Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.89K subscribers
22.1K photos
4.36K videos
9 files
3.87K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#бэлиэкүн
Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн көрсө Д.С.Спиридонов аатынан төрдүс нүөмэрдээх орто оскуолаҕа "Таптыыр сахам тылынан..." өрөспүүбүлүкэтээҕи дьыктаан суруйуута үс бөлөҕүнэн саҕаланна🖊️

4-5, 5-6, 7-8 кылаас оҕолоро өйдөрүн, билиилэрин түмэн, дьыктааннарыгар эбии тоҕус тестовай сорудах толоруохтара🙌🏻

@ulusmedia
"Бастакы ааҕыы" күрэҕин бастакы түһүмэҕэр орто сүһүөх кыттааччылара саха норуодунай суруйааччыта Николай Якутскай кэпсээннэрин мүнүүтэҕэ ааҕыыга куоталастылар.

Дьүүллүүр сүбэ кыттааччы тылы сыыһата суох сөпкө ааҕарын, тылы толору ааҕыытын, саҥата улаханын, үчүгэйдик иһиллэрин, сөпкө туттан олоруутун, мүнүүтэҕэ хас тылы аахпытын сыаналаата. #Ийэтылуоннасурукбичиккүнэ
Орто сүһүөх 12 кыттааччыларыгар барыларыгар кыттыбыттарын туһунан туоһу суруктары кытта минньигэс сакалааттар туттарылыннылар
"Бастакы ааҕыы" улуустааҕы күрэх үс сүһүөҕүнэн арахсан ыытылла турар. Бастакы түһүмэх түмүгүнэн дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан 12 оскуолаттан 5 бастыҥы талан, финалга киирсэр кыаҕы биэрдэ.

Ол курдук, билигин Кэнтик, Ю.Н. Прокопьев аатынан спортивнай, Тамалакаан, Боотулуу уонна Өргүөт оскуолаларын үөрэнээччилэрэ түмүктүүр биэтэккэ киирсэ сылдьаллар.

Кинилэр тиэкиһи сөпкө ааҕарга, мүнүүтэҕэ ааҕыыга уонна уус-уран ааҕыыга күрэстэһэллэр.