Forwarded from Новости газеты «Хангалас»
#барыбииргэ
Биир санаанан хамсааһын салҕанар
Өрөспүүбүлүкэҕэ Украинаҕа ыытыллар анал байыаннай дьайыыларга сылдьар ыччаттарга араас көмө, өйөбүл аахсыйалар тэриллэн ыытыллаллар.
Олорго нэһилиэнньэ түмсэн, ким-төһө кыалларынан кыттыһар. Ол курдук, соторутааҕыта Дьэр нэһилиэгин олохтоохторо дьокутааттар (сал. Мария Аянитова) уонна дьахтар сэбиэтин (сал. Людмила Петрова) көҕүлээһиннэринэн "Дойдубут туһугар - биир санаанан" аахсыйаҕа кыттыһан, аҕыйах күн иһигэр маскировкаланар (харыстанар) сетканы баайан бүтэрэннэр Дьокуускай куоракка Көмө киинигэр туттаран уопсастыбанньык, “Якутия с тобой” хамсааһын салайааччыта Айыл Дьулурҕа нэһилиэк аатыгар махталын ыллылар. Кииҥҥэ киирэн туттарбыт киһинэн нэһилиэк киэн туттар уопсастыбанньыга, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, сетканы баайыы үлэтин ымпыгар-чымпыгар тиийэ баһылаабыт, куоракка анал үөрэҕи ааспыт Мария Боппосова буолар.
Сиhилии: https://ханаласгазета.рф/article/100129
Ольга Гермогенова, "Хаҥалас" хаһыат
@gazetahangalas