Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.34K videos
9 files
3.86K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
🇷🇺 Голосовать, где удобно!

На выборах Президента России  будет работать механизм «Мобильный избиратель», который дает возможность избирателю проголосовать на любом избирательном участке в любой точке нашей страны вне зависимости от места регистрации.
Подать заявление о включении в список избирателей по месту нахождения можно в пункты приема заявлений с 29 января по 11 марта 2024 года:

🔹 в любую территориальную избирательную комиссию
🔹 через многофункциональный центр предоставления государственных и муниципальных услуг (МФЦ)
🔹 в электронном виде, при наличии подтвержденной учетной записи, через федеральную государственную информационную систему «Госуслуги».
🔹 УИК будут принимать заявления с 6 по 11 марта 2024 года.

Уважаемые избиратели!
Если 15,16 и 17 марта 2024 года у вас не будет возможности проголосовать по месту жительства (регистрации), вы сможете подать заявление и проголосовать по месту нахождения на любом удобном для вас избирательном участке.
#цикякутии_выборыПрезидентаРФ
Ленинград блокадатын туһунан бэсиэдэлэргэ улахан оҕолорго артыыс идэтигэр үөрэнэ тиийбит эдэр ыччаттар тустарынан, кыраларга Таня Савичева туһунан уонна биир дойдулаахпыт Васильев Константин Елисеевич блокадаттан кэлэн иһэр икки кыыска салдаатын паегун бэрсэн Дьокуускайы булларбытын туһунан кэпсээтибит.
Forwarded from Readovka
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
«Слава советскому солдату, сокрушившему нацизм!» — Владимир Путин выступил с речью на открытии мемориала жертвам блокады Ленинграда

Российский лидер Владимир Путин принял участие в открытии мемориала жертвам блокады. Президент сообщил, что 27 января 1944 года — одна из важнейших дат всенародной истории, и вот уже восемь десятков лет не стихает боль за всех, кто прошел через неимоверные испытания. Трагедия, мученичество ленинградцев, как и узников лагерей смерти, навсегда останутся свидетельствами чудовищной сути нацизма. Страдание передается из поколения в поколение и не имеет срока давности.

Кроме того, президент заявил, что:

— Те, кто хладнокровно планировал и жестоко осуществлял геноцид советского народа, совершали преступления не на полях сражений, а устраивали системные карательные акты. Из общего числа потерь более половины составили мирные жители.

— В наши дни пересматриваются итоги Нюрнбергского процесса: в странах Прибалтики десятки людей называют «недочеловеками», киевский режим возвеличивает пособников Гитлера, а в ряде европейских стран русофобия продвигается как государственная политика.

— Нацисты и их сателлиты воевали не с политическим режимом или идеологией. Их целью были природные ресурсы и территории, а также физическое уничтожение людей. Смерть была поставлена на поток в концлагерях, гетто и тюрьмах Германии. Остальным уготовили роль рабов, лишенных культуры и языка.
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Президент поручил ввести новые льготы для участников СВО. Об этом глава государства сообщил на встрече со студентами, которые защищают Родину в ходе специальной военной операции.

#ZaРоссию
Эбэм барахсан бүлүүһэтэ❤️

Дьоммут чөчөгөй үүттээх итии чэйдэрин чохоолтон бүлүүһэҕэ куттан сойутан иһэр идэлээхтэрэ.

Дьоһумсуйан олороннор, бүлүүһэлээх чэйдэрин тарбахтарын төбөтүгэр ууран, үрэн кэбиһэ-кэбиһэ, күө-дьаа сэһэргэһэн чэйдииллэрэ харахпар кэрэ хартыына буолан билигин да көстөр🫖☕️☕️
#күндьыл

Бүгүн, тохсунньу 29 күнүгэр, Үөһээ Бүлүү киинигэр -46 кыраадыс тымныы. 1-5 кылаас оҕолоро дьиэҕэ олорон үөрэнэллэр.

@ uoheebuluu
#планерка

Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын нэдиэлэтээҕи былаанныыр сүбэ-мунньаҕын саҥа талыллыбыт улуус баһылыга Валерий Николаев салайар.

Нэһилиэктэр баһылыктарын, тэрилтэлэр салайааччыларын бииргэ, улуус сайдыытын туһугар үлэлэһэргэ ыҥырда.

Олунньу 4 күнүгэр улуус баһылыгын дуоһунаһыгар үктэнэр тэрээһин үөрүүлээх быһыыга-майгыга буолара былааннанар.

Олунньу 5-7 күннэригэр СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуоттуур бөлөҕө улууска нэһилиэктэринэн кэлэн олохтоохтору кытта көрсүөҕэ, Саха сирин үрдүкү салалтатын ааспыт сыллааҕы үлэтин отчуоттуоҕа.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Территориальнай быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Семен Миронов Россия Президенин быыбарыгар ыытыллар үлэлэри билиһиннэрдэ.

Улуус 34 быыбардыыр учаастагар видеорегистратордар туруоруллуохтара.

