Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.86K subscribers
22.1K photos
4.37K videos
9 files
3.89K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
Сахамин Афанасьев выступил в Государственной Думе по вопросам вечной мерзлоты

https://www.iltumen.ru/news/23793
Forwarded from БОРБУЕВ (Борбуев)
Этиҥ тааһа

Кырыкыйга Яков Николаевич Егоровка бэрт дьикти таас баар.

Бу таас кырата 100тэн тахса сыл илиттэн илиигэ бэриллэн кэлбит. Былыр бастаан Сунтаар киһититтэн ыччаттарыгар бэриллэн бүгүҥҥэ диэри тиийэ кэлбит уонна Яков Николаевич илиитигэр былырыын мусуойга диэн бэриллибит.

Былыр этиҥи кытары халлаантан маһы хайытан түспүт таас үһү. Чахчы, көрүҥэ да ураты, ханан да кырыыта суох, сымыыт курдук быһылаах. Түһэригэр салгыҥҥа аалыллан төкүнүк быһыыламмыт быһылаах. Сабаҕалаатахха метеорит буолуон сөп дииллэр.

Яков Николаевич уус киһи буолан тааска анаан хаппахтаах холбуйа оҥорбут.

Друзья, подписываемся на мой телеграмм канал https://t.iss.one/BORBUEV
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
На первом этаже Дома печати проходит ярмарка-распродажа журналов «Сахапечати» со скидкой до 60%😍 а также идет льготная подписка на республиканские издания👍🏻 можно совершить подписку на газету родного улуса📰

Кроме того, на ярмарке выставлена продукция местных мастеров🧚🏼‍♀️

Ярмарка будет идти 2 дня с 11:00 до 15:00🙌🏻 успевайте!

❤️ t.iss.one/ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Заместитель председателя Нерюнгринского районного Совета депутатов Ольга Викторовна Горюнова отметила сильный рост уровня отрасли здравоохранения в Якутии за последние пять лет.

🧑🏻‍⚕️В 2022 году был закончен ремонт и строительство десяти объектов здравоохранения республики. Это три фельдшерско-акушерских пункта, шесть врачебных амбулаторий, одно отделение станции скорой медпомощи.

🏥Также она напомнила, что в республике был введен долгожданный кардиологический диспансер, достраивается онкологический диспансер.

t.iss.one/sakhagove

#ПравительствоЯкутии
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#күрэх
🚩 Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Басхан-2023» күрэх Кылаан-чыпчаал аата ааттанна.
Дьэ, икки күннээх тыҥааһыннаах күрэхпит түмүктэннэ. Муус устар ый 12-13 күннэригэр «Тускул» оҕо айымньытын киинэ Н.И.Бойлохов аатынан оҕо искусствотын дьиэтигэр уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл И.Н.Бараахап төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах III-өрөспүүбүлүкэтээҕи «БАСХАН-2023» дьыалабыай оонньууну ыытта. Манна Ньурба, Мэҥэ-Хаҥалас, Горнай, Амма, Кэбээйи уонна Үөһээ Бүлүү улууһуттан уопсайа 9 Басхан уолаттар кытыннылар.
Күрэх сыалынан уол оҕону киэҥ эйгэҕэ таһаарыы, билиһиннэрии, уол оҕо оруолун үрдэтии буолар. Күрэх биэс түһүмэхтээх. Ол курдук, «Удьуор утума», «Дойду салайааччылара мин тус бэйэм көрүүбүнэн», «Өркөн өй» – блиц ыйытыктарга хоруй, «Куолулааһын» уонна «Айыы умсулҕана» – талан ылбыт хоһоону ситэрии. Уолаттар бу биэс түһүмэҕи барытын этэҥҥэ аастылар. Маны тэҥэ Үөһээ Бүлүү улууһун бэлиэ, ытык сирдэринэн сылдьан сынньаннылар, бэйэ-бэйэлэрин кытта билсэн доҕордостулар.

салгыыта⤵️⤵️⤵️
Forwarded from Саха сирэ/ЭС
✈️Байыаннай дьайыы кыттыылаахтара чэпчэтиилээх билиэттэринэн туһаныахтара

«Полярные авиалинии» АХ муус устар 7 күнүттэн байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар  чэпчэтиилээх тарыыптары олохтоото. Ол курдук  байыаннай сулууспалаах уоппускатыгар кэлэн дойдутугар барарыгар уонна төттөрү айанныырыгар маннык тарыыбынан туһанар кыахтаах.

@edersaas20
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#айар #сахалыыкинигэ

⭐️ "АЙАР" кинигэ маҕаһыынын арыйда👍

Бүгүн, муус устар 14 күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ "Айар"(Бичик) кинигэ маҕаһыына арылынна!

Муус устар ый устата 500 солкуобай сууматтан үөһээ атыыласпыт киһиэхэ бэлэх биэрэбит.

Онтон 1500 солкуобайтан үөһээ атыыластаххытына, куруук 1️⃣0️⃣% чэпчэтиинэн туһанар картаны ылыаххыт.

«Айар» кинигэ кыһата оҕолорго, иискэ-ууска, аска-үөлгэ аналлаах саҥа кинигэлэрин, билиҥҥи уонна урукку кэм уус-уран айымньыларын, бэлэххэ бэриллэр сиэдэрэй таһаарыыларын сэҥээриҥ, билсиҥ, атыылаһыҥ!

⭐️Биһиги аадырыспыт: Үөһээ Бүлүү, «Бүлүү» атыы-эргиэн киинэ, 2 этээс, 38 павильон Ленин уулуссатын 20 дьиэтэ.

Үлэлиир бириэмэбит:
Бэн-бээтинсэ - 10.00-18.00 ч.
Субуота - 10.00-15.00 ч.
Баскыһыанньа - өрөбүл

📚📚📚📚📚📚📚📚📚📚
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Ураты тыыннаах саас

Быйыл дьэ, кэмэ суох элбэх хаар түстэ, тибиитэ да бэрт! Бу хаар ууллуута тугунан дьайан тахсыаҕын, саас, сайын хайдах буолуоҕун туһунан элбэх киhи таайа сатыыр. Онон саас сааhынан сааhылаан...
Бүлүү эҥээргэ саас биллэн турар элбэх уу тахсыа. Онтон илин эҥээр уонна киин улуустарга хаартан уу аҕыйах буолуо, ол оннугар өрүстэр, үрэхтэр халаанныахтарын сөп. Бүлүү эҥээргэ былырыын баччаларга сигирээн күннэр турбуттара, хаар аҥаарын кэриҥэ ууллан баран, өр кэмҥэ хатаан, тоҥорон турбута, быйыл атын буолуо, эмискэ ириэрэн хаартан элбэх уу тахсыа, онно эбии күhүн толору тоҥмут үрэхтэр хааларыттан тахсан ходуhаларга халыйыахтара, манна сөптөөх дьаhаныы тэрилиннэҕинэ эрэ дьон сайынын кыстык отун оттуо. Кыстык хаар кэмигэр ууллан бүтүө, сөп буола-буола хаар, самыыр былаастаах сөҥүү хаар ууллан уу тахсарыгар эбилик буолуо.

https://clck.ru/348jow
#бэлиэкүн
Бүгүн муус устар 14 күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ О.Д.Федорова аатынан кииннэммит модельнай бибилитиэкэ үһүс төгүлүн "УРУУКАП ЧАҔЫЛ СААСКЫТА" диэн бырайыагын дьоҥҥо- сэргэҕэ үрдүк тэрээһиннээхтик ыытта.👏👏👏👏

❇️ Инникитин бырайыак грантовай үлэҕэ тиксэр кэскиллээҕин, өссө эбии сайыннарыы туһунан төгүрүк остуол ыытылла турар.

🌞 Манна сөп түбэһиннэрэн поэтесса Татьяна Винокурова - Сабыйа:
Сэмэн Уруукап төрөөбүтэ 95 сылыгар...

Үбүлүөйгүнэн,Сэмэн Тиитэбис!
Эҕэрдэ, олорунан кэбис!
Хоһооҥҥун тылбааскын хостоон ис,
Быара суох күллэрэ атах тэбис!
Бар дьонуҥ, дьэ, ахтан муһунна--
Тыйаатыр толору, олох суох,
Эрэллээх ааҕааччыҥ бу манна--
Тымныыттан саллыбыт олох суох!
Дойдугар улуукан тапталыҥ,
Ууну сомоҕолуу этэр тылыҥ,
Бүгүн, Эн бааргыныы, тилиннэ,
Сахаҕа бүтүннүү иһилиннэ!
Өлбөт үйэлээх айымньыларыҥ
Тыыннаахтар, хаһан да сүппэттэр!
Сүрэхтэн тиһиллэр уус тылыҥ
Дьэрэкээн кустуктуу киэркэйэр!
САБЫЙА.17.02.23.

@ulus #Үөһээбүлүүхаһыат