#эйгэ
⭐️ "Эйгэ" тэрилтэ бастакы экскурсиятын ыытта.
М.А.Алексеев аатынан лиссиэй-интэринээт "Тоҥуочаан" лааҕырын оҕолоро Үөһээ Бүлүүбүт ытык сирдэринэн, Түгэхтэй, Төҥүргэстээх, Кыырт Дала алаастарынан сырыттылар.
Улууспут алгысчыта Трофим Миронов оҕолорго саха норуотугар ыһыах өйдөбүлүн, ыһыахтыыр сиргэ тутуулар суолталарын, ыһыах кэмигэр оҥоһуллар сиэри-туому кэпсээтэ. Туоһунан оҥоһуллубут Моҕол ураһаҕа оҕолору арчылыыр сиэри-туому ыытта.
Олоҥхо сылыгар ананан тутуллубут эбийиэктэри электрокарынан сылдьан көрдүлэр. 22 оҕо 5 салайааччыны кытта кэлэн көрөн-истэн, саҥаны билэн, айылҕаҕа сынньанан бардылар.
Алгысчыт Трофим Васильевич Мироновка уонна Норуот айымньытын дьиэтин салайааччытыгар Алена Константиновна Босиковаҕа бу тэрээһиммитигэр сүбэ-ама буолбуттарыгар "Эйгэ" тэрилтэ салалтата махталын биллэрэр.
@uoheebuluu

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍4❤1👏1
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#ыһыах
⭐️ Бэс ыйын 28-29 күннэригэр Өргүт нэһилиэгэ төрүттэммитэ 385 сылыгар, Өргүөт сопхуос төрүттэммитэ 40 сылыгар аналлаах Үрүҥ Тунах ыһыахха улуус хапсаҕайдьыттарын икки ардыларыгар ыытыллар "Күрэнчэ күрэҕэ" түһүлгэтэ ыҥырар.
Балаһыанньа быһыытынан Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх эбэтэр олохтоохтортон 3-түү киһилээх хамаанда кыттара ирдэнэр.
Кэлиҥ, көрүҥ, сэргээҥ✊✊✊
Балаһыанньа быһыытынан Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх эбэтэр олохтоохтортон 3-түү киһилээх хамаанда кыттара ирдэнэр.
Кэлиҥ, көрүҥ, сэргээҥ✊✊✊
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍2
#спорт
⭐️ Сыл устатын тухары ыытыллар Саха Сирин үөрэнээччилэрин Спартакиадатыгар Үөһээ Бүлүү хамаандата иккис миэстэни ылары ситистэ!!!
Дьокуускай куоракка 4 күннээх тыҥааһыннаах киирсиилэр түмүктэннилэр.
Финальнай күрэскэ 9 көрүҥҥэ күрэхтэстибит. Ол түмүгүнэн:
1-кы миэстэҕэ элбэх очконан бастыан бастаабыт Чурапчы улууһун хамаандата таҕыста. 2-с миэстэҕэ Үөһээ Бүлүү улууһа 3-с миэстэни Таатта улууһа ылла.
Биирдиилээн мэтээллэри билиһиннэрэр буоллахха маннык:
Бокс:
57 кг И.Барахов аатынан орто оскуола үөрэнээччитэ Кирилл Догордуров 2-с миэстэ (тренерэ Петров АГ)
Көҥүл тустуу:
46 кг. Сусанна Семенова, Үөһээ Бүлүүтээҕи спортивнай оскуолата - 3 место (тренерэ Егоров ММ)
50 кг. Эльза Новгородова, Кэнтик орто оскуолата – 3 миэстэ (Николаев АЛ)
Гиирэ спорда:
68 кг. Индиана Гаврильева, Харбалаах орто оскуолата, – 1 миэстэ (Алексеева ИЯ)
63 кг. Саша Данилов, Далыр орто оскуолата – 2 миэстэ (Данилов А.В.)
58 кг. Элеонора Павлова, Хоро орто оскуолата – 2 миэстэ (Кардашевскай НС)
58 кг. Максим Игнатьев 1 №-дээх оскуола – 3 миэстэ (Кардашевскай НС)
Мас-рестлинг
65 кг. Афанасий Яковлев, 4-с №-дээх оскуола – 3 миэстэ (Охотин ГМ)
Ох саанан ытыыга:
традиционнай ох сааҕа: Альберт Софронов, Үөһээ Бүлүүтээҕи спортивнай оскуола – 2 миэстэ (Тимофеева В.А.)
Саахымат:
2 доска Чаҕыл Чагылысов, 4-с №-дээх орто оскуола – 2 миэстэ (Семенов ВН, Донской ДД)
Оҕолорбут 1 кыһыл көмүс, 5 үрүҥ көмүс, 3 боруонса мэтээллээх кэллилэр.
Салайааччыларбытыгар, оҕолорбутугар, тренердэрбитигэр уруй, айхал!!!
Альбина Иванова

❤12👏2🎉1💯1