Олунньу 9 күнүттэн саҕалаан быыбар хамыыһыйаларын үлэһиттэрэ хас биирдии быыбардааччыны дьиэнэн сылдьан көрсөн иһитиннэриилэри оҥоруохтара.

Тэйиччиттэн олорон (дистанционнай) электроннай куоластааһын аҕыйах региоҥҥа үлэлиэҕэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччытынан Егор Дмитриевич Иванов үлэлии кэллэ.

Өргүөт нэһилиэгиттэн төрүттээх эдэр салайааччы эрдэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын тутуу салаатыгар, онтон СӨ Транспорт уонна суол-иис хаһаайыстыбатыгар федеральнай бырагыраамалары сүрүннүүр салааҕа үлэлээн олорбут.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин баһылыга Максим Силигиянов Москва куоракка ыытыллыбыт бастакы Бүтүн Россиятааҕы олохтоох бэйэни салайыныы форумугар кыттыыны ылан кэлбитин туһунан иһитиннэрдэ.

"Малая родина - сила России" форум 7,5 тыһыынча муниципальнай уопсастыба бэрэстэбиитэлин түмпүт эбит буоллаҕына, Саха сириттэн 155 баһылык, оттон Үөһээ Бүлүү улууһуттан Максим Филиппович Силигиянов соҕотох делегат быһыытынан бу улахан мунньахха кыттыыны ылла.

Форумҥа муниципальнай сулууспалаахтарга аналлаах порталы билиһиннэрдилэр.

"Национальнай бырайыактарга күүскэ үлэлэһэн, улууспут сайдыытын туһугар кыһаллыахха, тэтимнээхтик хамсаныахха наада" - диэтэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Үөрэх управлениетын салайааччыта Спиридон Борбуев үөрэх эйгэтин сонуннарын кылгастык сырдатта.

Труд уонна ОБЖ предметтэр саҥа үөрэх дьылыттан үөрэх бырагырааматыгар киириэхтэрэ.

"Воин" хамсааһыҥҥа болҕомто ууруллан, байыаннай инструктор хас биирдии оскуолаҕа баар буолуохтааҕын, улуус киинигэр бу хамсааһыны салайар дьон ананыахтара.

Үөрэнээччилэр спартакиадалара быйылгыттан сыл ахсын ыытыллар буолуоҕа. Быйыл Нам улууһугар тэриллэрэ былааннанар. Оҕолор 20 араас спорт көрүҥүнэн күрэхтэһиэхтэрэ.

Оҕо сайыҥҥы сынньалаҥар болҕомто ууруллан, сынньалаҥынан хас биирдии оҕону хабан, хааччыйыы 40% хаачыстыбаҕа тахсыахтаах диэн сорудах туруоруллубут.

"Үөрэҕирии" национальнай бырайыак 2024 сылынан түмүктэнэр.

Методическай үлэҕэ болҕомто ууруллан, үлэ күүһүрүөхтээх диэн. "Методическая сеть" пилотнай бырайыак Бүлүү бөлөх улуустарыттан саҕаланыаҕа.

СГО (Сетевой город. Образование) электроннай сурунаалга Үөһээ Бүлүү улууһа 100% киирэн олорор.

Ааспыт нэдиэлэҕэ улууска Чурапчы улууһуттан делегация кэлэн ыалдьыттаан барда.

Олунньу 1 күнүгэр киэһэ 18:00 чааска БКЭ талар сайабылыанньаны тутуу түмүктэнэн, уопсай база сабыллыаҕа. Бу кэннэ эбии ханнык да предмети талар кыаллыбат.

Коронавирус хамсык хаарчахтара 2024 сыл саҕаланыытыттан өһүлүннүлэр. Биир бастакынан, хас биирдии оҕо уһуйааныгар төрөппүттэр оҕолорун бэйэлэрэ киирэн таҥаһын уларытан хаалларар, ылалларыгар таҥыннаран ылар буоллулар. Хамсык хаарчаҕа суох олох саҕаламмытынан эҕэрдэлиибит!

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Култуура департаменын салайааччыта Сардаана Ильинова СӨ култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирэ Афанасий Ноевтыын көрсүһүү туһунан сырдатта.

Пушкин картатыгар холбонуу туругун көрдөрүүтэ мөлтөһүөр соҕуһа бэлиэтэммит. 2024 сылга хас биирдии култуура сынньалаҥ киинэ Пушкин картатынан үлэлиэхтээх диэн ирдэбил туруоруллубут.

Култуура бары тэрилтэлэрэ госпабликтарга күүскэ үлэлииллэрэ ирдэммит.

Аммаҕа ыытыллыахтаах Олоҥхо Ыһыаҕар уонна "Азия оҕолоро" норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга улуустан маассабай кыттыы былааннанар.

Кэнтик нэһилиэгин 125 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир тэрээһиннэр сарсыҥҥаттан, тохсунньу 30 күнүттэн саҕаланыахтара.

Олунньу 10 күнүгэр оройуон төрөөбүт күнүн тэрээһинэ былааннанар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Физическэй культура уонна спорт салаатын салайааччыта Егор Николаев:

Иван Ярыгин турнира буолан ааста. Манна Владимир Бояновскай кыттыыны ылла.

Иван Шологонов Дьокуускай куорат мас тардыһыытын чемпионатыгар 85 кг бастаата.

Ааспыт нэдиэлэҕэ оҕолорго хапсаҕай күрэҕэ буолла. Маҥан 100 оҕо кытынна.

Субуота күн көҥүл тустууга 2011-12 сыллааҕы төрүөх оҕолорго улуус иһиттэн 75 оҕо күрэхтэстэ.

Бэҕэһээ хотугу многоборьеҕа Бүлүү бөлөх улуустарын икки ардыларыгар ыытыллыбыт күрэххэ 112 оҕо кытынна.

Тэрилтэлэр икки ардыларыгар ыытыллар спартакиада балаһыанньатын улуус баһылыга Валерий Николаев көрөн бигэргэтэрэ күүтүллэр.

Тэрилтэлэр үлэһиттэрэ спортивнай саалаҕа, манежка сылдьалларыгар тэрилтэлэр профсойуустара төлөөн көмөлөһөн эрэллэр. Номнуо икки тэрилтэ сыллааҕы дуогабары оҥорсубут. Бу спорду өрө тутар үлэһиттэргэ олус көмөлөөх буолуо этэ.

Оскуола оҕолорун спартакиадатын Ил Дархан Айсен Николаев бэйэтинэн салайар. Манна улуустан үгүс оҕо кыттар. Дьарыктара тэтимин ыһыктыбакка ыытыллар. Кэлии-барыы ороскуотугар, взнос төлөбүрүгэр күчүмэҕэйдэр көстөллөр. Ол курдук, Оҕо спортивнай оскуолата взнос төлөбүрүгэр кыаммат эбит.

Хаҥалас хапсаҕайыгар бэлэмнэнии бара турар. Сыллата бу күрэх ыыра кэҥээн иһэр. Тас дойдуттан тиийэ кэлэн күрэхтэһэр буоллулар. Хас биирдии ыйааһыҥҥа 5-тии эрэ спортсмен кыттара ирдэммит.

Олунньуга Буучугурас бирииһигэр хапсаҕай күрэҕэ буолара былааннанан турар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Үөһээ Бүлүүтээҕи ис дьыала отделын бэрээдэги бөҕөргөтөр салаатын салайааччыта, полиция майора Владислав Поскачин ааспыт нэдиэлэ түмүгүнэн бэрээдэги кэһии туругун туһунан иһитиннэрдэ.

Ааспыт нэдиэлэ устата ис дьыала отделын дьуһуурунай чааһыгар уопсайа 54 иһитиннэрии киирбит.

Мантан эт-хаан эчэйиитэ - 11, түөкүннээһин - 9, уоруу - 4.

9 административнай боротокуол толоруллубут. ГАИ сотрудниктара нэдиэлэ устата 86 боротокуолу оҥорбуттар. Арыгы испит туруктаах суоппар уруулга олорон тутуллуута - 1 түгэн бэлиэтэммит.

Дьуһуурунай чааска 6 киһи тутуллан киирэн тахсыбыт.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#спорт

⭐️ Первенство РС(Я) по боксу на призы мастера спорта международного класса СССР Анатолия Никитовича Филиппова, среди юношей 2008-2009 г.р.

Где наши воспитанники завоевали: Тоноев Андрей чемпион спартакиады школьников РС(Я) 2023г. стал чемпионом в весовой категории до 60кг 🥇, Николаев Тимофей в весовой категории до 52 кг., стал двукратным призером РС(Я) 🥉

Газета "Үөһээ Бүлүү"
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#выборы2024

ВЕРХНЕВИЛЮЙСКАЯ ТЕРРИТОРИАЛЬНАЯ ИЗБИРАТЕЛЬНАЯ КОМИССИЯ ИНФОРМИРУЕТ

*О ПРИЁМЕ ЗАЯВЛЕНИЙ ПО МЕСТУ НАХОЖДЕНИЯ*
В случае, если в дни голосования 15, 16, 17 марта 2024 года на выборах Президента Российской Федерации вы будете находиться вне места своего жительства, то вы можете быть включены в список избирателей по месту нахождения на основании заявления о включении в список избирателей, поданного лично:
- в МФЦ, электронно через ЕПГУ или в Верхневилюйскую территориальную избирательную комиссию – с 29 января по 11 марта 2024 года с 10 до 18 часов (обед с 13.00 до 14.00 часов), в выходные и праздничные дни с 10.00 до 14.00 часов, в последний день приема заявлений 11 марта 2024 – с 9.00 до 14.00 часов в здании администрации МР «Верхневилюйский улус (район)» на первом этаже каб. 18, находящегося по адресу с. Верхневилюйск, ул. Г.Васильева, д. 2

*При себе иметь паспорт!*

К.т.: 89142285316
#сво

Анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар байыастары өйүүр "Защитники Отечества" судаарыстыбаннай пуонда Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалын салайааччытынан Фаина Евстафьевна Иванова ананан үлэлии олорор.

Пуонда анал хоһо улуус дьаһалтатын бастакы этээһигэр баар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM