Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22.1K photos
4.37K videos
9 files
3.89K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
🇷🇺 Поздравляем вас с Днём народного единства! Этот день напоминает нам о силе сплоченности и единства нашего народа. Пусть в наших сердцах всегда живёт дух дружбы, взаимопомощи и уважения друг к другу.

Желаем вам крепкого здоровья, счастья и благополучия! Пусть каждый из нас внесёт свой вклад в построение светлого и гармоничного будущего для нашей страны. Вместе мы сильнее!

С праздником!

📲 Подпишись на @ulusmedia
🇷🇺С Днем народного единства! Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн!

Этот день важен для всех нас, для каждого россиянина и якутянина. Он воплощает мощь и стойкость нашей страны, которая заключена в нашем многонациональном народе и в каждом отдельном его гражданине. На протяжении веков мы строим своё государство, побеждая и двигаясь вперед.

Пусть единство, вера в собственные силы и стремление к общим целям ведут нас к новым достижениям. Уверен, что наша великая Россия будет только крепнуть, а Якутия, как её неотъемлемая часть, продолжит поступательное развитие и движение вперёд вместе со всей страной!

В этот праздничный день желаю всем счастья, благополучия и успехов! Мы вместе, а значит мы – сила! Когда мы едины – мы непобедимы!

t.iss.one/aisen_nikolaev
Ытыктабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһун дьоно-сэргэтэ!

Эһигини Норуот Cомоҕолоһуутун күнүнэн итиитик-истиҥник «Үөһээ Бүлүү улууһа» муниципальнай оройуон дьаһалтатын аатыттан уонна тус бэйэм ааппыттан эҕэрдэлиибин!


Сомоҕолоһуу күнэ - норуот түмсүүтүн кэрэһилиир бэлиэтэ буолар.

Үөһээ Бүлүүлэр сомоҕолоохпутунан, түмсүүлээхпитинэн күүстээхпитин бэлиэтээн, быйылгы 2024 сылы Түмсүү сылынан биллэрбиппит. Доҕордоһуу, үтүө сыһыан, төрөөбүт дойдуга таптал, сомоҕолоһуу көмөтүнэн бары биир санааннан салайтаран сайдыыга, саҥа үрдэллэргэ дьулуһабыт!

Сомоҕолоһуу уонна түмсүү – бу чэчирии сайдыы төрүөтэ буолар.

Норуоппут биир сомоҕо, түмсүүлээх буоллаҕына эрэ кэлэр көлүөнэбитигэр көҥүл, иллээх-эйэлээх, инникигэ эрэллээх олоҕу хааччыйар кыахтаахпыт.

Норуот сомоҕолоһуутун күнэ үтүө быһыы, үтүө санаа, чугас дьоммут туһугар кыһамньы бэлиэтэ буоллун.

Эһиэхэ уонна дьиэ кэргэҥҥитигэр чэгиэн доруобуйаны, дьолу-соргуну, эйэни, үтүө санааны, этэҥҥэ буолууну уонна бары саҕалааһыннаргытыгар ситиһиилэри баҕарабын!


Эҕэрдэни кытта, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга, В.В. Николаев.

#ДеньНародногоЕдинства

t.iss.one/ValeriNikolaev
Тест: хорошо ли вы знаете народы России

🇷🇺Россия является многонациональным государством, на территории которого проживает свыше 190 народов: татары, башкиры, чуваши, чеченцы, эвенки и многие другие.

🪆Каждая из этих национальностей имеет свою уникальную историю, традиции и язык.

Насколько хорошо вы знакомы с обычаями и культурой народов, живущих в России?

Проверьте свои знания, пройдя тест от Улус.Медиа.

