Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22.1K photos
4.37K videos
9 files
3.89K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#уһуйаан #СПО

🏃‍♂️ Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум спорт саалатыгар 6 №дээх "Солнышко" уһуйаан иитээччилэрэ "Ийэм, аҕам уонна мин - чөл олоҕу өрө тутабыт" ыҥырыылаах Саха сиригэр оҕо аймах, Россияҕа Дьиэ кэргэн сылларыгар аналлаах спортивнай күрэҕи ыыттылар.

Күрэххэ уопсайа 3 ыал кытынна, ол курдук Эрхан Левин, Климентий Григорьев, Ильдар Николаев төрөппүттэрин уонна убай, эдьий.

Дьүүллүүр сүбэ Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум физкультураҕа учуутала Лев Васильевич Саввинов уонна "Солнышко" уһуйаан төрөппүт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Уруйдаана Уйгурова сыаналаатылар.

Оҕолор уонна төрөппүттэр билиилэрин, сатабылларын киллэрэн туран, үөрэ-көтө оонньоотулар, оҕо саастарын санаатылар. Күрэх түмүгүнэн "Ильдар и команда" бастаата, "Звездочкалар" иккис, "Дружба" хамаанда бочуоттаах үһүс миэстэ ыллылар. Кыайыылаахтар мэтээл кэттилэр, бириистэринэн наҕараадаланнылар.

Техникум салалтатыгар уонна коллективыгар уһуйаан коллектива махталларын тиэрдэллэр. "Ил-эйэ эҥэрдэстин, байылыат олоҕу баҕарабыт. Түгэнинэн туһанан Ийэлэр уонна Аҕалар күннэринэн "Солнышко" коллектив аатыттан итии истиҥ эҕэрдэ этэбит" - дииллэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#уһуйаан

🏃‍♂️ "Аленушка" уһуйааҥҥа төрөппүттэр уопсай мунньахтара

Үөһээ Бүлүү улууһун Сэбиэтин дьокутаата Александра Михайлова сэбиэдиссэйдээх 1989 сылтан тэриллэн үлэлиир "Аленушка" оҕо сайдар киинэ 52 үлэһиттээх. Сэттэ бөлөҕүнэн 22 педагог үлэлиир, ол иһигэр логопед, психолог курдук сэдэх идэлээх педагогтар логопедическай бөлөххө мөлтөх саҥалаах оҕолору кытта ыкса дьарыктаналлар. Илиитигэр дьоҕурдаах оҕолору көрөн ылан туой буорунан дьарыктыыр улууска ураты эбии дьарык куруһуога үлэлиир. Ааптар бырагыраамата оҥоһуллан бу сыл бүтэһигэр күн сирин көрүөҕэ.

"Оҕо быраабын туһунан кэпсэтиэххэ" диэн тиэмэлээх сэтинньи 6 күнүгэр тэриллибит төрөппүт уопсай мунньаҕар 2022 сылтан саҥа ананан үлэлээн эрэр Үөһээ Бүлүү улууһугар оҕо быраабын боломуочуйалааҕа, бу уһуйааҥҥа иитиллэн тахсыбыт Гаврил Волков "Оҕо бырааба - төрөппүт эбээһинэһэ" диэн тиэмэнэн кыттыыны ылла.

Иитиллээччилэр уйулҕа өттүнэн чөл туруктарыгар анаммыт ыйга ыытыллар тэрээһиннэр чэрчилэринэн үөрэх управлениетын психолого-педагогическай сулууспатын сэбиэдиссэйэ, эмиэ бу уһуйааҥҥа иитиллибит, билигин бу уһуйааҥҥа иитиллэр оҕолордоох элбэх оҕолоох ыал ийэтэ Мария Спиридонова "Педагогтар уонна төрөппүттэр түмсүүлэрэ бииргэ үлэлэһии түмүгэр уйулҕа өттүнэн куттала суох эйгэни хааччыйыы" туһунан бэсиэдэлээтэ.

Оттон үөрэх управлениетын логопедическай арыаллааһынын сүрүн специалиһа Любовь Алексеева "Оҕо саҥарар саҥатыгар, тылын сайдыытыгар кэһиллии" диэн аныгы гаджет үйэтигэр иитиллэн тахсан эрэр оҕолор ортолоругар сытыытык турар боппуруоска кэпсэтиини ыытта.

Төрөппүттэргэ оҕо сааһынан уратыларын, хайа сааһыгар туох-ханнык хамсаныылары оҥоруохтааҕын, ханнык тыллары саҥарыахтааҕын, хайа өйдөбүллэри билиэхтээҕин быһаарда.

3 сааһыгар кэлэн оҕо чуолкайдык саҥарбат, тыл оннугар илиитин-атаҕын, хамсаныы көмөтүнэн туһанан бэйэтин наадатын быһаарсар буоллаҕына, саҥарар эрээри өйдөммөт буоллаҕына төрөппүт долгуйара тоҕоостоох. Маннык түгэҥҥэ логопед көмөтө быһаччы наадатын умнумаҥ.

Төрөппүт оҕотун кытта сахалыы чуолкайдык саҥаран кэпсэтиэхтээх, күннээҕи олоҕу токкоолоһон сэһэргэһиэхтээх. Оҕону кытта күннэтэ дьарыктаныахтаах. Кинигэтэ ааҕыҥ, остуоруйата кэпсэтиҥ, бииргэ оонньоһуҥ.

Статистика быһаарбытынан, 4 саастаах оҕолор гаджеты туттуулара, 7 саастаах оҕолор тус телефоннаахтара уопсай көрдөрүүттэн 35% ылар эбит. Оттон оскуолаҕа киирэр саастаах оҕолор өйгө тутар дьоҕурдара мөлтөөбүтэ бэлиэтэммит.

Өр телефоҥҥа олорор оҕо 10 тылтан 6 эрэ тылын өйдөөн хаалыан сөп. Оҕо сирэйин былчыҥнара ситэри сайдыбакка хаалыахтарын сөп. Киһи саҥатын кыайан өйдөөн истибэттэр. Хорутуулаах ураты толкуйа, оҥорон көрөр дьоҕура ситэ сайдыбат. Атын оҕону кытары бодоруһарыгар, бииргэ алтыһарыгар уустуктары көрсөр.

Онон, төрөппүттэр, оҕо төрөөбүт сахалыы тылынан саҥарар саҥата сайдарыгар күннэтэ төрөппүт ыкса алтыһыыта, көмөтө, дьарыга ирдэнэрин төрүт умнумаҥ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үбүлүөй #уһуйаан

⭐️ "Кынаттаах санаалар кый ыраах көтөллөр"

Дойду үрдүнэн "Дьиэ кэргэн" Саха сиригэр "Оҕо саас", Үөһээ Бүлүү улууһугар "Түмсүү" сылларын чэрчитинэн норуот үөрэҕириитин туйгуна, методист-иитээччи, "Дети Саха Азия" фонда стипендиата, Үөһээ улууһун бочуоттаах олохтооҕо, СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ Вера Герасимовна Мачахова 85 сааһын үбүлүөйүгэр анаан айар куттаах уһуйаан үлэһиттэригэр уонна төрөппүттэригэр кистэлэҥ талааннарын арыйар, бэйэ айбыт хоһооннорун ааҕыыга улуустааҕы "Кынаттаах санаалар кый ыраах көтөллөр" диэн күрэххэ, биһиги бөлөх Хоротооҕу "Кэскил" уһуйаан иитээччилэрэ уонна төрөппүппүт Саввинова Елизавета Афанасьевна кыттыыны ыллыбыт.

Ол курдук, олохтоох хоһоон айааччыта Хоротооҕу оскуола учуутала Назарова Анна Ефимовна айбыт хоһооннорун "Бу баар курдук көрөбүн" уонна "Билигин соҕотох хаалан көрөбүн" диэн хоһоонун дорҕоонноохтук ааҕан бочуоттаах бастакы урдэл номинация ылан ситистибит.

Биһиги, иитээччилэр, Николаева Сахая Вальеревна уонна Корякина Евдокия Анатольевна хоһоон айар ураты дьоҕуру бэйэбит ааҕан биллибит. Маннык күрэхтэр тиһигин быспакка ыытыллан, өссө да айар талааннар арылла турдуннар.

Сонуннарга анаан Сахая Николаева, Евдокия Корякина

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM