Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.86K subscribers
22.3K photos
4.39K videos
9 files
3.96K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
🔸🔸🔸Госпаблик Министерства труда и социального развития РС(Я) проинформировал, что в республике запущены бесплатные автобусные маршруты для детей из многодетных семей. Каждый ребенок может совершить до 96 поездок в месяц.➡️➡️➡️ https://верхневилюйск-газета.рф/v-yakutii-zapuskayut-besplatnye-avtobusy-dlya-detej-iz-mnogodetnyh-semej/ #Годсемьи
#ааҕардьиэкэргэн #Годсемьи

Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо бибилэтиэкэтэ улуус оскуолаларын бибилэтиэкэрдэрин кытта холбуу "Ааҕар дьиэ кэргэн. Ааҕар оҕо" саҥа бырайыактарын чэрчитинэн улууска аан маҥнай ыытыллар "Ааҕар дьиэ кэргэн- 2024" улуустааҕы күрэх бүгүн Исидор Барахов аатынан 1 нүөмэрдээх оскуолаҕа саҕаланна.

Тоһоҕолоон бэлиэтээтэххэ, бу күрэх улууспут үөрэҕириитин сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбит СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Россия үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ Мария Ильинична Лазарева сырдык аатыгар уонна Россияҕа дьиэ кэргэн сылыгар ананар.

Дьүүллүүр сүбэҕэ оҕо бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ Антонина Алексеевна Семенова, оҕо бибилэтиэкэтин бибилэтиэкэрэ Екатерина Револиевна Семенова, бибилэтиэкэ электроннай ресурсаларын салайааччыта Екатерина Петровна Долгаева үлэлииллэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#ааҕардьиэкэргэн #Годсемьи

"Ааҕар дьиэ кэргэн-2024" күрэххэ барыта 8 дьиэ кэргэн: Дүллүкүттэн Васильевтар, М. Алексеев аатынан лицей-интернаттан Михайловтар, 1 нүөмэрдээх оскуолаттан Николаевтар, Кэнтиктэн Федотовтар, Тамалакаантан Федоровтар, улуустааҕы гимназияттан Чаҕылысовтар, Намтан Тойтоновтар уонна Хороттон Николаевтар күөн көрсөллөр.

"Биһиги дьиэ кэргэммит" бэйэ дьиэ кэргэнин билиһиннэрии, саха, нуучча литературатыттан ыйытыктарга хоруй, анаграмма оонньуута, хоһоон тылбааһа, сахалыы, нууччалыы өс хоһооннору сааһылааһын, буктрейлер (кэтэхтэн күрэх) курдук түһүмэхтэргэ тыҥааһыннаах киирсиилэр саҕаланнылар.

Билии баар - бараммат баай! Кыттааччыларга барыларыгар ситиһиини, ким күүстээх, билиилээх кыайарыгар баҕарыаҕыҥ!

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#ааҕардьиэкэргэн #дьиэкэргэнсыла #годсемьи

«Ааҕар дьиэ кэргэн» улуустааҕы күрэх түмүгэ таҕыста. Ол курдук, барыта 8 дьиэ кэргэн кыттыыны ылбытыттан “Кэрэни кэрэхсиир дьиэ кэргэн” – Тойтоновтар (П.Н. Тобуруокап аатынан Нам орто оскуолата), “Сахалыы куттаах дьиэ кэргэн” – Федоровтар (Тамалакаан орто оскуолата), “Көлүөнэнэн ааҕар дьиэ кэргэн” – Федотовтар (Кэнтик орто оскуолата), “Тобуллаҕас толкуйдаах дьиэ кэргэн” - Николаевтар (В.Г. Чиряев аатынан Хоро орто оскуолата), “Ааҕыы аргыстаах дьиэ кэргэн” - Чагылысовтар, (Үөһээ Бүлүү, Д.С. Спиридонов аатынан улуус гимназията) номинациялар хаһаайыннарынан буоллулар
.

Онтон 1 миэстэни Васильевтар (Дүллүкү орто оскуолата) ылан Лазаревтар бириистэринэн -- 10000 солк., 2 миэстэни Николаевтар (И. Н. Барахов аатынан 1 №-дээх орто оскуола) ылан 5000 солк. уонна 3 миэстэни Михайловтар (М.А. Алексеев аатынан лицей-интернат) ылан 3000 солк. наҕараадаланнылар.

«Үөһээ Бүлүү» хаһыат
#годсемьи #годдетства

🔸🔸🔸Саха Республикатыгар “Оҕо сылын” уонна Россияҕа “Дьиэ кэргэн сылын” чэрчитинэн, CӨ Үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтэ 2024 сыл муус устар ыйынааҕы бирикээһигэр олоҕуран, “ДеТвоРа – детство, творчество, развитие” күрэх балаһыанньатыгар тирэҕирэн, “Моя семейная фотоистория” Де-блокка Үөһээ Бүлүүтээҕи 6-с нүөмэрдээх “Солнышко” уһуйаан историятын ааҕан-үөрэтэн баран кыттарга соруммуппут. ➡️➡️➡️

https://верхневилюйск-газета.рф/detvora-kyreh-kyajyylaahtar-isteriger-solnyshko-uhujaan-die-kergettere/
#Годсемьи

🔸🔸Бүгүн Оҕо искусствотын оскуолатыгар дьоллоох түгэн тосхойдо, ол курдук, самодеятельнай композитор, мелодист, ССРС Култууратын туйгуна, общественнай корреспондент Николай Иванович Бойлохов төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах кини аатын сүгэр Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо искусство оскуолатын киэҥ уораҕайын тиэргэнигэр Николай Бойлохов сырдык мөссүөнүн көрдөрөр өйдөбүнньүк мэҥэ бэлиэ үөрүүлээх арыллыыта буолла. ➡️➡️➡️ https://верхневилюйск-газета.рф/nikolaj-bojlohov-syrdyk-messyenyn-kerderer-ejdebynnyk-mene-belieni-aryjdylar/
#Годсемьи

Бүгүҥҥү дьиэ кэргэн форумугар элбэх оҕолоох, ыччат иитиитигэр сүдү кылааттарын, олоххо көхтөөх позицияны тутуһар күн-күбэй ийэлэргэ улуустааҕы "Ийэҕэ махтал" бэлиэни туттардылар. Наҕараадалары улуус баһылыгын солбуйааччыта Анна Уларова туттартаата.

Маны таһынан, холобур буолуох олохтоох Боотулууттан Розалия Лазаревна, Алексей Алексеевич Николаевтар дьиэ кэргэттэрэ 50 сыл бииргэ олорбут бэлиэлэрин туттулар.

ЗАГС салайааччыта Татьяна Кардашевская Бочуот кинигэтигэр илии баттатар долгутуулаах түгэннэрин үллэһиннибит.

Улуус мунньаҕын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Николаев форум кыттыылаахтарын эҕэрдэлээн туран, бука бары түмсүүлээх буоларбытыгар ыҥырда.

@uoheebuluu
#үөрүүлээхсонун #Годсемьи

Саха өрөспүүбүлүкэтигэр биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылын түмүктүүр тэрээһинэ Дьокуускайга ахсынньы 13 күнүгэр буолла. “Семья – отражение жизни” 1-кы өрөспүүбүлүкэтээҕи суруналыыстар куонкурустарын СӨ үлэтин уонна социальнай сайдыытын министиэристибэтэ тэрийэн ыытта.

Онно биһиги хаһыаппыт 1-кы категориялаах редактора, СӨ Бэчээтин туйгуна Галина Васильева “Сүрэхпэр – сүрэҕиҥ сылааһа” суруйуутунан “Бастыҥ очерк” номинацияҕа кыайыылааҕынан ааттанна! 👏👏👏

Күндү коллегабытын ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит, айымньылаах үлэҕэр өссө үрдүк ситиһиилэри! 🎉🎉🎉💐💐💐
https://верхневилюйск-газета.рф/v-yakutii-nagradili-pobeditelej-i-respublikanskogo-konkursa-zhurnalistskih-rabot-semya-otrazhenie-zhizni/