📲 Подпишись на @ulusmedia
🔹🔺🔹🔺🔹🔺🔹🔺🔹🔺
*Үөһээ Бүлүүгэ Оптуорунньук-доруобуйа күнэ*
🔹🔺🔹🔺🔹🔺🔹🔺🔹🔺
*Сэтинньи 5 күнүнээҕи программа*


*«Үс Хоһуун» стадион манеһа*
🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹
*08ч.30м.* - САРСЫАРДААҤЫ СЭРЭЭККЭ
АҺАҔАС ААН КҮНЭ - манежка, спорт саалатыгар босхо дьарыктаныы, маастар кылаастар:
БУУЛДЬАНАН ЫТЫЫ (Карадчин Л.В.)
ГИИРЭ СПОРДА (Кардашевскай Н.С.)
ЧЭПЧЭКИ АТЛЕТИКА (Софронов Н.В.)
ХАБЫЛЫК, ХААМЫСКА
б.н. 89142373099
〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️
*50 лет ЯАССР уулусса бүтэр уһуга ("Мааппа" маҕаһыын аттыгар)*
🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹
*10ч.00м.-15ч.00м.* - КӨҺӨ СЫЛДЬАР МЭДИССИИНИСКЭЙ КОМПЛЕКС (диспансеризация)
Сарсыардаттан аччык искэ уопсай анализ, ЭКГ, хаан баттааһынын, харах ис давлениетын кэмнээһин уо.д.а.
б.н. 89142343476
〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️
*Олоҥхо дьиэтэ*
🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹
*14ч.30м.* - "ДОРУОБУЙАМ БЭЙЭМ ИЛИИБЭР"- ( лектор Алексеева С.Т)
*15ч.00м.* - "ОҺУОХАЙ ТЭТИМИГЭР УЙДАРАН" - чэбдигирдэр оһуохай (Гурьева Л.В.)
*16ч.00м.* - ТЫЫННААХ ДОРҔООН ДОҔУҺУОЛУНАН МЕДИТАЦИЯ
*17ч.00м.*- ЭТИ-ХААНЫ, ӨЙҮ-САНААНЫ ЧЭБДИГИРДЭР КОУЧ-ЙОГА (тренер-волонтер Захарова С.П.)
*18ч.00м.*- ЗУМБА ФИТНЕС-ҮҤКҮҮ (тренер Былкова И.Р.)
б.н. 89142636728
〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️
*Устуоруйа уонна этнография түмэлэ*
🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹
*16ч.00м.* - фитобар: ЭМТЭЭХ ОТТООХ ЧЭЭЙДЭРИ АМСАЙЫЫ (дегустация)
б.н. 89142330291
〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️
*Киин бибилэтиэкэ*
🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹
*09ч.00м.* - ЧЭБДИГИРДЭР СҮҺҮӨХ ГИМНАСТИКАТА (тренер Вера Андреева)
б.н. 89142927753
〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️
*Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэ*
🔹🔻🔹🔻🔹🔻🔹🔻🔹🔻
*15ч.00м.* - Уйулҕа тренинэ
б.н. 89679112124
🔹🔺🔹🔺🔹🔺🔹🔺🔹🔺
🏃🏻‍♀️🏋🏻⛹🏻‍♂️🏌🏻‍♀️🤾🏻‍♂️⛹🏻‍♀️🤼🧘🏻‍♀️⛷️🏂
#вторникденьздоровья
#верхневилюйск
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
👫👭👬Бүгүн Үөдүгэйдээҕи култуура киинигэр Сомоҕолоһуу күнүнэн оҕотуттан оҕонньоругар тиийэ тоҕуоруһа мустан үүттээх чэйи иһэ - иһэ, арыылаах алаадьыны амсайдылар.

Саҥа сатабылларга үөрэннилэр, саахыматтаан, теннистээн да ыллылар.

Эмтээх үүнээйи чэйдэрин истилэр, араас дойду сувенирдарын, үгүс сылларга мунньуллубут коллекциялары өөр да өр астына көрдүлэр.

Чэ, быһата, чахчы Сомоҕолоһуу күнэ буолла. Сиһилии видеоҕа киирэн көрүҥ, биһигинниин бииргэ буолуҥ 😍😍😍👍🙌

#Үөдүгэйсонуннара
#Сомоҕолоһуукүнэ
#түмсүүсыла
Космонавты с МКС поздравили россиян с Днем народного единства

🇷🇺👨🏻‍🚀Работающие на МКС российские космонавты Алексей Овчинин, Александр Горбунов и Иван Вагнер поздравили россиян с Днем народного единства.

