Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.88K subscribers
22.1K photos
4.36K videos
9 files
3.88K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#Кыайыыкүнэ

⭐️Туобуйаттан Аҕа дойду сэриитигэр Ийэ дойду көмүскэлигэр 1942 сыллаахха барбыт ийэм Настаа бииргэ төрөөбүт убайа Алексеев Егор Николаевич хорсуннук сэриилэһэ сылдьан сураҕа суох сүппүтүн туһунан биллэрии ол кэмнэргэ дьонугар кэлбит.

Таайым Дьөгүөртэн сэриигэ барарыгар соҕотох хаалбыт кыыһа эдьийим Алексеева - Степанова Тамара Егоровна, оҕолоро ирдэһэн аҕатын, эһэлэрин көмүс уҥуоҕа Крымҥа көмүллэн сытарын 1986 сыллаахха булбуттар.

1989 сыллаахха Тамара Егоровна аҕатын көмүс уҥуоҕар баран көрөн кэлбит.
Улуу Кыайыы иһин сырдык тыынын толук уурбут хос эһэлэрин Алексеев Егор Николаевич көмүллэ сытар сиригэр Крымҥа хос сиэннэрэ Егор, Сергей 2019 уонна 2021 сылларга бара сылдьыбыттар.

Степан Дмитриев

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Кыайыыкүнэ

⭐️Нам нэһилиэгэр Улуу Кыайыы 78 сылынан "Айхаллан, Улуу Кыайыы" кэнсиэр спортсааланы толору көрөөччүнү муста.

Тэрээһини кэргэннии Розалина, Айсен Бурнашевтар иилээн-саҕалаан ыыттылар.
Кэнсиэри Үөһээ Бүлүүтээҕи Оҕо искусство оскуолатын Намнааҕы филиалын оҕолорун хора "Пусть всегда будет солнце", "Наша Армия!" ырыалара арыйда, көрөөччү дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланна. Хор кылааһын Наталия Ильина дьарыктыыр.

Мария Павлова "Кукушка", Розалина Бурнашева "Туруйалар", Николай Осипов "Журавли", Розалия Тарасова "Саллаат турар", Людмила Гаврильева "Ньургуьун", Марианна Былкова, Ирина Бетту "Мы - эхо", Дархан Аталларов, "Дьиэрэй" ырыа ансамбылын квартета, "Кэнчээри" оҕо уһуйаанын коллектива "Крейсер Аврора" ырыаларын бэлэх ууннулар.

Нам оскуолатын коллективын "Катюша" ырыатын таһаарааччыларынан Наталия Ильина уонна кини кыракый кыыһа София Саргыдаева буоллулар.

Оскуола оҕолорун уруһуйдарын "Письма с фронта" быыстапката көрөөччү дьүүлүгэр турда. Көхтөөхтүк кыттыбыт оҕолорго туоһу суруктары туттардылар.

3 миэстэни ылбыт 4 кыл. үөрэнээччитэ Алёна Никулина, 2 миэстэни 3 кылаастан Айсен Семёнов ыллылар. Онтон ис хоһоонунан үс көрүҥҥэ арааран, пластилинынан сыбаан олус үчүгэй уруһуйу оҥорбут 2 кылаас үөрэнээччитэ Аурика Михайлова 1 миэстэни ылыан ылла. Миэстэлэспит оҕолор сэмэй бэлэҕинэн биһирэннилэр.

Военизированнай күрэххэ толору састаабынан бэлэмнээх кэлэн "Кэнчээри" оҕо сайдар киинин коллектива 1-кы миэстэни ылла. "Кэнчээри оҕо уһуйаанын "Журавли", "Эйгэ" үҥкүү коллектива "Синий платочек" үҥкүүлэрэ дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланна.

П.Н.Тобуроков аатынан түмэл дириэктэрэ Уйбаан Чыычаахап мустубут дьоҥҥо эҕэрдэтин тириэртэ, бэйэтэ суруйбут хоһоонун бэлэх уунна.

Түмүккэ Кыайыы күнүн уруйдаан, мустубут дьон тоҥонохтон тутуһан оһуохайдаан дьиэрэттилэр. Үҥкүү тылын Александра Васильева таһаарда. Дьон-сэргэ бэрткэ астынан-дуоһуйан тарҕастылар.

Сонуннарга анаан Надежда Мутуукаба.

Комментарийга киирэн сорох хаартыскалары көрүҥ⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM