Үөрүүлээх чаас түмүктэммитин кэнниттэн медицинскэй кылаас үөрэнээччилэрин икки ардыларыгар куонкурус ыытылынна.
Ол курдук, "Сердечно-легочная реанимация", "Прием Геймлиха", "Повязка "Чепец", "Повязка "Дезо", "Патронаж медицинского брата на дому" диэн түһүмэхтэргэ тыҥааһыннаах киирсиилэр буоллулар.
Күрэхтэһии ордук үс улахан быраас, профессордар кыраҕытык кэтээн олордохторуна ыытыллыбыт буолан, оҕолор барахсаттар олус долгуйдулар, баардарынан-суохтарынан эппиэттээтилэр, суһал туттууларын көрдөрдүлэр, билиилэрин тургуттулар.
Түмүккэ Ахмед Романовиһы кытта атах тэпсэн олорон кэпсэтиигэ үөрэнээччилэр кини олоҕун, үлэтин-хамнаһын туһунан араас ыйытыктары биэрдилэр.
Бэйэтин кэс тылыгар сүдү быраас, киэн туттар биир дойдулаахпыт Ахмед Романович кини аатын сүгэр медицинскэй кылаас үөрэнээччилэрин кытта ыкса ситимнээхтик үлэлэһиэм диэн тылын биэрдэ уонна талыахтаах идэлэригэр муҥура суох тулууру, бар дьон убаастабылын ылар улахан быраас буолалларыгар баҕа санаатын тириэртэ.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

#көрсүһүү
🔸Сэтинньи 14 күнүгэр, Саха сирин медицинатын Россияҕа, Европаҕа тиийэ ааттаппыт, биһиги Ороһубутуттан төрүттээх, медицина билимин доктора, профессор, Ахмед Романович Варфоломеев 85 сааһын ылар үөрүүлээх түгэнин үллэстэ, Саха сирин үтүөлээх бырааһа Пантелеймон Александрович Семенов арыалдьыттаах, олус истиҥ, сэргэх сэһэргэһии, оруннаах, туһалаах кэпсэтии буолан ааста.
➡️➡️ https://верхневилюйск-газета.рф/ahmed-varfolomeev-biir-dojdulaahtaryn-kytary-keryste/

#үбүлүөй
⭐️ Үтүөлээх быраас үтүө күнүн бэлиэтиибит
Норуоттар икки ардыларынааҕы Европа Академиятын "Золотая корона" уордьан кавалера, РФ үрдүкү профессиональнай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үтүөлээх бырааһа, Үөһээ Бүлүү улууһун, Балаҕаннаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, ХИФУ бочуоттаах бэтэрээнэ Ахмед Романович Варфоломеев үбүлүөйдээх 85 сааһын бэлиэтиир уопсастыбаннас кыттыылаах үөрүүлээх тэрээһин улуус дьаһалтатын аактабай саалатыгар буолла.
Улуустааҕы киин балыыһа үлэһиттэрин "Сиккиэр" ырыа ансаамбыла балыыһа гиимнин ыллаан үөрүүлээх тэрээһини саҕалаатылар. Маргарита Анисимова салайааччылаах М.А.Алексеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт 8-с кылааһын үөрэнээччилэрэ Ахмед Варфоломеев "Дьол хоһоонун" ааҕан иһитиннэрдилэр.
Улуус салалтатыттан, доруобуйа харыстабылын бэтэрээннэриттэн, улуустааҕы киин балыыһа коллективыттан, нэһилиэктэр баһылыктарыттан, улуус тэрилтэлэрин салайааччыларыттан, үөрэппит оҕолоруттан Ахмед Романович туһунан этэр тыл эриэккэһэ, эйэҕэһэ этилиннэ.
Эҕэрдэ бастыҥын, маанытын, махтал истиҥин хомуйар күнүгэр кини киһи быһыытынан ураты майгытын, үлэлээн ааспыт чаҕылхай кэмнэрин бэрт истиҥник ахтан-санаан аастылар.

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM