтэлэр, түмсүүлэр, биирдиилээн дьон спонсордаан бириис бөҕө туруордулар. Тэрээһиҥҥэ саха норуодунай суруйааччыта Дмитрий Наумов кыттыыны ылан, бииргэ үлэлээбит П.И.Николаев туһунан ахтыы оҥордо, "Чаҥый Чаҕаан чабырҕахсыкка" диэн анал бирииһин И.Барахов аатынан оскуола "Үнүгэсчээн" бөлөҕөр туттарда уонна кинигэтин бэлэхтээтэ.

Чабырҕахсыт Николаевтар тустарынан слайд көрдөрдүлэр, уус-уран самодеятельноска ситиһиилэри кэпсиир быыстапканы туруордулар, республика фестивалыгар аахпыт чабырҕахтарын радиофондаттан ыыппыттарын иһитиннэрдилэр, "Тобуруокап чабырҕахтара"диэн брошюра түҥэтилиннэ. Норуот маастара Розалия Бурнашева тикпит сахалыы таҥастарын, Л Егорова салайааччылаах бөлөх түүнү хатайдаан оҥорбут соннорун, норуот маастара Лука Николаев мас оҥоһуктарын, "Ситим" түмсүү сиэл олбохторун, "Уран иэйии" түмсүү кэрэ киэргэллэрин көрдөрдүлэр. Киэҥ программалаах тэрээһинтэн дьон-сэргэ астынан тарҕаста.

Бары кыттыбыт, өйөөбүт, спонсордаабыт дьоммутугар, тэрилтэлэргэ, түмсүүлэргэ барҕа махталбытын тиэрдэбит. Биһиги күүспүт- түмсүүгэ!!!

Сонуннарга анаан Нина Саввинова

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Дьиэкэргэнсыла #ийэтыл

Сабыс- саҥа бэчээттэнэн тахсыбыт "буруолуу" сылдьар кинигэлэр тустарынан ырытыы оҥорор улуустааҕы Ийэ тыл түмсүүтүттэн кэлбит өр сылларга саха тылын уонна литературатын учууталынан үлэлээбит учууталлар учууталлара Бурхалей Макаров

Дьэ, олус интэриэһинэй, быһаарыылаах ырытыылар буоллулар!

Дьиҥ - чахчы олоро сылдьыбыт дьон туһунан норуоттан тахсыбыт айымньылары, туойсуулары Елена Попова- Харабынова бэчээттэтэн таһаарбыт эбит 👏👍👍

" Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#ийэтыл

Бүгүн Намнааҕы модельнай бибилэтиэкэҕэ "Хоһоон кустуга" диэн поэтическай тэрээһин буолан ааста.

Нам нэһилиэгиттэн төрүттээх уонна олохтоох хоһоон суруйар айар куттаах кэрэ аҥардар "Бичийэ" диэн түмсүүлэрэ хоһоон хонуулардаах түһүлгэҕэ ыалдьыттаатылар.

Оҕо саас уонна дойдуга таптал туһунан истиҥ хоһооннорун аахтылар, ырыттылар.
Тэрээһини түмсүү салайааччыта Нина Саввинова иилээн - саҕалаан ыытта.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#ийэтыл

"Куйаартан кутуллар тыыннаах тыллар" Айылла кинигэтиттэн Далыр нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, бибилэтиэкэ бастыҥ ааҕааччыта Матрена Тихоновна Морфунова төрөөбүт төрүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн истиҥ эҕэрдэтэ💫

@ulusmedia
#ийэтыл #оҥхой

⭐️ Оҥхой нэһилиэгин С.П.Федотов аатынан сүрүн оскуола "Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүгэр "Хомоҕой хоһоон туонатын түһүлгэтэ" буолла.

Тэрээһин арыллыытыгар "Кэскиллэр" театр-студия Семен Данилов "Төрөөбүт тыл" хоһоонуттан композиция көрдөрдүлэр, учууталлар Симон Федотов "Өбүгэм тыла" хоһоонунан монтаж аахтылар.

Икки сүһүөҕүнэн арахсан 2-9 кылаас үөрэнээччилэрэ "Иитиллибит ийэ тылбыт биһиги сүрэхпитигэр" диэн дорҕоонноохтук, талан ылбыт суруйааччыларын хоһооннорун ааҕан күрэхтэстилэр. Кыайыылаахтар добун суругунан, көхтөөхтүк кыттыбыттар туоһу суругунан наҕараадаланнылар.

5-9 кылаастар дьиэ кэргэнинэн "Тыл оонньуута" интеллектуальнай оонньууга кытыннылар. Оонньууну саха тылын уонна литературатын учуутала Марина Илларионова тэрийдэ.

Оскуолабытыгар бүгүҥҥү күҥҥэ үөрэнээччилэр ийэ тыл кэрэтин, сүмэтин иҥэриннилэр. Сахалыы саҥарарга, саха тылынан киэн туттарга үөрэннилэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ийэтыл

⭐️Бүгүн, олунньу 13 күнүгэр, Исиидэр Бараахап аатынан орто оскуола "Ийэ тыл, сурук-бичик" күнүгэр аналлаах нэдиэлэтин саҕалаата.

Бу тэрээһини оскуола уопсай илиниэйкэтиттэн, "Бараахап тыыннаахтан тыыннааххын" диэн ырыанан саҕаланна.

Эбиэттэн киэһэ «Күн оҕолоро» түмсүү кыттыылаахтара оһуокай күрэҕин тэрийэн ыыттылар. Нэдиэлэ устата элбэх тэрээһин, күрэх, өбүгэ оонньуулара, араас маастар кылаастара ыытыллыахтара.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ийэтыл #олоҥхо

⭐️ Кыырт Далыгар

Сарсын, олунньу 21 күнүгэр, "Эйгэ культурнай-спортивнай, этнографическай комплекс" муниципальнай автономнай тэрилтэтэ күнүс 3 чаастан Кыырт Дала Улахан балаҕаныгар Одун хаан ыйынан, Ытык Чыыбыстааҥҥа сүгүрүйэн, Саха тылын күнүн бэлиэтээн, "Оҕолорго - Олоҥхо күнэ" тэрээһини ыытыаҕа.

Бу күн "Олоҥхо - уус тыл, уран өй улуу айымньыта" кинигэ быыстапката туруоҕа.

Ааптар Валентина Владимировна Семенова "Куоппат-куойбат, куттаҕаһа суох Күн Дибилитэр бухатыыр" олоҥхотун Д.С.Спиридонов аатынан № 4 оскуола үөрэнээччилэрин толорууларыгар истиэххит.

Ону тэҥэ тойук туойуута, оһуохай күүтэр. Кэлэн күндү ыалдьыт буолуҥ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ийэтыл #олоҥхо

⭐️ Оҕолорго - Олоҥхо күнэ

Бүгүн Кыырт Далыгар улахан балаҕаҥҥа оҕолор олоҥхо истэр күннэрэ үүннэ.

Д.С.Спиридонов аатынан 4- нүөмэрдээх орто оскуола "Удьуор утума" бырайыага бу оскуола саҥа дьиэҕэ киириэҕиттэн үлэлиир. Бүгүн Валентина Владимировна Семенова суруйбут "Куоппат-куойбат, куттаҕаһа суох Күн Дибилитэр бухатыыр" олоҥхотун  Д.С.Спиридонов аатынан № 4 оскуола үөрэнээччилэрэ толороллор. Уос аһыллыытыгар тойук туойдулар.

"Олоҥхо - уус тыл, уран өй улуу айымньыта" кинигэ быыстапкатын О.Д.Федорова аатынан кииннэммит бибилэтиэкэ ситимэ туруорда.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ийэтыл #олоҥхо

Ю. Н. Прокопьев аатынан спортивнай орто оскуола 2 "б" кылааһын үөрэнээччилэрэ Валентина Владимировна Семенова суруйбут « Куоппат - куойбат, куттаҕаһа суох Күн Дибилитэр бухатыыр» олоҥхотун Кыырт Дала улахан балаҕаныгар сахалыы тыыны иҥэринэн, арчыланан, алгыстаах алаадьыны айах тутан, кыынньа сылдьар кымыс иһэн, ыалдьыт быһыытынан күндүлэнэн , үөрэ-көтө сэҥээрэн истэн кэллибит.

4 нүөмэрдээх Д.С. Спиридонов аатынан оскуола оҕолоро олус да кэрэхсибиллээхтик этэн- тыынан, туойан ыалдьыттар сэҥээриилэрин ыллылар 👏👏👏👍👍👍

Түмүгэр бары оһуокайдаатыбыт 👫👭👫👭
✊🏼🖐🏼🤞🏼

Саргылана Андреева