Космонавты уверены, что благодаря единству и силе духа можно преодолеть любые трудности, сделать все для процветания и успеха страны.

@ulusmedia
Сахаларга былыр былыргыттан муҥха тэрээһинэ бэйэтэ улахан бырааһынньык буолар.

Сэтинньи 4-с күнүгэр норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө "Үөһээ Бүлүү улууһа" муниципальнай оройуон дьаһалтата Ороһу нэһилиэгин Өтөхтөөх күөлүгэр улууспутугар Түмсүү сылын чэрчитинэн "СОМОҔОЛОҺУУ МУҤХАТЫН" тэрийдибит.


Бу күн уопсайа эр киһилиин, дьахтардыын, кырдьаҕастыын, оҕолуун барыта 380-ча киһи сырытта.

Кэлбит дьону барыларын итии миининэн, чэйинэн улуус дьаһалтатын үлэһиттэрэ көрүстүлэр.

Муҥха иннигэр Алгыс тылы эттэ - Үөһээ Бүлүү улууһун бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэсэдээтэлэ Иван Егорович Чычахов. Алгыс кэннэ кэлбит бар дьон кытыан от буруотунан ыраастаннылар.

Муҥхаҕа кэлбит дьон ким тугу сатыырынан үөрэ-көтө, сытыытык, сымсатык туттан көхтөөхтүк үлэлээтилэр. Улахан дьону кытта оскуола саастах оҕолорбут эмиэ тэбис-тэҥҥэ сылдьыспыттара улахан хайҕабыллаах. Оҕолорбутун эр дьон көмүс хатырыктаах хайдах бултанарын үөрэттилэр. Ыччаттарбыт аҕа көлүөнэни кытта тэҥҥэ сылдьан, саха омук сатабылыгар үөрэнэллэрэ, бултка, балыкка сысталлара элбэҕи эрэннэрэр.

Муҥха түспүт эбэтэ кэлбит дьону маанылаата, Күөх Боллох тойон “мичик” гынна, бэрткэ диэн көмүс хатырыктааҕыттан бэристэ.

Бу муҥхаттан ирээт балык Үөһээ Бүлүү улууһуттан анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарбытыгар ыытарга анаан Кыайыы пуондатыгар туттарылынна.

Улуус дьаһалтатын муҥхатыгар кэлэн кыттыыны ылбыт биир дойдулаахтарбытыгар көхтөөх, түмсүүлээх үлэҕит иһин махтанабыт!

#Муҥха2024
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
#планерка

Улуус дьаһалтатын нэдиэлэтээҕи былаанныыр сүбэ-мунньаҕа Дапсы дьыктаанын суруйууттан саҕаланна.

Төрөөбүт ийэ тылбыт хараанньыта, сахалыы саҥабыт дорҕоонун эмчитэ, лиҥкибиис- учуонай Дапсы - Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп төрөөбүт күнүн - «БИҺИРЭМ ТЫЛ» күнүн көрсө Галина Попова - Санаайа "Ис хоһоон" диэн төрүт култуураны үөрэтэн билэр дьоҥҥо көмө буолар кинигэтиттэн быһа тардыыны тэрилтэ салайааччылара, улуус дьаһалтатын үлэһиттэрэ суруйдулар.

Дьыктааны М.А.Алексеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интернат саха тылын уонна литературатын учуутала Маргарита Николаевна Анисимова ааҕан суруттарда.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Култуура уонна духуобунай сайдыы департаменын салайааччыта Айталина Мойтохонова нэдиэлэтээҕи тэрээһиннэри билиһиннэрдэ.

Сарсын, сэтинньи 6 күнүгэр, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Уурааҕынан Дьокуускай куоракка иккис өрөспүүбүлүкэтээҕи антифашистскай форумун пленарнай мунньаҕа буолар. Манна улуус аатыттан улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга уонна дьиэ кэргэн политикатыгар солбуйааччыта Анна Уларова уонна Дьиэ кэргэн, ыччат салаатын салайааччыта Аяна Кардашевская быһаччы кыттыыны ылаллар.

Бу күн эбиэт кэннэ 16:00 чаастан "Киновер" саалаҕа форум мунньаҕа быһа холбонууга тахсыаҕа. Сэҥээрэр дьон кыттыыны ылыаххытын сөп.

Алтынньы 6 күнүгэр "Триумф" киинэ бүтэһик сеанса көстүөҕэ. Көрө илик дьон киэһэ 18:00 чаастан куоттарбакка көрүҥ диэн ыҥыраллар.

Сэтинньи 9 күнүгэр Сомоҕолоһуу күнүгэр анаммыт нэдиэлэ чэрчитинэн анал байыаннай дьайыыга көмө оҥорор аахсыйа Олоҥхо дьиэтигэр сарсыарда 10:00 чаастан саҕаланыаҕа. Бу күн таһырдьа тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар хаһаайыстыбалара эт атыытын тэрийиэхтэрэ.

Күнүс 14:00 чаастан улуус киинин тэрилтэлэрин атыы-эргиэн дьаарбаҥката тэриллиэҕэ.

Киэһэ 17:00 чаастан "Своих не бросаем" аахсыйа кэнсиэрэ туруоҕа. Бу күннээҕи аахсыйа көмөтүнэн киирбит үп анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар байыастарга көмө оҥорорго ананыаҕа.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

«Сахатранснефтегаз» Үөһээ Бүлүүтээҕи учаастагын үлэтин туһунан салайааччы Иван Захаров иһитиннэрдэ.

Бу күннэргэ 1С бырагыраама үлэлээбэккэ төлөбүрү оҥорууга харгыстары таһаарбыт.

Социальнай гаастааһын бырагырааматынан 2022 сылтан саҕалаан улуус үрдүнэн 50 ыал техническэй усулуобуйа дуогабарын оҥотторон, үбүнэн көмөнү туһанан баран күөх төлөн систиэмэтин холбоппокко олороллор.

Бу бырагырааманан быйылгы сылга 28 ыалга күөх төлөн киллэрии былаана бэриллибитэ. Күн бүгүн уопсайа 93 дуогабар оҥоһуллан турар. Онтон 70 ыал гаастанна.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү" pinned «📰📰📰Убаастабыллаах улууспут олохтоохторун, нэһилиэктэр баһылыктарын, тэрилтэлэр, общественнай түмсүүлэр салайааччылара, болҕойуҥ!📰📰📰 Улуус историятын кэрэһитинэн буолбут, олоҕун-дьаһаҕын толору сырдатар соҕотох хаан-уруу “Үөһээ Бүлүү” хаһыакка сурутууну тэтимирдэр…»
#планерка

Ойуур баһаарын умуруорууга үлэ төлөбүрүн туһунан Үөһээ Бүлүүтээҕи «Якутлесресурс» ГАТ филиалын салайааччыта Алексей Захаров иһитиннэрии оҥордо.

Быйыл сайын Үөһээ Бүлүү улууһун сиригэр уопсайа 31 ойуур баһаара тура сырытта. Манна улуус, нэһилиэк дьаһалталара тэрийбит мобилизацияларын көмөтүнэн барыта 1056 киһи тахсан ойуур уотун умуруорууга илиинэн үлэлээбитэ. Итиэннэ 142 тиэхиньикэ түүннэри- күнүстэри сырытта.

Бүгүҥҥү күҥҥэ илиинэн үлэлээбит дьон күнүнэн аахсыбыт хамнастара барыта төлөнөн бүппүт. Оттон тиэхиньикэнэн тахсан үлэлээбит олохтоохтор хамнастара ахсынньы ыйга диэри төлөнөрдүү докумуоннара бэлэмнэнэн бүтэн эрэр. Уопсайа 43 мөлүйүөн 335 тыһыынча солкуобай суумалаах хамнас бу үлэҕэ ааҕыллыбыт.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM